Кулун тутар 27 күнүгэр, Тыйаатыр аан дойдутааҕы күнүгэр, САССР үтүөлээх артыыһа, сэбиэскэй киинэ артыыһа Степан Емельяновка аналлаах мемориальнай дуоска баар буолла.
Степан Емельянов олорбут Петровскай уулусса 3 №-дээх дьиэтигэр мемориальнай дуосканы ууруу сиэригэр-тумугар Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын кэлэктиибэ, култуураҕа уонна ускуустубаҕа бииргэ үлэлээбит дьоно, биир дойдулаахтара уонна доҕотторо муһуннулар.
Степан Иннокентьевич туһунан СӨ норуодунай артыыһа, Саха тыйаатырын дириэктэрин солбуйааччы Анатолий Николаев, Саха тыйаатырын дириэктэрэ, СӨ үтүөлээх артыыһа Петр Макаров, Степан Емельянов уола Игорь Емельянов уо.д.а. ахтан-санаан аастылар.
САССР үтүөлээх артыыһа, сэбиэскэй киинэ артыыһа, Саха сирин тыйаатырдарын уһулуччулаах диэйэтэлэ Степан Емельянов Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын 1983-1998 сылларга салайбыта. Кини дириэктэрдиир кэмигэр тыйаатыр аан дойду билиниитин, ССРС Судаарыстыбаннай бириэмийэтин ылбыта, омук сиригэр гостуруоллар саҕаламмыттара.
Тыйаатырга «Күкүр Уус» (Бииктэр), «Күн күөрэйиэн иннинэ» (Лутули), «Хараҥа түүн» (Яковлев), «Тиэриллибит кырыс» (Яков Лукич), «Нэркэс» (Байтемир), «Макбет» (Банко) уо.д.а. оруоллары чаҕылхайдык оонньообута.
Көрөөччүлэр кинини «Шаман», «Залив счастья», «Семен Дежнев», «Срочно… Секретно… Губчека» уо.д.а. киинэлэргэ оруолларын умнубаттар.
«Сахалыы судургутук өйдөөтөххө, кырдьыга, артыыс идэтэ артыыс буола оонньооһун буолумуна, атын дуо? Ол туһунан мин үөрэҕэ суох ийэм, үйэтин тухары ынах ыаччы дьахтар улахан уола анаан-минээн үрдүк үөрэхтээх артыыс буолан кэлээт, тапталлаах ийэтин бэйэтин оонньуур испэктээгэр ыҥыран көрдөрбүтүгэр олох уот харахха этэн турар:
«Талан ылбыт идэҥ да баар, ыал буола оонньооһун», -– диэбитин мэлдьи өйдүүбүн. Биллэн турар, биһиги туох баар билиибит-көрүүбүт сыыһа, арыый үөрэхтээх дьоҥҥо майгынныыр буолбуппут барыта М.Щепкин аатынан училище учууталларын өҥөтө уонна оччотооҕу Хрущовскай ириэрии кэминээҕи Москуоба барахсан күүстээх сабыдыала холбоһон дьайбыттара мөккүөрэ суох, чахчы буоллаҕа дии…», -– диэн Степан Емельянов 2005 сыллаахха «Билинэбин, ити мин этим» диэн кинигэтигэр суруйан турар.
Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…
Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан икки киһи сүппүтүн туһунан суһал иһитиннэрии…
Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…
Сэтинньи 19-23 күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…
Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…
Былыр-былыргыттан сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…