Ытык Лөгөйтөн угуттанан
Олунньу 17 күнүгэр РФ үтүөлээх учуутала, “Үлэ Албан аатын” III истиэпэннээх уордьанын кавалера, Д.И. Васильев-Очинскай аатынан бириэмийэ лауреата, “Саха-Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы пуонда стипендиата Татьяна Егоровна Дуткина-Олесова баара буоллар 75 сааһын туолуохтаах этэ.
Кини бу орто дойдуттан суох буолбута 25 сыл буолла. Ол эрээри, кини туһунан сырдык, үтүө өйдөбүл, ааспат дириҥ ахтылҕан олоро турар, салҕанар. Олорон ааспыт кылгас, чаҕылхай олоҕор үгүһү ситиспитин, кимиилээхтик үлэлээбитин, чаҕылыччы сандааран ааспытын, Үтүөкэннээх Учуутал, Киһи, Ийэ туһунан кинини кытары алтыспыт дьон санаалара бииртэн биир субуллар.
– Лөгөй нэһилиэгэ үөрэҕириигэ улахан суолу-ииһи хаалларбыт ытык сир. Манна Татьяна Егоровна Дуткина Учуутал буолуу чаҕылхай үтүө холобурун көрдөрбүтэ, – диэн ахтар СӨ Үтүөлээх учуутала, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ Александр Чиряев.
– Биһиги Татьяна Егоровналыын 1978 с. СГУ матфагын бииргэ үөрэнэн бүтэрбиппит. Кини биһиэхэ «академ» кэнниттэн кэлбитэ. Дьоҕус уҥуохтаах эрээри, санаатынан күүстээх, үөрэххэ, билиигэ олус тардыһыылаах Татьянаны биһиги олус сөбүлээбиппит, эдьиийбит курдук саныырбыт. Олохпор өрөспүүбүлүкэ үгүс чаҕылхай учууталларын кытары алтыспытым. Кинилэртэн биир чаҕылхай Сулус – Татьяна Егоровна Дуткина буолар. Ыраах Аллайыахаҕа үлэлии барарыгар, бүтүн биир ыскаап педагогическай кинигэ, сурунаал бөҕөнү илдьэ барбыттаах. Тоҕо диэтэххэ, кини үлэтин олоҕурбут классическай педагогическай төрүккэ сигэнэн ситимниэн баҕарара. Аан бастаан кини кылааһа микрокалькуляторынан хааччыллыылааҕа, тоҕо диэтэххэ, үөрэнээччилэрин кытары отон хомуйан туттаран, хас биирдии үөрэнээччигэ кылааска калькулятор ылбыттара. V кылаастан ыла физика-математика хайысхалаах кылаастары арыйыы төрдүгэр турбут дьонтон биирдэстэрэ. Өрөспүүбүлүкэтээҕи кэллиэскэ оннук кылаастар үлэлэрин кини салайбыта.
Хайдах этэй оҕо сааска?
– Таня Олесова Найахы оскуолатыгар үлэлии сырыттахпына, мин салайар кылааспар үөрэнэ кэлбитэ. Аһаҕас сирэйдээх-харахтаах, сырдыгынан сыдьаайа сылдьар, дуоспуруннаах баҕайы, улахан киһи курдук, лоп-бааччы тыллаах-өстөөх кыыс этэ. Үөрэҕэр лаппа үчүгэй, кыһамньылаах, кылаас олоҕор сонун этиилэрдээх, үөрэх, бэрээдэк тупсарыгар ис сүрэҕиттэн кыһаллар, эппитин олоххо киллэрэ сатыыр, киллэрэр да дьулуурдаах майгылаах оҕо этэ. Үчүгэйдик ыллыыр, үҥкүүлүүр, хоһоону наһаа үчүгэйдик ааҕар, ведущайдыыр буолан, кылаас оҕолоругар да, учууталларга эмиэ улаханнык сөбүлэппитэ. Кылаас үлэтэ, үөрэҕэ тупсан барбыта. Мөлтөх үөрэхтээх оҕолорго көмө күүскэ оҥоһуллар буолан, сэргэхсийии буолбута. Таня оҕолорго сыһыана наһаа кыһамньылаах буолан, улахан аптарытыатынан туһанара. Аҕата колхуос, үлэ бэтэрээнэ, сатабыллаах салайааччы Егор Петрович Олесов нэһилиэнньэҕэ улахан аптарытыаттаах үлэһит киһи этэ. Онон оҕолор төрөппүттэриттэн Егор Петрович туһунан хайҕаан, махтанан кэпсэтэллэрин да истэ сылдьан, Таняны аҕатын курдук үлэһитин иһин, убаастаатахтара буолуо. Мин балтым Капа Таня истиҥ доҕоро буолбута. Бииргэ аргыстаһан, уруоктарын тэҥҥэ толорон, кылаас олоҕун миигин кытта бииргэ салайса, көмөлөһө сылдьаллара. Таня оскуоланы кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбитэ. Кэлин бастыҥ, уордьаннаах учуутал буолбутунан киэн туттабын эрэ. Эдэр сааһыгар олохтон туораабыт хомолтолтун туохха тэҥниэҥий. Доҕоро, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитигэр тиийэ үүммүт баар-суох соҕотох балтым Капиталина Ивановна эмиэ соторутааҕыта олохтон туораан хомоппута. Аны биир табаарыстара Светлана Петровна Ушницкая СӨ үтүөлээх учуутала буола үүммүтэ. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Онон классоводтаан, оҕолорбун киһи буоларга үөрэтэ сатаан үлэлээбитим итинник үтүө үлэһит буолбуттарыттан үөрэбин эрэ, — диэн ахтар учуутала Василий Парников, “Кэнчээри” оҕо норуодунай, Арассыыйатааҕы көрдөрүүлээх ансаамбылын уус-уран, солбуллубат салайааччыта, РСФСР, САССР култуураларын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС, РСФСР, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ, Сибэтиитэл Иннокентий уордьан, “Арассыыйа бастыҥ дьоно—2006”, “Саха сирин бастыҥ киһитэ—2007” мэтээллэр хаһаайына.
Куруук сырдыгынан сыдьаайара
Людмила Леонтьева, Ленскэй оройуонун Витим орто оскуолатын омук тылларыгар, Арассыыйа норуоттарын култууратын төрүттэрин үөрэтэр үрдүк категориялаах учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, “Арассыыйа бастыҥ учуутала” куонкурус кыайыылааҕа:
–Дьиҥнээх истиҥ сыhыаннаах дьүөгэҥ, доҕоруҥ диэн дьиҥэ, олох аҕыйах. Олортон биирдэстэрэ миэхэ Татьяна Егоровна Дуткина буолар. Кини биhикки Лөгөй орто оскуолатыгар үлэлии сылдьан билсибиппит. Биhиги доҕордоhуубут үлэни кытта ситимнээх. Тус-туhунан биридимиэттэри да үөрэттэрбит, хайдах эрэ өйдөhөр, чугастыы буолан хаалбыппыт. Онно биир төрүөтүнэн, тустаах үлэ кэнниттэн уопсастыбаннай үлэнэн үлүhүйүү буолбута. Татьяна Егоровна оскуолаҕа олус элбэх түбүктээх да буоллар, бөhүөлэккэ түөлбэнэн үлэҕэ көхтөөхтүк кыттара. Кини биhиги олорор киин түөлбэбитигэр начаалынньыгынан анаммыта. Дьэ, уоттаах-күөстээх үлэ саҕаламмыта. Оччолорго түөлбэлэр үлэлэрин олохтоох дьаһалта – сэбиэт уонна сынньалаҥ киинин үлэhиттэрэ (салайааччы У.И. Бурнашёва) сүрүннүүллэрэ. Биhиги түөлбэбитигэр учууталлар элбэх буоламмыт, ыытыллар күрэхтэргэ көхтөөхтүк кыттарбыт. Онуоха эбии начаалынньыкпыьт сатаан көҕүлүүр, тэрийэр этэ буоллаҕа. Кыhын саҥа дьыл саҕана хаар оҥоhуктар күрэхтэригэр моhуогурбуппутун олус өйдүүбүн. Үксүбүт уопсай дьиэҕэ олорор буоламмыт, ол оҥоhукпут төhө уhуннук бүтүн туруой диэн толкуйга түспүппүт. Ол иhин М.П. Стрекаловскай дьиэ кэргэнэ олорор дьиэтин өттүгэр оҥоhуллубута. Уопсай дьиэ оҕолоро онуоха хаар чөмөхтөөhүнүгэр көмөлөспүттэрэ. Оҥоhукпут анал аакка тиксибитэ.
Уһун өрөбүллэр саҕана эмиэ биhиги түөлбэ көҕүлээhининэн, култуура дьиэтин үлэhиттэрин кытта сүбэлэhэн, оҕолорго аналлаах «утренник», улахан дьоҥҥо сынньалаҥ киэhэтин тэрийбиппит. «Утренникка» Татьяна Егоровна бэйэтэ ыытааччы буолбута. Улахан дьон сынньалаҥын тэрийиигэ биhиги түөлбэ учууталлара эмиэ көхтөөхтүк кыттыбыппыт. Саҥа дьылга араас дойдуттан омук дьоно буолан, Кэптэнигэ поеhынан айаннаан кэлэн, олохтоохтору омуктуу эҕэрдэлээбиппит. Ол курдук, К.И. Заболоцкай поеһы ыытааччы, З.К. Желобцова борт-проводница буолбуттара. Мин уонна В.И. Бурнашёва буоламмыт француз, ангылычаан тылларынан эҕэрдэлээбиппит. Ф.С. Колодезникова цыганка буолан, наhаа ис киирбэхтик цыганныы үҥкүүнү толорбута. Ол инсценировка хаартыската билигин да баар, өйдөбүнньүк курдук сылдьар.
Сэбиэскэй Аармыйа күнүгэр успуорт саалаҕа эмиэ түөлбэнэн «Мама, папа и я— спортивная семья» диэн күрэххэ дьүөгэм этиитин ылынан, биhиги дьиэ кэргэнинэн кыттан, III миэстэни ылбыппытын өйдүүбүн. Оҥоhук быыстапкатыгар хас биирдии ыал хайаан да туох эрэ оҥоhугунан кыттар эбээhинэстээҕэ. Биhигиттэн Стрекаловскайдар элбэх оҥоhугунан кытталлара. Саас кэлиитигэр стадиоҥҥа дьаарбаҥка тэриллээччи. Онно дьэ, сүөhүлээх-астаах түөлбэлэр күннүүллэрэ. Сайын кэлиитин көрсө, эмиэ олус интэриэhинэй көрүҥнэрдээх күөн күрэс буолааччы. Ону Татьяна Егоровна бэйэтэ иилээн-саҕалаан ыытара.
Уларыта тутуу кэмэ кэлбитигэр, бастаан кээпэртииптэри тэрийии диэн өйдөбүл үөскээбитэ. Бэйэҥ оҥорбуккун атыыга таhааран, атыылаан, үп- харчы оҥоруохтааххын диэн буолбута. Татьяна Егоровна ону иилэ хабан ылан, салайар кылааhын оҕолорунуун бастакы кээпэрэтииби тэрийбитэ. Оҕолор кылааска харчы хомуйаннар, онон туорт оҥорон саҕалаабыттара. Туортара минньигэhэ, ойуулара кэрэтэ бэрт буолан, атыыга хамаҕатык барара. Олохтоох нэhилиэнньэ сакаастаан ылан сиир, кэhии гынан онно-манна ыытар буолбуттара. Бу кээпэрэтиип үлэтин туhунан оройуон хаhыатыгар суруйбуттара. Ону ааҕан, оннооҕор Бороҕонтон тиийэ дьон үлэһэр буолбуттара. Татьяна Егоровна улахан кыыhа Сахайаана ити кээпэрэтиип үлэтин кэнники бэйэтэ иилээн-саҕалаан ыыппыта. Үөрэх дьыла түмүктэниитэ “Кылаас туhатыгар диэн баhаам харчы киирдэ” диэн, дьүөгэм үөрэ-көтө кэпсээбитэ. Ити курдук, Татьяна Егоровна хаhан да сынньаммакка, үлэ-хамнас ортотугар сылдьара. Доруобуйата наhаа бэрдэ суох, кыра уҥуохтаах, хачаайы көрүҥнээх эрээри, куруук сырдыгынан сыдьаайа сылдьара. Ол кини үлэттэн-хамнастан, оҕолорго, дьоҥҥо өрүү туhаны аҕаларыттан, онтон дуоhуйарыттан буоллаҕа. Билигин араас таhымнаах “сулус” диэн ааттанааччы элбэх… Мин дьүөгэм бэйэтэ туспа умайар сулус этэ. Кини сиргэ кэлбит аналын барытын толорон, баай ис хоhоонноох олоҕу олорбут , умуллубат сулус. Кинини үөрэппит оҕолоро, бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэрэ хаhан да умнуохтара суоҕа. Сырдык аата көлүөнэттэн көлүөнэҕэ үтүө холобур буоларыгар саарбахтаабаппын.
Хаһыакка аан бастаан ааҕыым
Аан бастаан Татьяна Егоровна дьиэ кэргэнин туһунан Кэптэнигэ олорор эрдэхпинэ, оскуолаҕа киирэ иликпинэ, арааһа, “Бэлэм буол” хаһыакка тахсыбытын өйдүүбүн. Онно кини дьиэ кэргэнин хаартыската тахсыбытын, сүһүөхтээн да аахтарбын, бэркэ билэр Цивилма диэн ааппын булан көрөн, олус үөрбүттээҕим. Оскуолаҕа ийэбин Людмила Лукиничнаны батыһан, арыт оскуолаҕа барыстахпына, эмиэ ийэтин батыһан кэлэр Цивилманы көрсөн, бииргэ оонньоон бөҕө буоларбыт. Онтон оскуолаҕа иккиэн биир сыл киирбиппит. Сотору кэминэн кинилэр дьиэ кэргэнинэн биһиги олорор уопсай дьиэбитигэр көһөн кэлэн, дьүөгэлии буолбуппут, ону сэргэ, ийэлэрбит эмиэ икки ардыларынан уу тэстибэт улахан доҕордуу буолбуттара. Күнү күннүктээн да кэпсэттэхтэринэ, алтыстахтарына, бэйэ-бэйэлэриттэн хал буолбаттара. Биһиги, оҕолор, кинилэр өр кэпсэтэллэриттэн өссө уһуннук оонньоору, үөрэр эрэ буоллахпыт.
Татьяна Егоровна киһи холобур гына туттар истиҥ, иһирэх, сылаас киһи этэ. Ким наадыйбыкка, кыһалҕалаахха илиитин утары уунар улахан, амарах сүрэхтээҕэ. Дьоҥҥо, оҕолорго биир тэҥник сыһыаннаһара. Ону кини эрэллээх илиитигэр киирэн, кылааспыт оҕолорун кытары билбит дьоллоохпут. Ол курдук, алын сүһүөх кылааска Розалия Михайловна Федорова курдук сатабыллаах, айар куттаах, үтүөкэн учууталга үөрэнэн баран, орто сүһүөххэ Татьяна Егоровна Дуткинаҕа түбэспиппит. Кини биһигини ылаат, тута хордатан барбыта. Учууталбыт бэйэтэ дирижердаан, “Лөгөй сирин таптыыбын” диэн ырыаны (Николай Крылов тыллара, Иннокентий Готовцев матыыба) ыллатара. Бу санаатахха, учууталбыт ырыанан, хорунан аатырбыт Найахыга ыллыы, хору тута үөрүйэхтээх эбит. Лыҥкынас, үрдүк, туруоруллубут мааны куоластааҕа. Академическай ньыманан ыллыыра. Толя Бурнашевпут, билигин СӨ үтүөлээх артыыһа иннибитигэр уктар, солбуллубат солиспыт буолааччы.
Татьяна Егоровна билиини, ааҕыыны, кинигэни, бэчээти мэлдьи өрө тутара. Оҕолорго аналлаах таһаарыылары ойуччу тутара. Ол курдук, ыаллыы олорон, “Пионерская правда”, “Бэлэм буол”-“Кэскил”, “Будь готов”-“Юность Севера” хаһыаттары, “Чуораанчык”, “Колокольчик”, “Мы”, о.д.а. сурунааллары хото суруттарарбыт. “Дьоҕур” уопсастыба кэтэхтэн оскуолатын ахсааҥҥа сорудахтара “Кэскилгэ”, “Юность Севера” бэчээттэммитин тиһигин быспакка оҕолорго суоттатара, ол түмүгүнэн, сорохтор “Дьоҕур” сайыҥҥы, кыһыҥҥы оскуолатыгар ыҥырыллан үөрэнэллэрэ.
“Бытаан биэс”
Марк Местников, Лөгөй орто оскуолатын 1996 с. бүтэрээччи, математик идэлээх:
–Алын сүһүөх кылаастары бүтэрэрбитигэр, эһиилигэр биһигини ылыахтаах РФ үтүөлээх учуутала, Үлэ Албан аата Уордьан III истиэпэнин Кавалера Татьяна Егоровна Дуткина төгүлгэ, түҥэтиигэ эксээмэн туппутун өйдүүбүн. Онно бары долгуйан туран туттарбыппыт. Мин толкуйдуу-толкуйдуу, сөптөөхтүк хоруйдуурбун өйдүүбүн. Түмүгү таһаарарга бастаан, уһулуччу үчүгэй түмүктээх оҕолор ааттарын эппиттэрэ. Оттон миэхэ: “Местников Марик — “5”. Ол гынан баран: “Бытаан “5”, – диэбитэ Татьяна Егоровна. Толкуйдаан хоруйдуурум иһин, итинник сыана турбут этэ. Инньэ гынан, V кылаастан Татьяна Егоровнаҕа үөрэнэр чиэскэ тиксибиппит. Ураты талаанынан, дириҥ билиитинэн угуйан, орой мэник, оҥой-саҥай көрбүт оҕолор бары ахсаанньыт буоларга кыһанарбыт, дьулуһарбыт. Кини бэйэтин биридимэтигэр сатаан умсугутара. Кини үөрэтэр кэмигэр биһиги ортобутугар ахсааҥҥа улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпиадаларга миэстэлэспит оҕолор бааллара. Сорохпут IX кылаас кэнниттэн уолаттар улуустааҕы гимназияларыгар, РФМШ-ҕа үөрэнэр буолбуттара.
Кэрэ аҥаар быһыытынан эмиэ уратылааҕа
Анна Максимова, Уус Алдан улууһун нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун Киинин инспектора:
– Учууталбыт Татьяна Егоровна биир чаҕылхай учууталын таһынан, кэрэ аҥаар быһыытынан эмиэ ураты киһи этэ. Мин кинини өйдүүрбүнэн, куруутун дьахтар киһи буоларын быһыытынан, наһаа бэйэтигэр барсардык, тупсаҕайдык, нууччалыы эттэххэ, “стильнэй” гына таҥнарын өйдүүбүн. Араас көстүүмнэрэ, былааччыйалара намчы быһыытыгар сөрү-сөпкө, анаан киниэхэ тигиллибит, анаммыт курдугун өйдөөн көрөөччүбүн. Өрүү кини таҥаһа-саба, бүрүчүөскэтэ уурбут-туппут курдук буолара. Араас киэргэллэри, аксессуардары, бу билигин санаатахха, наһаа да сөпкө талан, дьүөрэлээн кэтэр эбит. Биһиэхэ, оҕолорго кини “дьиҥнээх учуутал обраһа маннык буолар”, диэн өйдөбүлү хаалларбыт. Олохпор Татьяна Егоровна курдук киһини көрсүбүппэр, дьылҕабар махтанабын. Кини үөрэҕэ, этиилэрэ, оҕолору үчүгэйгэ иитиитэ умнуллубат.
Биир хаартыска кэпсээнэ
Ийэтин батан ахсаанньыт идэлээх Татьяна Ксенофонтова, эрэдээксийэҕэ илдьэ кэлбит хаартыскаларыттан биирдэстэригэр хараҕым хатанна. Оччолорго, хайдах эрэ өҥнөөх хаартыска билиҥҥи курдук, дэлэйэ суох этэ. Хаартыска 90-с сыллардааҕы кыыстаах ийэҕэ анаммыт күөн күрэс түгэнэ. Ити тэрээһин туһунан улуус хаһыатыгар эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ хаһыатыгар кытары сырдаппыттара. Онно кыыстаах ийэ сайыҥҥы кэми санатар улахан туорду астаан аҕалан, дьүүллүүр сүбэни сөхтөрбүттэрин, оттон дьүөгэм Цивилма туорду астыырыгар кириэминэн киэргэтэргэ эдьиийдэрэ көмөлөспүттэрин кэпсээбитэ эмиэ баара. Учууталбыт ити курдук, көхтөөх, баай да фантазиялаах буолара. Ити күөн күрэстэн нэһилиэкпит аатын киэҥ түһүлгэҕэ дорҕоонноохтук ааттатан төннүбүттэрэ. Ол түгэнтэн “Кэнчээри” оҕо норуодунай, Арассыйатааҕы ансаамбылын хорун ырыаһыта, старостата, конферансьета Айна Неустроева ахтар:
- Миигин ити күөн күрэскэ “Мүрүчээнэ Куо” куонкуруска кыайбыт буоламмын, дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлэһэргэ ыҥырбыттара. Хас да түһүмэхтэн турар улахан тургутуу ааспыта. Цивилма уонна Татьяна Егоровна Дуткиналар улахан уонна кэрэ көстүүлээх туорду астаан аҕалан, дьүүллүүр сүбэ көрүүтүн чаҕылхайдык ааспыттара. Айар түһүмэх диэн баара, онно бэйэлэрэ тикпит сиэдэрэй таҥастарын кэтэн көрдөрбүттэрэ. Ийэ уонна кыыс бэйэ-бэйэлэригэр итэҕэллэрэ, ис туруктара дьүөрэлии буолара наһаа биллэрэ. Цивилма ийэтин дириҥник ытыктыыра, ийэ диэн ким буоларын өйдүүрэ көстөр этэ. Ол ону ити күөн күрэстэн саамай өйдөөн хаалбытым.
Паша Аринкина-Мигалкина, “Кэнчээри” ансаамбыл 1990-1995 сыллардааҕы үҥкүүһүтэ, старостата, “Дебют” маҕаһыын хаһаайката:
- Ити күөн күрэскэ хайдах эрэ соһуччу соҕустук кыттыбыппын өйдүүбүн. Татьяна Егоровна Дуткинаны чаҕылхайа бэрт этэ диэн өйдөөн хаалбыппын. Онно баар дьон бары ытыктабыллаахтык киниэхэ сыһыаннаһаллара. Наһаа тупсаҕай, намчы, интеллигентнэй этэ диэн өйдүүбүн.
Талаана сөхтөрөрө
Рея Охлопкова, гимназия үлэтин ис хоһоонун тэрийиигэ дириэктэри солбуйааччы, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ:
— Аан бастаан үөрэх управлениетыгар үлэлии сылдьан, Татьяна Егоровнаны бэлиэтии көрбүтүм. Учууталлар улуустааҕы куонкурустарыгар кыттыбыта. Идэтинэн математик эрээри, талаана киһини сөхтөрөрө. Барытын сатыыр: иистэнэр, баайар, астыыр. Балык бөрүөгүн саһарчы буһаран, балык киэбинэн астаан, дьоҥҥо-сэргэҕэ үөрэн-көтөн хааман иһэрин билигин да өйдүүбүн. Улуустааҕы аттестационнай хамыыһыйаҕа көрсөрбүт. Тыл эттэҕинэ – ылыннарыылаах буолар этэ. Онтон 1994 сыллаахха улуус бастыҥтан бастыҥ учууталлара уолаттары эрэ иитэр-үөрэтэр ураты үөрэх кыһатыгар – “Уолан” гимназияҕа үлэҕэ ыҥырыллыбыттара. Кинилэр уол оҕо сайдар кэскилигэр дириҥник итэҕэйэр буоланнар, тыа сирин усулуобуйатыгар уолаттары иитэр-үөрэтэр үлэ барылын торумнаан, өрө көтөҕүллэн туран айымньылаахтык үлэлээбиттэрэ. Татьяна Егоровна Дуткина, гимназия бастакы директора Валентин Иванович Филипповы кытта саҥа үөрэх кыһатын тэрийсибит учуутал, салайааччы. Оччолорго кини дириэктэри научнай-методическай үлэҕэ, Ираида Иннокентьевна Кривошапкина дириэктэри үөрэх чааһыгар, Сергей Данилович Егоров дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччылар, биир салайааччы хамаандата буоланнар, 1994 сыллаахха, балаҕан ыйыгар гимназияны арыйбыттара. Мин психологынан, Глафира Семеновна Копырина социальнай педагог буоламмыт, социально-психологическай сулууспа үлэтин саҕалаабыппыт. Өйдүүбүн, гимназия бастакы үөрүүлээх аһыллыытын линейкатын. Татьяна Егоровна онно туран: «Халлааны көрүҥ эрэ», -диэбитигэр, үөһээ көрбүппүт, күп-күөх халлааҥҥа төгүрүк маҥан былыт сурааһына тахсыбыт этэ. «Үчүгэй бэлиэ», диэн үөрсүбүппүт. 1999 сылтан 2023 сылга диэри гимназия быһаарыытынан, кэнники сылларга Татьяна Егоровна төрөппүт оҕолорун өйөбүлүнэн, гимназияҕа сыл аайы Бүтэһик чуораан линейкатыгар гимназияны төрүттэспит, научнай методическай үлэҕэ дириэктэри бастакы солбуйааччы, математика учуутала Татьяна Егоровна Дуткина аатынан стипендия 26 бастыҥ математик гимназистка туттарылынна.
Информатика учуутала буолуубар оруоллаах
Михаил Данилов, өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт информатикаҕа учуутала:
— Татьяна Егоровна Дуткина учууталлыырын таһынан элбэх общественнай үлэлээҕэ. Ааспыт үйэ 90-с сылларыгар бастакы демократическай быыбардар буолбуттара. Уус Алдан оройуонугар дьокутааттары туруоруу уонна талыы үрдүк таһымнаахтык ааспыта. Ол быыбар түмүгүнэн, оройуон Сэбиэтигэр Лөгөй нэһилиэгиттэн дьокутаатынан Татьяна Егоровна Дуткина талыллыбыта. Оройуон Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин талыы бириэмэтигэр Татьяна Егоровна ыалдьа сылдьара, ону Кэптэниттэн анаан-минээн массыынанан аҕалтарбыттара. Кини үөрэх хамыыһыйатын биир тутаах үлэһитэ этэ. Ол саҕана мин Мүрү орто оскуолатын дириэктэринэн үлэлии сылдьарым, Мүрү нэһилиэгиттэн дьокутаат буолан үөрэх хамыыһыйатын салайарым.
Татьяна Егоровна Мүрү гимназиятын тэриллиитигэр элбэх үлэни ыыппыта. “Уолан” гимназия торумун оҥорбут дьонтон биирдэстэрэ. Дириэктэри научнай үлэҕэ солбуйааччы быһыытынан, оҕолорго элбэх научнай кэмпириэнсийэлэри тэрийбитэ. Уопсайынан, барытыгар айымньылаахтык сыһыаннаһара. Тэрээһиннэрэ сырыы ахсын туох эрэ уратылаах буолааччы. Кини иилиир-саҕалыыр педсоветтара да уратылар этэ. 1994 сыллаахха гимназия дириэктэрэ Валентин Иванович Филиппов ыҥырыытынан мин гимназия тутуутугар уонна хааччыллыытыгар үлэлээбитим. 1995 сыллаахха Татьяна Егоровна сүбэтинэн информатика учууталынан үлэбин саҕалаабытым. Онон кини мин информатика учуутала буолуубар сүрүн оруолу ылбыта. 1997 сыллаахха куоракка ыҥырыллыбытыгар эмиэ кини этиитинэн, дириэктэри научнай үлэҕэ солбуйааччынан миигин анаабыттара.Татьяна Егоровна 1997 сыллаахха куоракка Өрөспүүбүлүкэтээҕи кэллиэскэ Иван Иванович Шамаев ыҥырыытынан дириэктэри солбуйааччынан уонна математика учууталынан үлэлээбитэ. Кылгас да кэмҥэ үлэлээтэр, сүҥкэн улахан суолу хаалларбыт эбит. Сүрүн уратыта—үлэтигэр айымньылаах сыһыаннааҕын ол саҕана үлэлээбит кэллиэгэлэрэ ахталлар. Кини гимназическай кылаастары (V-IX кылаастар) үөрэтиигэ уонна иитиигэ дириэктэри солбуйааччы этэ. Математика учууталын быһыытынан, үһүөрэ Тихоновтар кэлин математика олимпиадатыгар Арассыыйаҕа аатырыыларыгар төһүү күүс буолбута. Тихоновтар математика бүтүн Арассыыйатааҕы олимпиадатыгар призер буолбуттара. Татьяна Егоровна ханна да үлэлээтэр, туспа суолу-ииһи хаалларар үлэһит этэ.
Олунньу 17 күнүгэр ахсааҥҥа үгэс буолбут XXV улуустааҕы, IV өрөспүүбүлүкэтээҕи Дуткинскай олимпиада Татьяна Егоровна Дуткина төрөөбүт дойдутугар — Уус Алдан Лөгөйүгэр ыытыллар.
Жанна Леонтьева,
СӨ бэчээтин туйгуна, Т.Е.Дуткина-Олесова үөрэнээччитэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: