Үтүө үгэс олохсуйбут сиригэр
Бээдигэ үтүө үгэс олохсуйбут сирэ. Кыратык ыраахтан саҕалаатахха маннык.
Саха оҕото сааны адьаһын кыра эрдэҕиттэн сүгэр. Холобур биир бэйэм аҕам 16 калибрдаах доруоп саатын 5 кылааска үөрэнэр сылбар соспутум. Санныбар сүктэхпинэ прикладынан сиргэ соһуллара, тимир ботуруоннары иитэн биэрэллэрэ. Саннын астарыа диэн сэрэнэн буораҕын уонна доробуонньугун нуорматын аҥаарын эрэ аччатан иитэллэрэ. Миигиттэн биир сыл аҕа таабарыспынаан Жирков Петялыын өрөбүллэргэ түбэһиннэрэн кустуу барарбыт. Үчүгэй кэмнэр этилэр.
Ол курдук көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн кэлбит саха норуотун үтүө үгэһэ биһиги бээдибитигэр чөл хааллаҕа. Оччоттон баччаҕа диэри бөһүөлэк дьоно бултуйдахтарына ыалларынан сылдьан кэһии оҥостон түҥэтэллэр. Ол үгэстэрэ атыттарга үтүө холобур буолуохтун. Ол курдук, бу Ньукуолуну көрсө бөһүөлэк куска бултуйбут эр дьонноро сүбэлэһэн бараннар ыалларынан кэрийэн бултаабат дьоҥҥо куста амсайыҥ диэннэр, кустарын түҥэттилэр. Бултаабат өттө бэлэм дьиэлэригэр кэлэн биэрбит кэһиилээх булчуттарга махталлара улахан.
Бээдигэ булт диэн баран муннукка ытаабыт киһи элбэх. Онон үтүө үгэс үйэлэргэ суолтата сүппэт уонна атыттарга холобур буола туруо диэнинэн бу кыракый суруйуубун түмүктүүбүн.
Иван Сивцев — Бээди.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: