“Үтүө сарсыарданан” аккырыыкканы ыытыы кутталламмыт
Арассыыйа олохтоохторун түөкүннээһин саҥа көрүҥүттэн сэрэтэллэр. Чугас дьоҥҥунуун, дьүөгэлэргиниин бэйэ-бэйэни эҕэрдэлэһэр хартыыҥкаларынан саптынан, түөкүттэр социальнай ситимнэр нөҥүө кутталлаах аккырыыккалары ыытан эрэллэр.
Үчүгэйкээн куоска оҕотун хартыыҥкатын манньыйа-манньыйа аһабын диэн, фишинговай (албын) саайтка киирэн хаалыаххын сөп, дьэ онтон түөкүттэр эн дааннайдаргын хостоон барыахтара.
Маны тэҥэ аккырыыкка файл быһыытынан эмиэ кэлиэн сөп, ону көрөргө анал сыһыарыыны хачайдаа диэн этэллэр. Бу бырагырааманы туруордуҥ да, түөкүттэр бааныҥ сыһыарыытыгар таах киирэр буолаллар.
Куһаҕан санаалаахтар аймахтарыҥ, доҕотторуҥ ааттарыттан албын сыылкалаах онлайн-аккырыыккалары ыыталлар. Онон маннык кутталаах балаһыанньаҕа түбэспэт туһугар сервистэргэр барыларыгар икки түһүмэхтээх хонтуруоллуур технологияны (двухфакторная аутентификация) ностуруойкалыахха, саарбах сигэлэринэн (билэр дьонуҥ да ыыттыннар) кииримиэххэ уонна кимиэхэ да авторизация куодун этимиэххэ наада, диэн сүбэлииллэр “Касперскай лабораториятыгар”.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: