Ытык киһи хаһыат бырайыагын бэркэ сөбүлээбитэ…
Ем. Ярославскай аатынан түмэлгэ «Саха сирэ» хаһыат уонна бу мусуой тэрийбит быыстапкаларыгар бэрт элбэх киһи кэлэн кыттыыны ылбыта, санааларын үллэстибиттэрэ.
Кинилэр ортолоругар бу күннэргэ олохтон туораабыт музеевед, кыраайы үөрэтээччи, уопсастыбаннай диэйэтэл, Саха сирин устуоруйатын уонна хотугу норуоттар духуобунай култуураларын чинчийээччи, историческай наукалар хандьыдаата, РФ уонна СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Арассыыйа мусуойдарын Сойууһун Президиумун чилиэнэ Егор Шишигин эмиэ баара. Егор Спиридонович тапталлаах мусуойунн ыытар үлэтин кэрэхсиир буолан, бу суолталаах тэрээһини көтүппэтэҕэ. Кини бырайыак туһунан санаатын бу курдук эппитэ:
Егор Шишигин сэдэх, ураты малга-салга сыһыан туһунан санаатын маннык үллэстибитэ:
Мусуой салайааччытынан өр сылларга үлэлээбит буолан, Егор Спиридонович ыллыктаах санаатын тиэрпитэ:
Кыраайы үөрэтээччи, уопсастыбаннай диэйэтэл Егор Шишигин биир идэлээхтэригэр туһаайан «өссө да үчүгэй быыстапкалары көрөн иһиэхпит…» диэн кэс санаатын тиэрдибит эбит…
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: