Ытык Күөлгэ күүтүүлээх «Дьол тааһа» искибиэр аһылынна

Ытык Күөлгэ күүтүүлээх «Дьол тааһа» искибиэр аһылынна

Ааптар:
29.08.2024, 15:00
Хаартыска: Таатта улууһун дьаһалтата
Бөлөххө киир:

Таатта улууһун Ытык Күөлүгэр «Таатта дальнобой» түмсүү, Никифор Леонтьевич Кутугутов уонна кини дьиэ кэргэнэ туппут «Дьол тааһа» искибиэрэ аһылынна.

Көһүтүүлээх тэрээһиҥҥэ улуус баһылыга Айаал Семенович Бурцев, Таатта нэһилиэгин баһылыга Егор Иннокентьевич Павлов, улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Петр Петрович Максимов  эҕэрдэ тылларын эттилэр уонна үөрүүлээх түгэнинэн наҕараадалары туттардылар. Бу туһунан Таатта улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата биллэрдэ.

«Таатта сирэ дириҥ историятынан, култууратынан эрэ буолбакка, үтүө мааны олохтоохторунан биллэр. Онон улуус урбаанньыттара «Таатта дальнобой» холобурдарынан көҕүлээн эһиилги Манчаары оонньууларыгар күүс көмө буолуохтара диэн эрэнэбин», — диэтэ улуус баһылыга Айаал Бурцев.

Кутугутовтар түмсүү уолаттарыгар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр, көмө буолбут дьонноругар махтаннылар уонна үс сыллаах үлэлэрин түмүгүн Таатта нэһилиэк олохтоохторугар бэлэх ууннулар. Бу искибиэр дьиэ кэргэттэр, ыччат сөбүлээн сынньанар сирэ буолуо диэн саарбаҕа суох. Нэһилиэк тупсарыгар сүдү кылаат киллэрбит талыы талба мааны дьонноругар махтал тылларын тиэртилэр.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
3 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: