Ытык Күөлгэ Кыайыы болуоссатыгар тааҥканы туруордулар

Share

Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар үгүс тэрээһиннэр ыытылла тураллар.

Бу күннэргэ Таатта улууһун киинигэр Ытык Күөлгэ  Кыайыы болуоссатыгар киирэр Аарка бырайыага  бигэргэнэн, саҥалыы эскиистэнэн тутуллуоҕа.  Суолталаах үбүлүөйгэ бэлэмнэнэн, Бурятия Өрөспүүбүлүкэтин  байыаннай чааһыттан   аҕалыллыбыт 82-лээх тааҥка Кыайыы болуоссатыгар көһөрүлүннэ. Бу улахан үлэни таатталар биир дойдулаахтара Александр Ханин  салайар «Монтажник» тутуу тэрилтэтин  үлэһиттэрэ оҥордулар.

Ол курдук, кинилэр  түөрт уон туонналаах тааҥканы икки кыраанынан көтөҕөн, олохтоох сирин буллардылар. «Онон, байыаннай тиэхиньикэ үйэлээх миэстэтин булан, болуоссаппыт биир бэлиэ тэрилинэн буолуоҕа«, — диэн улуус дьаһалтатын пресс-киинэ дьаһалта телеграм-ханаалыгар суруйда.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
3

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

2025 сылга Өлүөнэ муостатын түөрт тирэҕин туруорарга былаанныыллар

2025 сылга Өлүөнэ муостатын түөрт бөдөҥ тирэҕин туруоруохтара. Бу туһунан Саха сирин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Кирилл…

17 минут ago
  • Бэрээдэк

Социальнай ситимҥэ дьону сэнээн суруйан сууттанна

Нерюнгри олохтооҕо дьахтар административнай быраабы кэһэн, 10 тыһ.солк. кээмэйдээх ыстараабы төлүөҕэ диэн СӨ сууттарын пресс-сулууспата…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Муус устар 2 күнэ: +10 кыраадыс, инчэҕэй хаар, күүстээх тыал

Бүгүн, муус устар 2 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар +10 кыраадыс буолара, инчэҕэй хаар, күүстээх…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Харах мөлтөөһүнүн эрдэттэн сэрэтиэххэ сөп

Харах мөлтөөһүнүн эрдэттэн сэрэтиэххэ сөп диэн бэлиэтииллэр. Саха ыалын халандаарыгар (2007 с.) бу туһунан маннык…

13 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Быйыл 45 байыас дьиэтин киин ититэр ситимҥэ холбуохтара

Улуустарга байыастар дьиэлэрин киин ититэр ситимҥэ холбооһун үлэтэ салҕанар. 2025 сылга 45 дьиэни холбуур былааннаахтар.…

13 часов ago
  • Сонуннар

Иннокентий Луковцевка «СӨ киинэтин үтүөлээх тириэньэрэ» бочуоттаах ааты иҥэрдилэр

Бүгүн, муус устар 1 күнүгэр, Көр-күлүү, дьээбэ күнүнэн сибээстээн, саха киинэтин режиссердара СӨ үтүөлээх артыыһа…

14 часов ago