Ытык киһи Егор Феофанов хоһоонун өйтөн ааҕарын сэргиэҕиҥ (видео)
Нам улууһун ытык кырдьаҕаһа Егор Михайлович Феофанов бэйэтэ суруйбут хоһооннорун өйтөн ааҕарын сөҕөн-махтайан социальнай ситимнэргэ тарҕатан тураллар.
Соторутааҕыта Нам улууһун «Отуу уота» литературнай түмсүү 55 сылыгар аналлаах айар дьон көрсүһүүтүгэр Егор Михайлович торуоскатыгар тайанан туран, икки хоһоонун эмиэ өйтөн ааҕан, барыбытын сэргэхситтэ. Кини хоһоон суруйар эрэ буолбакка, көр-күлүү, хоһооннорун ис-иһиттэн үөрэн туран ааҕара киһиэхэ ордук тиийимтиэ уонна ылыннарыылаах.
«Уон араас санаалар» диэн кинигэтиттэн 1990-с сылларга тахсыбыт уларыйыылары олус бэргэнник, сороҕор киһи да сонньуйуох курдук, оччотооҕу көстүүлэри сонуннук көрбүтүн бу баардыы санатан ааста. Ытык кырдьаҕас көрү-күлүүнү, инникигэ эрэлин сүтэрбэт буолан, олоҕун уһата, эдэрдэрдиин тэҥҥэ айа-тута сырыттаҕа.
90-с сааскар чугаһаан сылдьар Егор Михайлович, өссө да чэгиэн-чэбдик сылдьан, ай-тут, эдэрдэргэ үтүө холобур буол.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: