Сайсары күөл — «Култуура нэһилиэстибэтэ — Ытык сир» диэн статуһу сүктэ.
Киин куорат күөлэ судаарыстыбаттан көмүскэллэннэ, онон күөл таһынааҕы сиргэ кэккэ бобуулар олохтоннолор. Күөл тулатын чугас хапытаалынай тутуу ыытар уонна баар эбийиэктэр территорияларын учаастактарын кээмэйин улаатыннарар көҥүллэммэт. Ону сэргэ сир, тутуу, мелиоративнай уонна да атын үлэлэри ыытар сокуонунан бобуллар.
Бу туһунан СӨ Култуурунай нэһилиэстибэ эбийиэктэрин харыстааһыҥҥа управлениетын салайааччыта Николай Макаров суруйар.
Сирин иэнэ — 326,3 тыһыынча квадратнай миэтэрэ. Уу кээмэйэ — 1,06 мөл. кубометр, муҥутуур дириҥэ — 6,5 миэтэрэ. Биэрэк уһуна — 4,35 км кэриҥэ.
Манна, биллэринэн, саха улуу саарыннара кэлэн олохсуйбуттар – Сайсары Хотунтан саҕалаан Омоҕой Баай, Эллэй Боотур, онтон 17-с үйэҕэ Тыгын Дархан бэйэтэ олорбут, күөл хоту баһыгар. Ытык Сайсары кытылларыгар өбүгэлэрбит наар ыһыахтыыр, Үрүҥ Күннэрин көрсөр, тоҕус халлаан айыыларыгар Үрүҥ Аар Айыы Таҥараларыгар үҥэр-сүгүрүйэр этилэр.
Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…
«Рослесхоз» официальнай саайтыгар ойуур култуураларын олордуутун сезонун түмүгэ таҕыста. Саха сирэ дойду бары эрэгийиэннэрин ортотугар…
Хаҥалас Мохсоҕоллооҕор 450 миэстэлээх оскуола эбии дьиэтэ салгыы тутуллар. СӨ вице-премьера Дмитрий Садовников улэ хаамытын…
Саха сирин үгүс оройуоннарынан салгын температурата нуорматтан ортотунан 3-тэн 10 кыраадыска тиийэ үрдүк буолара сабаҕаланар.…
Бу иннинэ ЛДПР РФ Үлэ кодексыгар уларытыылары киллэрэри туруорсубута. Оччотугар ахсынньы 31 күнэ үлэлээбэт бырааһынньык…
Ахсынньы 11 күнүгэр Кэбээйи улууһун Мукучутааҕы "Дэриэбинэчээн" норуот тыйаатыра Кэбээйи нэһилиэгэр норуодунай аатын көмүскүү икки…