Ытык Күөлгэ саҥа кыһа аһыллыытын өрөгөйдөөх күнэ (видео)
Өрөспүүбүлүкэ салалтата кэнчээри ыччат киэҥ билиилээх-көрүүлээх буола үүнэн-сайдан тахсарыгар сөптөөх усулуобуйаны тэрийиигэ улахан болҕомтотун уурар, инники күөҥҥэ тутар. Ол чэрчитинэн оскуолалары, уһуйааннары тутуу үлэтэ тиһиктээхтик, өрө көтөҕүллүүлээхтик салҕанар.
Бүгүн, ахсынньы 27 күнүгэр, СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Ытык Күөлгэ А.Е.Мординов аатынан саҥа кыһа үөрүүлээх аһыллыытыгар ыалдьыттаата.
Бу «Үөрэх» национальнай бырайыак иитинэн улуус киинигэр тутуллубут кыһа 450 оҕо үөрэнэригэр былааннаммыт, маны сэргэ 100 миэстэлээх интэринэттээх. Манна киэҥ-куоҥ тупсаҕай кылаастар, бэртээхэй саалалар, бибилэтиэкэ үөрэнээччилэр болҕомтолорун тардаллар, үөрэниэх, билиилэрин-көрүүлэрин өссө хаҥатыах баҕаларын күүһүрдэллэр.
Лиссиэй дириэктэрэ Изабелла Александровна Сивцева:
—Биһиги улууспутугар 1992 сыллаахха гимназия арыллыбыта. 2012 сыллаахха гимназия «А.Е.Мординов аатынан лиссиэй» буолбута. Биир тутаах уонна кэскиллээх хайысхабытынан, сорукпутунан тиэхиньиичэскэй,социальнай-экэнэмиичэскэй хайысхаларга идэлэри ыларга үөрэнээччилэри бэлэмнээһин буолар. Кыһабыт I-XI кылаастарыгар нэһилиэктэрбититтэн уонна өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан кэлэн үөрэнэллэр. Бүгүҥҥү күн туругунан манна барыта 500 кэриҥэ оҕо баар. Бу үөрүүлээх уонна ураты бэлиэ күнүнэн кэнники сылларга ситиһиилэртэн сырдаттахха, 2021-2022, 2022-2023 үөрэх дьылын түмүгүнэн кыһабыт өрөспүүбүлүкэ үс бастыҥ политиэхиньиичэскэй оскуолаларын ахсааннарыгар киирбитэ. Онтон 2024 сылга RAEX рейтининэн выпускниктарбыт киэҥ билиилэринэн, ханна да тобуллаҕас толкуйдарынан күрэстэһэр кыахтаахтарынан Сахабыт сирин бастыҥ оскуолаларын ахсааныгар (ТОП) киллэриллибитэ. Маны сэргэ, Тимченко пуондатын куонкуруһугар бырайыактарга кыттан грант ылбыппыт эмиэ таһаарыылаах үлэ-хамнас туоһутунан буолар.
Манна оҕолор дириҥ билиини-көрүүнү ылаллар, дойдуларыгар бэриниилээх патриоттар буолан тахсаллар. Биһиги аар-саарга аатырбыт улуу суруйааччыларбыт төрөөбүт дойдуларыгар лиссиэйдээхпитинэн киэн туттабыт, улаханнык үөрэбит. Муҥура биллибэт киэҥ далай куйаарга дириҥ билиилээх-көрүүлээх, мындыр өйдөөх, дойдуларын, норуоттарын туһугар үлэлииргэ бэлэм, эппиэтинэстээх дьону иитэн-үөрэтэн, такайан таһаарарга кыһаллабыт, — диэтэ лиссиэй дириэктэрэ.
Бүгүҥҥү үөрүүлээх күҥҥэ мустубут дьоҥҥо туһаайан СӨ Ил Дархана Айсен Николаев эҕэрдэтин тиэртэ. Кини тыа сирдэригэр маннык улахан тутуулар үөрэх, билии-көрүү хаачыстыбата тупсарыгар, үрдүүрүгэр улахан тирэх буолалларын бэлиэтээтэ. Кыһа үлэтэ өссө сайдарыгар, таһаарыылаах буоларыгар эрэнэрин биллэрдэ. Улуус социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар, үөрэх саҥа кыһатын тутууга кылааттарын киллэрсибит дьоҥҥо махтанна. Кэлэр да сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ оскуолалары, уһуйааннары тутууга, үөрэҕирии ситимэ сайдарыгар улахан болҕомто ууруллуоҕун эттэ.
— Бүгүн дьоһун суолталаах уонна өр кэтэспит үөрүүлээх күммүт үүннэ. Саха судаарыстыбаннай университетын бастакы ректора, өрөспүүбүлүкэбитигэр үөрэх сайдыытыгар сүдү оруоллаах ытык киһи Авксентий Мординов аатынан лиссиэй саҥа дьиэтэ аһылынна. Бу өр сыллаах туруорсуунан уонна дьаныардаах үлэнэн ситиһилиннэ. Лиссиэй — аныгы үөрэх тэрилтэтэ, өрөспүүбүлүкэбит, дойдубут иннигэр тирээн турар соруктары быһаарар кыахтаах инники күөҥҥэ сылдьар лиидэрдэри, учуонайдары, айар дьоҕурдаах уонна ситиһиилээх дьону иитэр-үөрэтэр кыһанан буолар, — диэтэ Ил Дархан.
Түөрт мэндиэмэннээх саҥа кыһаҕа сарсыардаттан үөрүү-көтүү буолла, сырдык кылаастары, «Саханефтегазсбыт» анал кэбиниэтин, куруһуоктар ыытыллар хосторун, мастарыскыайы, ааҕар саалалаах бибилэтиэкэни, социальнай педагог, психолог хосторун, уруһуй устуудьуйатын, душтанар сирдээх успуорт саалатын кэрийэн көрөн, санаа атастаһан кэлэктиип үлэлиэх, айыах-тутуох баҕата өссө күүһүрдэ. Интэринээккэ эмиэ бэртээхэй усулуобуйа тэриллибит диэн үөрэллэр. Манна киэҥ-куоҥ куукуналаахтар, таҥастарын-саптарын сууйар, куурдар, өтүүктүүр, малларын-салларын уурар хостордоохтор.
Кэнчээри ыччат сайдарыгар, үрдүктэн-үрдүккэ эрэллээхтик, дохсуннук дабайарыгар кыһамньы күүһүрэр, улаатар.
Анна Посельская хаартыскаҕа түһэриитэ, видеоҕа устуута.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: