Ытык кырдьаҕас 100 сааһын туолла!
Наум Трифонович Слепцов Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыбыт бэтэрээннэртэн биирдэстэрэ. Кини кулун тутар 8 күнүгэр 1924 сыллаахха Таатта улууһугар Чөркөөххө төрөөбүт.
Чурапчытааҕы педагогическай училищеҕа үөрэҕин түмүктээн, Чөркөөх оскуолатыгар интэринээккэ иитээччинэн үлэлээбит. Сэрии саҕаланыытыгар убайа Баһылай фроҥҥа бастакынан барбыт. Оттон Наум сааһа ситэ илик буолан, тылламмытын үрдүнэн сэриигэ ыыппатахтар.
1945 сыл атырдьах ыйыгар бэбиэскэ туппут, Японияны утары сэриигэ айаннаабыт. Икки ый бэлэмниир дьарыкка сылдьан баран пулеметчик быһыытынан 152-с стрелковай полкаҕа тиийбит. Наум сулууспалыыр чааһа Хайлар кириэппэс-куораты төгүрүйбүт. Биир кыргыһыы кэнниттэн саллаат Наум Слепцову “Туйгун пулеметчик” бэлиэнэн наҕараадалаабыттар. 1950 сылга дойдутугар төннүбүт. Наум Трифонович Аҕа дойду сэриттин 2-с истиэпэннээх уордьанынан наҕараадаламмыт.
Сэрии кэнниттэн Наум Трифонович учуутал үөрэҕин бүтэрэн, олоҕун оҕолору үөрэтиигэ анаабыт. Аллайыахаҕа, Горнайга, Чурапчыга, Томпоҕо уонна Тааттаҕа учууталлаабыт. Кириэс Халдьаайыга уонна Бэрдьигэстээххэ оскуола дириэктэринэн ананан үлэлии сылдьыбыт. Кини Томпо, Горнай уонна Таатта улуустарын бочуоттаах гражданина.
Саха сирэ биир ытык кырдьаҕаһын — Наум Трифоновиһы 100 саастаах үбүлүөйүнэн Ил Дархан Айсен Николаев аатыттан СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччыта Георгий Михайлов эҕэрдэлээтэ.
“70-80 сааспын туоларбар 100-пэр тиийэрбин саарбахтыыр этим. Билигин харахпынан көрбөппүн, куһаҕаннык истэбин эрээри, өйдүүр дьоҕурбунан этэҥҥэбин, сүһүөхпэр турабын, хаама сылдьабын. Өрөспүүбүлүкэбит күүскэ сайда турарын билэбин. Оҕолорум, сиэттэрим сонуннары мэлдьи тиэрдэ сылдьаллар. Бачча сааспар тиийбиппиттэн үөрэбин. Бүгүн Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев төлөпүөнүнэн эрийэн эҕэрдэлээтэ. 100 сааска үктэнэр тиһэх сүрүн соругум дии саныыр этим. Билигин өссө салгыы олорон, эдэр ыччакка холобур буолан, дойдуга бэриниилээх буолууга угуйуом диэн эрэнэбин. Чөл олоҕу тутуһар, успуордунан дьарыктанар, дойдубут туһугар күүскэ үлэлиир, дьоҥҥо куруутун үтүөнү баҕарар, өс-саас өйбөр туппат буоламмын бачча сааспар тиийдим дии саныыбын”, — диир Наум Трифонович Слепцов.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: