Үтүө үлэһит киһи аата умнуллубат

Share

Бүгүн, Нам улууһун биир киэн туттар киһитэ, 1979-1988 сс. Норуот дьокутааттарын оройуоннааҕы сэбиэтин исполкомун бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит Василий Никифорович Жирков төрөөбүтэ 85 сылын туолла.

Василий Жирков Нам улууһун социальнай-экономическай сайдыытыгар сыратын-сылбатын ууран туран сүдү кылаатын киллэрбит киһинэн буолар. Намҥа көһөн кэлиэн иннинэ Миниистирдэр сэбиэттэригэр көмөлөһөөччүнэн үлэлээбитэ. Кини инструкторынан, ССКП обкомугар үрдүкү салайааччыларга тутуу салаатыгар, тыа сирин тутуутун салайсыбыт буолан, билиитэ-көрүүтэ киэҥ, баай уопуттаах этэ. Тутааччы үөрэхтээх буолан, сатабыллаах салайыытынан улууска гаастааһын, суол тутуута көдьүүстээхтик быһаарыллыбыта. Ону сэргэ улуус киинин генеральнай былаанын схематын бигэргэттэрбитэ эмиэ биир улахан үлэнэн буолар.

Нам улууһугар оччолорго Нэлэгэр бааһынаҕа 1983 сыллаахха гааһы тарҕатар ыстаансыйа тутуллубута. Ол кэмтэн ыла гааһы тарҕатар пууннар тутуллан, гаас ситимнэрэ тардыллан, 1985 сыллаахха дьиэлэргэ күөх төлөн киирбитэ. Бу үлэҕэ барытыгар Василий Никифорович сыралаах өҥөтө бэрт улахан.
Тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр биир ураты болҕомтону уурара. Быраҕыллыбыт сирдэри, сайылыктары сөргүтүү, чөлүгэр түһэрии үлэлэрэ күүскэ ыытыллыбыттара. Совхозтар үлэлэрэ бэрт тэрээһиннээхтик ыытыллан, үгүс ситиһии кэлбитэ, Нам улууһа өрөспүүбүлүкэҕэ элбэхтик бастыҥынан ааттаммыта.
Салайааччы өрөбүлү аахсыбакка улууһум туһа, дойдум туһа диэн үлэлиирэ. Нэһилиэнньэни кытта алтыһан кэпсэтэрэ, кинилэр санааларын, этиилэрин истэрэ. Кыһалҕаларын быһаарыыга ис дууһатыттан кыһаллара. Каадырдары иитэн таһаарыыга эмиэ улахан болҕомтотун уурара. Бэйэтин кэмигэр аҕа сүбэһиттэрдээх буолан, эдэр оҕолорго куруук сүбэ-ама, холобур буолара.

Киһи быһыытынан олус элэккэй, сытыары сымнаҕас киһи этэ диэн үөлээннээхтэрэ ахталлар. Кэллэктиибигэр ытыктанар үтүө киһи этэ. Оттон тапталлаах кэргэн, амарах аҕа быһыытынан эмиэ олус кыһамньылаах, оҕолоругар, сиэннэригэр истиҥ сыһыаннаах этэ диэн дьиэ кэргэнэ ахтар-саныыр.
Нам улууһун сайдыытыгар сүҥкэн кылааттаах киһи үтүө аатын үйэтитэргэ улууска үгүс үлэ ыытыллар. 1999 сыллаахха төрөөбүтэ 60 сылыгар Нам сэлиэнньэтигэр «Север-1» кыбаарталга Сосновай уулуссаҕа Василий Жирков аата иҥэриллибитэ. Олорбут дьиэтигэр мемориальнай дуоска ыйаммыта. Тутааччы күнүн чэрчитинэн Василий Жирков аатынан уулуссаҕа мемориальнай дуоска туруорарга сыал-сорук турар.

Василий Никифорович улууһун туһугар үгүс элбэҕи оҥоруохтааҕын, ситиһиэхтээҕин дьылҕа хаан ыйааҕа кытаанах буолан, хомойуох иһин, олох эдэрчи сааһыгар биһиги кэккэбититтэн туораабыта. Кини сиппэтэҕин, толорботоҕун оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ ситэриэхтэрэ, толоруохтара диэн Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Водоканал Мархаҕа уу турбатын ситимин тутуу бырайыагын олоххо киллэрэн саҕалыаҕа

Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл түмүгүнэн “Водоканал” АУо үпкэ-хаһаайыстыбаҕа үлэтин түмүгүн көрөр мунньахха, Дьокуускай…

28 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Билгэлэр: итэҕэй-итэҕэйимэ

Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар.…

37 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

АЛРОСА төрүт норуоттар нэһилиэстибэлэрин харыстааһыҥҥа көмөлөһөр

АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын  кытары хардарыта бииргэ…

47 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ судаарыстбаннай тэрилтэлэрин үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын үлэтин сыаналаата

Ил Дархан Айсен Николаевы кытта көрсүһүүгэ судаарыстыбаннай тэрилтэлэр уонна уопсастыбаннай хааччыйыы үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын биэс…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Горнай улууһун Бэс Күөлүгэр отчуокка үгүс киһи санаатын үллэһиннэ

Бу күннэргэ улуустарга баһылыктар отчуоттара саҕаланнылар. Бэҕэһээ Горнай улууһун салалтата Солоҕон уонна Мытаах, бүгүн Бэс…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Кыайыы знамята» Алдан улууһугар тиийдэ

Бүгүн, тохсунньу 15 күнүгэр, Уус Маайа улууһа "Кыайыы знамята" өрөспүүбүлүкэтээҕи эстэпиэтэни Алдан улууһугар туттарда. "Кыайыы…

2 часа ago