Үтүө тэрээһин
ПАВЕЛ ЦЫПАНДИН 65 СААҺЫГАР — САДУОУК ТУРНИРА!
Саҥа дьыллааҕы күннэри түмүктүү Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр СӨ Олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын бочуоттаах үлэһитэ, бэтэрээнэ, СӨ Уу хаһаайыстыбатын туйгуна, Майа сэлиэнньэтин бочуоттаах олохтооҕо, Мэҥэ Хаҥалас улууһун саахыматчыттарын федерациятын салайааччыта Павел Ионович Цыпандин 65 сааһыгар аналлаах саахымакка, дуобакка, уксааҥҥа троеборье — садуоук өрөспүүбүлүкэтээҕи турнира буолан ааста.
Сытыы өй, тобуллаҕас толкуй, сатабыллаах албас өрөгөйө манна буолла! Турнирга кытта Дьокуускайтан, Мэҥэ Хаҥалас нэһилиэктэриттэн, Хаҥалас, Нам, Уус Алдан, Чурапчы улуустарыттан күүстээх оонньооччулар кэлбиттэр. Киһи элбэх, барыта 74 киһи оонньоото.
Павел Ионович үбүлүөйүн маннык чиэстээбитэ сонун, кэрэхсэбиллээх буолла. Бар дьоно кинини чахчы ытыктыылларын, үрдүктүк сыаналыылларын туоһулаан хото мустубуттар. Үлэһит, салайааччы, уопсастыбанньык, меценат, саахыматчыт, дуобатчыт уонна киһи быһыытынан кинини үрдүктүк саныылларын туоһута буолар бу!
Павел Цыпандин икки үрдүк үөрэхтээх: бастакы идэтэ – инженер-гидротехник, иккиһэ – инженер-теплотехник. Туох да сүрдээх үчүгэйдик, сатабыллаахтык, олус чиэһинэйдик үлэлээн кэллэ. Улуус биир тутаах тэрилтэтин – олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын эҥкилэ суох салайда. Тыйыс айылҕалаах Саха сиригэр тыын салааны саахала суох үлэлэтии манан дьыала буолбатаҕа биллэр. Мэҥэ Хаҥалас курдук аартык улууһу, Майа курдук киин сэлиэнньэни хааччыйыы судургу үлэ буолбатах. Онуоха барытыгар, биллэн турар, аныгы үйэ ирдэбиллэрин, сайдыы хаамыытын тилэх уопсан истэххинэ эрэ сатанар. Хаһаайыстыбаны кэмигэр модернизациялааһын, кэми-кэрдиини тиэтэтэр инновациялары киллэрии ирдэнэр. Павел Ионович ити үлэни кыайа тутар салайааччы быһыытынан биллэр, ытыктанар.
Дьэ, оннук салайааччы киһи түбүктээх үлэтин таһынан саахымат, дуобат дьарыктаах. Оҕо сааһыттан илдьэ сылдьар дьарыга. Бэриниилээхтик, чахчы сөбүлээн дьарыктанан кэллэ. Улахан энтузиаст. Ситиһиилэрдээх. Саахымакка бастакы разрядтаах, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар чөмпүйүөннүү сылдьыбыта. Икки сыллааҕыта Саха сирин хамаандатыгар киирэн, Арассыыйа тыа сирин үлэһиттэрин кыһыҥҥы спартакиадаларыгар кыттан кэлбитэ. Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын Череповец куоракка көмүскээбитэ.
Турнир бэрт көхтөөхтүк, тыҥааһыннаахтык ааста. Чахчы үрдүк таһымнаахтык! Күүстээх оонньооччулар мустубут түһүлгэлэрэ онтон атын буолуон сатаммат даҕаны.
Турнир туһунан санаатын үллэстэригэр Мэҥэ Хаҥалас ытык киһитэ Дмитрий Васильевич Сыромятников Кэрэһиннээхтэн көрдөстүм. Кэпсиэн иннинэ бэйэтин туһунан кылгастык билиһиннэриим. Бу ытык киһини улаханнык улуутута көрдүм. Бэйэтин сааһыгар дьүөрэтэ суох эдэрчи көрүҥнээх, сытыы өйдөөх, тыллаах-өстөөх киһи буолан биэрдэ. Дуобакка аан дойду категориялаах судьуйа, бэтэрээннэргэ Аан дойду чөмпүйэнээтин биэс төгүллээх призера, Европа чөмпүйэнээтин призера, дуобакка аан дойду кубогын кыайыылааҕа, Саха сиригэр спуорт биэс көрүҥэр чөмпүйүөн, хабылык, хаамыска успуорт көрүҥнэрин быһыытынан тахсалларыгар элбэхтик сүүрбүт-көппүт киһи. СӨ успуорка, физкультураҕа үтүөлээх үлэһит, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Мэҥэ Хаҥалас улууһун биэс нэһилиэгин уонна улуус бочуоттаах олохтооҕо. Дьэ, маннык киһи сыанабыла хайдах кэрэхсэммэт буолуой! Сэргээҥ, доҕоттор!
-Павел Ионович Цыпандин 65 сааһыгар анаммыт дуобат, саахымат бырааһынньыга сүрдээх үчүгэй тэрээһиннээхтик барда. Алта улуустан кэлбиттэр уонна Дьокуускайтан, 70-тан тахса буолан оонньоотубут. Биллэр оонньооччулар сүрдээх элбэхтэр. Ол курдук, алта маастар баар. Дьахталларга өрөспүүбүлүкэҕэ тарбахха баттанар Анастасия Собакина, биһигиттэн эмиэ бэркэ оонньуур Ульяна Шишигина, Светлана Ильина, кэлин үчүгэйдик оонньоон эрэр Төхтүртэн Матрена Шарина бааллар. Оттон эр дьоннорго састаап сүрдээх күүстээх. Чэ, холобур, Чурапчыттан уруккута улахан тустуук киһи, маннык оонньууларга олус күүстээх Петр Калачев, Дьокуускайтан Семен Местников, дуобакка маастар, эмиэ өрөспүүбүлүкэҕэ тарбахха баттанар оонньооччу Павел Аргунов, саҥа көрүҥнэргэ куруук үчүгэйдик оонньуур Степан Румянцев (Уус Алдан), Дьокуускайтан дуобакка аан дойду кылаастаах маастар Илья Васильев курдук дьон бааллара үөрдэр. Покровскайтан сүрдээх күүстээх оонньооччулар бааллар: Афанасьев Исай диэн, Васильев Юрий диэн, Васильев Роман диэн. Биһиги да улууспутугар бу көрүҥнэргэ оонньуур дьон элбэх. Холобур, бүгүн манна Арассыыйа үтүөлээх тутааччыта, бу көрүҥнэргэ куруук үчүгэй көрдөрүүлээх Николай Романович Климентов оонньоото. Намтан сылдьар Кычкин Григорий маннык оонньууларга куруук таһаарыылаахтык киирсэр, өрөспүүбүлүкэҕэ инники миэстэлэргэ сылдьар киһи.
Күрэхтэһиибит тэрээһинэ наһаа үчүгэй буолла. Уонна састаап күүстээҕэ, биллэн турар, күрэхтэһии таһымын үрдэтэр. Степан Румянцев барыларын кылбардык кыайталаан иһэн тиһэх туурга Калачев Петр Николаевичка хотторон ылла.
Күрэхтэһиибит таһыма үрдүгэ бэрт буолан, чахчы күүстээхтэр, уопуттаахтар инники тахсаллар. Манна фортуна эҥин диэн оруолу ылбат. Уопут улахан быһаарыылаах.
Үйэлэрин тухары оонньообут дьон, бэтэрээннэр сүрдээх үчүгэйдик кытыннылар. Уонна биһиэхэ эдэрдэрбит бааллар. Холобур, Коля Сидоров, Ирина Николаева куруук үчүгэйдик оонньууллар. Түөрт-биэс үчүгэй эдэр оонньооччулар бааллар. Окоемов Константин диэн Уус Алдан уола баар. Биһиэхэ кэлэн өр тириэньэринэн сүрдээх таһаарыылаахтык үлэлии сылдьыбыта, саахымакка да, дуобакка да биир тэҥник күүскэ оонньуур.
Дьэ ити курдук, бүттүүн ылан көрөр буоллахха. Онон күрэхтэһии бэйэтин сыалын ситтэ. Бүгүн манна дьон хото мустубута элбэҕи этэр. Павел Ионович улахан аптарытыаттааҕын көрдөрөр, кини киһи быһыытынан, саахыматчыт, дуобатчыт, үлэһит, дьиэ кэргэн аҕа баһылыгын быһыытынан бар дьонугар холобур буоларын туоһута бу. Элбэх киһи убаастабылын, тапталын ыларын өссө төгүл итэҕэйдибит. Сүрдээх элбэх сиртэн кэлбиттэр. Биһиги онтон, биллэн турар, олус астынабыт. Күрэхтэһиибит олус үрдүк таһымҥа баран сыалын ситтэ диэн олох чуолкайдык этэбин!
Павел Ионович бэйэтэ этэринэн, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар троеборье көрүҥэр өрдөөҕүттэн сөбүлээн күрэхтэһэллэр эбит. Урукку дьылларга Петр Михайлович Стрекаловскай, Александр Романов күрэхтэһиилэрэ элбэхтик буолуталаабыттар. Дьон сөбүлээн кыттара үһү. Павел Ионович ол да иһин бу үбүлүөйдээх оонньууну тэрийбитин этэр. Күрэхтэһии саҕаланыан иннинэ кэпсэтиибитигэр Павел Ионович күүстээх оонньооччулар ортолоругар Хаҥалас хамаандатын ааттаабыта, салайааччыларын Юрий Дмитриевич Яковлевы бэлиэтээн туран. Уус Алдан ОДьКХ-тан Павлов Дмитрий Дмитриевич салайааччылаах үс бэрэстэбиитэл баарын, үчүгэйдик ооньуулларын эппитэ. Уус Алдан чулуу оонньооччута Румянцев Степан ааспыкка Хаҥаласка икки гроссмейстер кэнниттэн үһүс миэстэни ылбытын бэлиэтээбитэ. Хаҥаласка маннык күрэхтэһиилэр сылын аайы ыытыллаллар эбит. Чурапчыттан сылдьар Калачев П.Н. дэгиттэр оонньооччу буоларын тоһоҕолоон эппитэ. Мэҥэ Хаҥалас күүстээх оонньооччуларын ааттаталаабыта, олор ортолоругар Сыромятников Дмитрий Васильевич, Климентов Николай Романович, Каплин Милентий Иосифович, Птицын Петр Михайлович бааллар.
Спортсменнары сэргэ күрэхтэһиигэ Дьокуускайтан Павел Ионович куорат 2-с №-дээх орто оскуолатыгар бииргэ үөрэммит доҕотторо кэлэн эҕэрдэлээтилэр. Олортон Васильева Гликерия маннык күрэхтэһиилэргэ куруук да кытта үөрүйэх, оттон Федорова Ольга урукку дьылларга саахымакка, дуобакка умсугуйан оонньуурун санаан, күрэхтэһиигэ кэккэ кыайыылаах уонна тэҥнэһиилээх оонньоон сүрэхтэниини ааста.
Дьэ, онтон кыайыылаахтары быһаарар долгутуулаах түгэн тирээн кэлэр. Кыайыылаахтары Павел Ионович бэйэтэ биллэрдэ.
Дьахталларга:
I миэстэ – Матрена Шарина (Мэҥэ Хаҥалас),
II миэстэ – Ольга Иванова (Мэҥэ Хаҥалас),
III миэстэ – Аграфена Брызгалова (Мэҥэ Хаҥалас),
IV миэстэ (биһирэбил бириис) – Анастасия Собакина (Чурапчы).
Эр дьоннорго (70 саастарыгар диэри):
I миэстэ – Роман Седалищев (Чурапчы),
II миэстэ – Илья Васильев (Хаҥалас),
III миэстэ – Константин Окоемов (Уус Алдан),
IV миэстэ (биһирэбил бириис) – Павел Скрябин (Мэҥэ Хаҥалас).
Бэтэрээннэргэ:
I миэстэ – Петр Калачев (Чурапчы),
II миэстэ – Николай Климентов (Мэҥэ Хаҥалас),
III миэстэ – Анатолий Афанасьев (Дьокуускай),
IV миэстэ (биһирэбил бириис) – Афанасий Алексеев.
Анал бириис Дмитрий Васильевич Сыромятниковка (Мэҥэ-аҥалас) туттарылынна.
Күрэхтэһии муҥутуур кыайыылааҕынан эрэллээхтик бастаабыт Степан Румянцев (Уус Алдан) буолла!
Майа дьаһалтатын анал бириистэрэ Петр Калачевка (Чурапчы), Дмитрий Павловка (Уус Алдан), Юрий Яковлевка (Хаҥалас) туттарылыннылар.
Түмүккэ Павел Ионович ааспыт күрэхтэһиилэргэ хаҥаластар хамаандалара күннээн-күөнэхтээн сылдьыбытын, оттон бу сырыыга чурапчылар уонна уус алданнар күннэрэ тахсыбытын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Муҥутуур кыайыылаах Степан Румянцев турнир туһунан санаатын бу курдук үллэстэр:
—Павел Ионович Цыпандин 65 сыллаах үбүлүөйүгэр анаммыт сүрдээх үчүгэй күрэхтэһии буолла. Кэлиэхтээх дьон бары кэлбиттэр. Тэрээһинэ ааттаах үчүгэй. Мин оонньуум бастакыттан да олус табыллан, эриэ-дэхси баран бастаатым диэххэ сөп, Ионовичтан үтүө тыллары истэн сүрдээҕин үөрдүм-көттүм. Мэҥэлэртэн Павел Ионовичтыын, Николай Романовичтыын куруук да хатыһан оонньуур буоллахпыт, хайа да күрэхтэһиилэргэ саамай кинилэргэ суоттанан тиийэбин. Быйылгы күрэхтэһиини Павел Ионович бэйэтэ ыытар буолан кыттыбата, ол иһин миэхэ 30 бырыһыан курдук лаппа улахан чэпчэтиини оҥордо дии саныыбын.
Үбүлүөй, үбүлүөй… Үбүлүөй да араастаах. Павел Ионович олоҕун биир түһүмэҕин бэлиэтиир күнүгэр өркөн өй өрөгөйүн, чөл олох умсулҕанын пропагандалаабыта кэрэхсэбиллээх!
Манна таарыйа диэн эттэххэ, кини курдук дьон баар буоланнар, саха оҕолоро успуорт интеллектуальнай көрүҥнэригэр сөҕүмэр ситиһиилээхтэр. Сэтинньи ыйга оҕолорбут Турцияҕа баран дуобат норуоттар икки ардыларынааҕы турнирыгар мэтээли барытын хомуйан кэлбиттэрэ, баара-суоҕа 18 саастаах Тунаара Федорова аан дойду чөмпүйэнээтигэр кыайда. Уопсайынан, сахалар 64 харахтаах дуобакка аан дойдуга инники күөҥҥэ тахсыбыттара ыраатта, 100 харахтаах дуобакка даҕаны тахсан испиттэрэ, билигин биллэрин курдук балаһыанньанан, билиҥҥитэ кыттар кыахпыт суох. Саха айылҕаттан мындыр, онон киниэхэ дуобат, саахымат саамай сөптөөх көрүҥнэр.
Дьэ, ити курдук, үтүөкэннээх тэрээһинтэн бары да олус астынан тарҕастыбыт. Павел Цыпандин 65 сааһын бэлиэтиир дьоро күнэ саха омук кэскилин түстэһэр биир дьоһуннаах тэрээһининэн буолла диэтэхпитинэ омун буолуо суоҕа.
Валерия ТЕМЕНХОН,
Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.
Ааптар хаартыскаларга түһэриитэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: