Салгыы
Ытык Сайсары күөл статуһа уларыйда

Ытык Сайсары күөл статуһа уларыйда

Ааптар:
13.12.2024, 16:30
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:

Сайсары күөл — «Култуура нэһилиэстибэтэ — Ытык сир» диэн статуһу сүктэ.

Киин куорат  күөлэ судаарыстыбаттан көмүскэллэннэ, онон күөл таһынааҕы сиргэ кэккэ бобуулар олохтоннолор. Күөл тулатын чугас хапытаалынай тутуу ыытар уонна баар эбийиэктэр территорияларын учаастактарын кээмэйин улаатыннарар көҥүллэммэт. Ону сэргэ сир, тутуу, мелиоративнай уонна да атын үлэлэри ыытар сокуонунан бобуллар.

Бу туһунан СӨ Култуурунай нэһилиэстибэ эбийиэктэрин харыстааһыҥҥа управлениетын салайааччыта Николай Макаров суруйар.

Сирин иэнэ  — 326,3 тыһыынча квадратнай миэтэрэ. Уу кээмэйэ  — 1,06 мөл. кубометр, муҥутуур дириҥэ — 6,5 миэтэрэ. Биэрэк уһуна  — 4,35 км кэриҥэ.

Манна, биллэринэн, саха улуу саарыннара кэлэн олохсуйбуттар – Сайсары Хотунтан саҕалаан Омоҕой Баай, Эллэй Боотур, онтон 17-с үйэҕэ Тыгын Дархан бэйэтэ олорбут, күөл хоту баһыгар. Ытык Сайсары кытылларыгар өбүгэлэрбит наар ыһыахтыыр, Үрүҥ Күннэрин көрсөр, тоҕус халлаан айыыларыгар Үрүҥ Аар Айыы Таҥараларыгар үҥэр-сүгүрүйэр этилэр.

+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: