Салгыы
Ытык дьоммут алгыстарынан

Ытык дьоммут алгыстарынан

Ааптар:
14.08.2023, 18:05
Бөлөххө киир:

Хас биирдии эпоха уонна общество сайдыытын хас биирдии кэрдииһэ бэйэтэ туспа дьоруойдардаах, лиидэрдэрдээх, инникилээн иһэр бэлиэ дьонноох. Олортон биирдэстэрэ саха норуодунай суруйааччыта, Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун Үрдүкү Айар сэбиэтин чилиэнэ, СӨ Духуобунаһын Академиятын вице-президенэ, Кытай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтин Госсоветын иһинэн Бүттүүн Кытайдааҕы “Лао Цзы” научнай уопсастыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Николай Алексеевич Лугинов атырдьах ыйын 14 күнүгэр 75 сааһын туолла.

Билиҥҥи кэм духуобунай элиитэтин чаҕылхай, айар талааннаах уонна далааһыннаах личностарыттан биирдэстэрэ. Бөдөҥ уонна орто кээмэйдээх прозаҕа кини гениальнай айымньылара суох XX-XXI үйэ саха литературатын сатаан санаабаккын. Николай Лугинов хабар тиэмэтинэн, историятынан, кэминэн, чэрчитинэн киэҥинэн, дириҥинэн саха литературатыгар эрэ буолуо дуо, анал үлэлээхтэр сыанабылларынан киһи-аймах уус-уран литературатын классига, аан дойду литературатын биир бөдөҥ уонна киэҥник биллэр прозаига буолар.

 Николай Алексеевич Лугинов – СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, СӨ бочуоттаах олохтооҕо, «Алжир на перекрестках культур мира» Аан дойдутааҕы литературнай бириэмийэ лауреата, «Большая литературная премия России»  Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун  бириэмийэтин (2001), П.А. Ойуунускай аатынан СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин (2013), Вячеслав Шишков аатынан литературнай бириэмийэ (Тверь, 2009), Расул Гамзатов аатынан литературнай бириэмийэ (Дагестан, 2013), «Прохоровское поле” бириэмийэ (2013), Эдуард Володин аатынан “Имперская культура” бириэмийэ ( Москва, 2014), И.А. Гончаров аатынан норуоттар икки ардыларынааҕы литературнай бириэмийэ ( Ульяновскай, 2017), лауреаттара,  Омор Султанов поэзиятын норуоттар икки ардыларынааҕы общественнай Академиятын бочуоттаах бэлиэтин (2012) хаһаайына, Аан Дойдутааҕы Түүрдэр Академияларын чилиэнэ, Омор Султанов аатынан норуоттар икки ардыларынааҕы Академиятын дьиҥнээх чилиэнэ. СӨ Бэрэсидьиэннэрэ М.Е. Николаев, В.А. Штыров, Е.А. Борисов сүбэһиттэрэ.

Кэбээйи өҥ буордаах, ньүөл кырыстаах. Кураан дьылларга Кэбээйигэ дойду сириттэн от сии бараллара.

Николай Алексеевич Кэбээйи улууһун Тыайатыгар Аҕа дойду сэриитин кэнниттэн төрөөбүт-үөскээбит киһи. Аҕата Алексей Давыдович Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылааҕа, 1947с. дойдутугар эргиллибитэ. Кэлбитэ дьоно хоргуйан, күүстэрэ өһүллэн, сирэйдэрэ дарбайа иһэн олоророллоро. Ону Күндээдэ диэн Тыайа күөлүгэр балыктатан өлөр өлүүттэн быыһаабытын көҥүлэ суох муҥхалаата диэн суукка үҥсээччи көстүбүтэ. Хата, Игнатий Семенович Бочкарев диэн Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, судьуйа үҥсээччини “балыксыттары сатаан тэрийэн үлээлэппэккэ олорор” диэн бэйэтин иэҕэн дьыала тохтообут. Аҕата өр кэмҥэ сэбиэт, холкуос бэрэссэдээтэлэ  этэ. Ийэтэ Екатерина Николаевна – асчыт. Ийэтинэн куокуйдар. Эһэтэ Николай Егорович Полятинскай хас да холкуоһу тэрийбит, оскуолалалры туттарбыт сытыы-хотуу, хоһуун үлэһит киһи быһыытынан сыаналыыллар. Аҕыс оҕоттон  Николай убайынаан Василийдыын  ынах муоһунуу  иккиэйэх ордубуттара. Василий Алексеевич – РФ үтүөлээх учуутала, СӨ Учууталларын учуутала, “Саха-Азия оҕолоро” пуонда стипендиата этэ. Эбэтэ Өксүүн мындыр, дьоһун тыллаах-өстөөх эмээхсин эбитэ үһү.

 Николай Алексеевич Лугинов СГУ математическай факультетын, А.М. Горькай аатынан литинститут мһменэн Үрдүкү литературнай куурустары  бүтэрбитэ. Талан ылбыт идэтинэн Нөмүгү, Хатас орто оскуолаларыгар учууталлаабыта, математикаҕа үөрэппитэ, МЧС Намнааҕы салаатын салайааччытынан, Нам типографиятын дириэктэринэн, «Барҕарыы» пуондаҕа эппиэттиир сэкирэтээринэн, САССР Суруйааччыларын Сойууһун Бырабылыанньатыгар литературнай консультанынан үлэлээбитэ. Билигин П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай түмэл дириэктэрэ.

Николай Алексеевич  оҕо эрдэҕинэ, уончалааҕар кулуупка олоҥхоһуттар күрэхтэһиилэрин тэрийбиттэригэр уонтан тахса олоҥхоһут кыттан  олоҥхолообуттарын өйдүүр. Ол аата Тыайа норуот төрүт тыынын, айымньытын хойукка диэри бигэтик тутан хаалбыт нэһилиэк буоллаҕа. Оччолорго Ойуунускай аата тиллэн, сэттэ туомнаах кинигэтэ тахсыбытыгар, дьиэттэн дьиэҕэ мустан үчүгэйдик ааҕар оҕону олоҥхоһут курдук ыҥыран Ойуунускай айымньыларын аахтаран истэллэр эбит. Онтон 50-с сыллар ортолоругар репрессияламмыт таайа, суруйааччы, саха тылын уонна литературатын учуутала, РСФСР үөрэририитин туйгуна Иван Романович Петров хаайыыттан босхолонон кинилэргэ кэлбитэ. Кини сымыйаҕа буруйданан хаайыыга барарыгар алталаах уолу тобугар  көтөҕөн кэтэҕиттэн сыллаабыт уонна “хата, мин оҕом улуу суруйааччы буолуо” диэн Николай Лугинов инники дьылҕатын түстээн кэбиспит эбит. Ойуунускайы норуот өстөөҕө оҥороннор, кини солбуйааччыта, поэт Федор Григорьевич Винокуров-Даадар туоратыллан, Кэбээйигэ тиийэн үлэлии сылдьан литература куруһуогун тэрийбит. Бу куруһуоктан Тимофей Сметанин уонна Иван Петров куорсун анньынан суруйаачы буолан тахсыбыттар. Тимофей Сметанин, норуодунай худуоһунньук, скульптор Петр Алексеевич Захаров, саха бастакы идэтийбит композитордарыттан биирдэстэрэ Захар Константинович Степанов бары тыайалар, быраас идэлээх суруйааччы Василий Иннокентьевич Иванов бары Николай Лугиновтуун үйэ-хайа аймахтыылар эбит. Онон, норуот айымньытын, олоҥхо, литература, сахалыы тыын дириҥник иҥпит эйгэтиттэн силис тардан тахсыбыт буолан, дьиҥэр, чопчу чуолкай наука киһитэ, математик идэлээх киһи суруйааччы буолан үүнэн тахсыбыт эбит.

Манна даҕатан эттэххэ, кини төрөппүттэрин уһаайбатын, улааппыт дьиэтин  биир дойдулаахтарын үйэтитиҥ диэн бэлэхтээбитэ билигин музей буолан тигинэччи үлэлии турар. Николай Алексеевич төрөөбүт дойдутун кытта быстыспат ситимнээх. Кини эдьиийэ Зоя Максимова кэпсээнигэр олоҕуран суруйан үйэтиппит Таас Тумуһугар өрүү сылдьар, күүс ылар. “Саха” НКИХ уонна СӨ Духуобунаһын академиятын холбоһуктаах бырайыактарынан  «Таас Тумус күөнүгэр» норуодунай суруйааччы Николай Лугинов саха ытык дьонун, духуобунай нэһилиэстибэтин туһунан биэриилэри устууну көҕүлээн салайар.

 Николай Алексеевич Нөмүгүгэ учууталлыы сылдьан, суруйууга саҥа холоммут бастакы кэпсээннэрин көрдөрөн сыаналатаары, Дьокуускайга Суруйааччылар Сойуустарыгар кэлбитэ. Макар Хара көрсөн оччолорго литературнай консультанынан үлэлиир Күннүк Уурастыырапка киллэрбит. Норуодунай суруйааччы тэтэрээтиттэн ааҕан иһитиннэр диэбитигэр Николай Алексеевич аахпытын истэн баран: «бэрт тыллаах-өстөөх оҕо эбиккин» диэбит, нэдиэлэнэн кэлэргэ болдьоон суруйууларын илдьэ хаалбыт. Эдэр киһи тахсан истэҕинэ Семен Петрович Данилов киирэн кэлбит. Кэпсэппит, сэргээбит, киирэ сылдьар буол диэбит. Оччолорго цензура диэн кытаанаҕа. Болдьоммут кэми Николай Алексеевич долгуйа күүппүтэ. Суруйааччылар эдэр ааптар айымньыларын биһирээн, “Хотугу сулус” сурунаал 1974 сыллааҕы икки, бастакы уонна уон биирис, нүөмэригэр субуруччу бэчээттээбиттэрэ кини айар дьылҕатын быһаарбыта. Киирии тылы норуодунай суруйааччы Софрон Петрович Данилов суруйбута. Эдэр суруйааччы айымньыларын Суруйааччы Союһун бырабылыанньатыгар тута ырытан иһэллэрэ. “Суоллар” кэннилэриттэн “Сэргэлээххэ” айымньытын суруйбута. Сотору соҕуруу эдэр суруйааччылар VI-c мунньахтарыгар ыыппыттара. Дьэ ити курдук, саха литературатыгар Николай Лугинов диэн саҥа аат баар буолбута.

Кэргэнин, Нам  оройуоннааҕы кэмитиэтин II-с сэкирэтээрэ Наталья Егоровна Терехова дойдутугар, Намҥа олохсуйан олордохторуна, бастакы айымьыларын ааҕан биһирээн, анаан-минээн Дьокуускайтан аатырбыт профессор Георгий Прокопьевич Башарин бэйэтинэн тахсан соһуппута. Ирэ-хоро сэһэргэһэн, улаханнык хайҕаан, сүбэ-соргу биэрэн, алҕаан барбыта. Аны айымньыларын профессор, университет бастакы ректора Авксентий Егорович Мординов хайҕаабыта. Биирдэ Авксентий Егорович университет преподавателлэриттэн Николай Лугинов саҥа сэһэнин аахпыттарын дуу, суоҕун дуу ыйыппытын туһунан учуонай Егор Егорович Алексеев суруйааччыга эппит, “Дьэ, доҕоор, эмиэ саҥа айымньыны суруйан киһини мөхтөрө сыстыҥ” диэбит. Дьэ ити курдук Николай Алексеевич саха ытык дьонун алгыһын ылан, санаата көтөҕүллэн, литература суолугар үктэнэн, иннин диэки эрэллээхтик айаннаабыта.

Олоҥхоһут олоҥхотун истээччилэр “ноо” диэн сэргээтэхтэринэ өссө тэптэн барарыныы, эдэр суруйааччы айымньытын тута ааҕар, уустугу, чулууну өйдүүр, ырытар, сыаналыыр таһымнаах ааҕааччы баар буоллаҕына эрэ литература сайдарын үгүстэр бэлиэтииллэр. Кинини саха мындыр дьоно сонно бэлиэтии сыаналаан, анаан болҕомтолорун ууран, иитэн-үөрэтэн, такайан маннык суруйааччыны иитэн таһаардахтара.

Николай Алексеевич Лугинов саха литературатын классиктарын дьоһун салҕааччы.

“Кэпсээннэртэн” саҕалаан, суруйааччы “Сэргэлээххэ”, “Нуоралдьыма чараҥар”, “Мэндиэмэннэр”, “Түһүлгэ” кинигэлэрэ тахсан саха ааҕааччытын кэрэхсэбилин ылан испиттэрэ. “Сэргэ”, “Суор”, “Кустук”, “Таас Тумус” дириҥ философиялаах киһи   аахпыты эрэ умсугута тардар притча, баллада айымньыларын отутун туола илигинэ суруйталаабыт. “Таас Тумус” омук тылынан тылбаастанан сахалартан аан бастакынан “Алжир на перекрестках культур мира” аан дойдутааҕы литературнай бириэмийэни ылар үрдүк чиэстэммитэ. Н.А. Лугинов айымньылара кырдьык, туспа турукка киллэрэр түгэхтээх, поэзия курдук проза. Кэм-кэрдии, аан ийэ дойду, улуу куйаар ити айымньыларга күүскэ дьүһүйүллэр. Николай Лугинов ити өйдөбүллэри дьиктитик бэйэтигэр сатаан тэҥҥэ дьүөрэлээн иҥэриммит уратылаах. Ол уратыта өссө дириҥээн эпическэй болотуналары — “Чыҥыс Хаан ыйааҕынан” “Улуу хууннар”, “Уларыйыы кэмэ” романнары суруйбута. Историческай романнары суруйуу туспа уратылаах. Ол кэмнээҕини барытын үйэн-хайан, чинчийэн-үөрэтэн, архыып докумуоннарын, баар суруйуулары, чахчылары барытын билэн, араас утары көрүүлэри ыйааһыннаан ырытан-ыраҥалаан баран ылсарыҥ элбэх бириэмэни, сыраны-сылбаны эрэйэр буоллаҕа. Норуодунай суруйааччы тыһыынчанан үйэлэр дьапталҕаларын арыйан, хасыһан историяны, этнографияны, эпостары үчүгэйдик үөрэтэн, тыллары тэҥнээн уонна саха тылын байытан туспа тиэрминнэри киллэрэн тылдьыт оҥорон бу сүдү айымньылары суруйда.

Бу  планетарнай таһымнаах, аан дойдуну атыйахтаах уулуу аймаабыт Чингис Хаан уонна киһи-аймах историятын туһунан философскай айымньылар. Николай Алексеевич аан дойдуну киэҥник көрүү сахаҕа олоҥхоттон саҕаланар диир. Өксөкүлээх “Ойуун түүлэ”, Ойуунускай “Улуу Куданса”, “Соломуон муударай”, “Александр Македонскай” курдук планетарнай  таһымнаах айымньылары суруйбуттара. Олоҥхоҕо орто дойду дьоно араас омукка, үрүҥҥэ-хараҕа арахсыбакка, бары  Күн айыы оҕолоро дэнэр. Билигин “кэлии омукпут”, эбэтэр “манна үөскээбит омукпут” дэһэбит.  Дьиҥэр, аан дойду хамсыы, буккулла турар, үөскүөҕүттэн биир сиргэ олорбут омук суох. Биһиги төрүттэрбит саамай чугастара – хууннар, хууннартан үөскээбит түүрдэр былыр көс омуктар, улуу көһүүнү оҥорбут омуктар. Сахалар – хотугу түүрдэрбит, чугаһынан түүр омук суох. Биһиги кинилэртэн ситимэ суох хантан түүр омуга буолан олоруохпутуй диир Николай Алексеевич.

Сэрии туһунан Николай Алексеевич үгүһү үөрэппитэ. Дэлэҕэ, Арассыыйа Байыаннай наукаларын академиятын президенэ, Армия генерала Махмут Ахметович Гареев үрдүктүк сыаналыа, байыаннайдар остуолларын кинигэтэ оҥостоллоругар этиэ дуо. Сэриини утарбыккыттан эйэ бэйэтинэн баар буолбат түгэннэрэ баар. Олох баарын тухары сэрии баар. Түҥ былыр да баара, быйыл да баар… Түбэһиэх киһи, түбэһиэх омук санаата даҕаны аан дойдуну сэриилээн ылбат. Онно аан дойду дьылҕатын оҥорор үөһээ күүстэр орооһоллоро буолуо диэн санаалаах Николай Алексеевич. «Чыҥыс Хаан, монгуоллар киһи-аймах сайдыытыгар улахан кылааты киллэрбиттэрэ. Империя, баһылыга өлбүтүн кэннэ икки сүүс-үс сүүс сыл олорбута бу дьаһал, бу олох быһыыта түркүүт сүүһүнэн омугун ылыннарар буолан өр кэмҥэ олоҕурбута. Аҕыс сүүс сыл ааспытын да кэннэ ити олохтоммут улуу тутул тыына баар”, — диэн турардаах суруйааччы.

Норуодунай суруйааччы айымньыларыгар Арҕааҥҥы, колониальнай империяттан чыҥха атын Илиҥҥи киһиэхэ киһилии сыһыаннаһар империя сокуоннарын чинчийбитэ. Николай Алексеевич этэринэн Илиҥҥи, миссионерскай империя Евразия түгэҕиттэн үөскээн кэлбитэ, бу идеяны өр кэмнээх историяҕа биир политическэй уонна духуобунай дириҥ культуралаах араас норуоттар иитиэхтээн илдьэ кэлбиттэр.

Чыҥыс Хаан романынан А.С.Борисов “Тайна Чингис Хаана” киинэни устубута аан дойду прокатыгар тахсыбыта. Н.А. Лугинов “Таас Тумус” айымньытыгар олоҕуран Любовь Борисова “Надо мною солнце не садится” диэн киинэни устубута араас бириэмийэлэри ылбыта.  Николай Лугинов айымньылара үгүс омук тылыгар тылбаастанан Тываҕа, Польшаҕа, Бурятияҕа, Сербияҕа, Кытайга, Кыргыз, Казах Өрөспүүбүлүкэлэригэр кинигэлэрэ тахсыбыттара. Араас омуктар идэлээхтэрэ, бас-көс интеллектуаллара, ааҕааччылара Николай Лугинов нууччалыы уонна атын омук тылларынан тылбаастаммыт айымньыларын ааҕан баран, сахалар наһаа да талааннаах суруйааччылаах, наһаа да үрдүк таһымнаах литературалаах эбиккит диэн сөҕөллөр, ымсыыраллар. Сүдү ыраахтан көстөр дииллэр. Ол да иһин кытай курдук улуу омук суруйааччы Николай Алексеевич «Улуу хууннарын» ааҕан баран үрдүктүк сыаналаан,  КНӨ Госсоветын иһинэн Бүттүүн Кытайдааҕы “Лао Цзы” научнай обществотын бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан талбыттара.

Николай Лугинов драматическай театр сайдыытыгар эмиэ кылаатын киллэрбитэ. Саха литературатын классига А.И. Софронов туһунан “Алампа Алампа”, судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэл М.К.Аммосовка аналлаах “Бырастыы” драмалары суруйбута. Суруйааччы айымньыларынан “Кустук”, “Улуу Хууннар” П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай уонна Хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар тыйаатырдарын сценаларыгар испиэктээхтэр турбуттара.

Дьиҥнээх литература диэн ыарахан, илистиилээх үлэ. Буолаары буолан историческай романы суруйар буоллаххына. Түҥ былыргы үйэлэр түгэхтэрин түөрэн, олорон ааспыт личностары уйгуурдан, көбүтэн  ыатаран таһаарыы, бука, ыарахан буолуо. Кинилэр өйдөрүгэр-санааларыгар өтөн киирэн, ырытан-ырыҥалаан өйдөөн, хаамтарар санаатахха даҕаны манан ахан дьыала буолбатаҕа чахчы. Бэтэрээнэн,  түбэһиэх  киһи, инчэҕэй эттээх эрэ уйбат, талыллыбыт эрэ аналлаах киһи кыайар сүгэһэрэ. Сэбиэскэй кэмҥэ суруйааччылары идеологическай фронт, үлэ байыастарынан ааҕан, кинилэр үлэлэригэр сыһыан, сыанабыл чыҥха атына. Билигин гонорар ылыах буолуохтааҕар, кинигэлэрэ бэчээттэнэр эбэтэр тылбаастанар үбүн суруйааччылар бэйэлэрэ төлөөн таһаарар кэмнэригэр бөдөҥ айымньылары суруйарга  киһи санаата да кэлиэ суох курдук. Ол эрээри талыллыбыт личность, күүстээх айар үлэ туохтан да иҥнэн-толлон, тохтоон, хаҥнан-уостан хаалбат.  Николай Лугиновка литература — эбээһинэс, иэс эрэ диэн буолбатах, бу дьиҥнээх сулууспалааһын.

Норуодунай суруйааччы тылга кодтаммыт санаа баарын, тыл мээнэҕэ бэриллибэтин, Үрдүк Айыы таҥара тыла, үөһээттэн бэриллэрин, талыллыбыт дьон идиэйэлэри тыл көмөтүнэн олоххо киллэрэллэрин туһунан этэр. Литература эрэ буолбатах, далааһыннаах барыта тылынан оҥоһуллар. Литература киһиэхэ, түгэх мэйиигэ дьайар күүһэ улахан. Литература киһи өйүгэр-санаатыгар дьайар, киһини иитэр, ол аата олох мөссүөнүн оҥорор сүдү күүстээх.

Араас эпоха, икки атах араас өрүттэрин сырдатан кэпсиир кырдьыктаах, норуодунай уонна кэрэ ускуустуба эрэ киһи аймах баайа буоларын Николай Алексеевич Лугинов баай айар үлэтэ өссө төгүл бигэргэтэр.

Николай Лугинов туох баар өйүн-санаатын, күүһүн-уоҕун, олоҕун литература алтаарыгар ууран кэллэ. Суруйааччы уонна салайааччы, тэрийээччи, бөдөҥ деятель быһыытынан. Быыс кэмҥэ Саха сирин Суруйааччыларын Сойууһун Бырабылыанньатын тэрийэр-айар үлэтигэр уонна суруйааччылар общественнай-политическай олоххо кыттыыларыгар ыраах кэскили түстээһиҥҥэ уонна утарынан кыһалҕаны быһаарыыга тэҥҥэ дьүөрэлээн үлэлэспитэ. Дэлэҕэ даҕаны, Амма Аччыгыйа кинини таптаан «оҕо тойоммут»  диэн ааттыа дуо. Олохпут тутула, өрөспүүбүлүкэбит бүтүннүү уларыйар саҥа кэмигэр Суруйааччылар Сойуустарын бэрэссэдээтэлэ С.П. Данилов сүҥкэн суолталаах политическай дьайыылары оҥорбута. 1986 сыллааҕы саха норуотун национализмҥа буруйдуур уурааҕы көтүттэрэр иһин турууласпыта. Суруйааччыллар суверенитеппыт бөҕөргүүрүн туһугар турууласпыттара. Николай Лугинов Конституциябытын бэлэмниир 11 киһилээх бөлөххө киирэн үлэлээбитэ. Онтон Конституцияны тылбаастыыр бөлөҕү салайбыта. Онно суруйааччылар Софр.П. Данилов, С.И. Тарасов, В.Е. Васильев-Харысхал, учуонайдар А.Е. Мординов, Е.Е. Алексеев, В.Н. Иванов быһаччы кыттан, үгүс саҥа терминнэри сахатыппыттара.

Оччолорго  күннээҕи туттар малбыт-салбыт, аспыт-үөлбүт кинигэ сыанатынааҕар хас эмэ бүк ыараабыт, дойду үрдүнэн олох ыараханыттан, ааҕааччы кэрэхсэбилэ намтаабытыттан, суруйааччы айар үлэтэ сыаналаммат буолбут кэмигэр Н.А.Лугинов литература норуот духуобунай аһылыга буоларын быһыытынан, эккэ-үүккэ курдук кинигэ тахсыытыгар, тарҕаныытыгар судаарыстыбаннай өйөбүлү, суруйааччылар  айымньыларын нуучча, английскай о.д.а. тылларга тылбаастаан киэҥ араҥаҕа таһаарыыны туруорсубута. Кини  Арассыыйа суруйааччыларын Сойууһун хос бэрэссэдээтэлин быһыытынан ол санаатын ыһыктыбакка, былааннаахтык олоххо киллэрэн, «Писатели  земли Олонхо» диэн сиэрийэнэн Саха сирин классиктарын, суруйааччыларын айымньыларын нууччалыы тылбаастаммыт кинигэлэрин уонна нуучча суруйааччыларын айымньыларын таһааран кэллэ. Оҕолорго аналлаах Таҥара кинигэтин — Библияны тылбаастаһан, саха оҕолоро Ытык суруйууну төрөөбүт тылларынан ааҕар, билэр кыахтаммыттара. Манна даҕатан эттэххэ, Николай Алексеевич  ытык текстэри саха тылыгар тылбаастааһын епархиальнай хамыыһыйатын түлэтигэр өр кэмтэн үлэлэһэр.

Норуот суруйааччыта норуот тыынын ойуулаан тиэрдээччи эрэ буолбатах, норуот культуратын, ускуустубатын, духуобунай сайдыытын тирэҕин оҥорон биэрээччи буолар. СӨ бастакы Бэрэсидьиэнэ М.Е.Николаев 1996 с. Духуобунас академиятын тэрийэн дьиҥнээх чилиэннэр истэригэр Н.А. Лугинову талан бигэргэппитэ. Николай Алексеевич 1997 сыллаахтан бүгүҥҥэ диэри хат-хат талыллан бу уопсастыбаннай Академия үлэтин сүрүннүүр. Айар интеллигенцияны түмүүгэ, талааннаах-дьоҕурдаах ыччаты иитиигэ кини улахан оруоллаах.  Ол эрэ буолуо дуо, кини түҥ былыргы, билиҥҥи киһи-аймах төрдө буолбут норуоттар историяларын, духуобунай нэһилиэстибэлэрин харыстаан илдьэ сылдьааччы (хранитель), ону сырдатааччы буоллаҕа. Кини айымньылара киһи-аймах баайа буолан киһи аймах муудараһын храмыгар үйэ-саас киирдилэр.

Саха норуодунай поэта Семен Петрович Данилов “Кэбээйи бэлэҕэ” диэн Николай Лугиновка анаабыт хоһоонун курдук, саха норуотугар  олус да дириҥ тыыннаах , чаҕылхай талааннаах киһи төрөөн-үөскээн, айан тутан, саха норуотун  сайдыытын саҥа историческай кэрдииһигэр саха литературатын саҥа суолун солоон,  аан дойду үөмэн тиийбэт үрдүк таһымыгар таһаарда, араас омукка ааттатта, киһи-аймахха кэрэхсэттэ.

Аан дойду норуоттарын историятын, аан дойду айыллыытын, олох  оҥоһуутун  үйэлээх сокуоннарын, олох муудараһын өйдүүргэ Николай Лугинов  бөлөһүөктүү идиэйэлэрэ уонна уран санаалара, өтө көрүүлэрэ уонна дьиксиниилэрэ, сэрэтиилэрэ, эрэлэ уонна киһиэхэ итэҕэлэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ   тирэх буолар үрдүк аналлаахтар.

Валентина Бочонина

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: