«Ытык сир» паарка баар буолуохтаах сиригэр-уотугар алгыс сиэрэ-туома оҥоһулунна

Share

«Ытык сир» паарка бырайыакпытынан «Куорат сиригэр-уотугар табыгастаах эйгэни оҥоруу» куонкуруска киирэн куоластааһын муус устар 30 күнүгэр түмүктэммитэ. Бу «Ытык сир» паарка туһугар куоластааһыҥҥа өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар олорор нэһилиэктэр, улуустар олохтоохторо кыттыыны ыллылар.

“Ытык сир” паарка аэропортан кэлэр суол уҥа өттүгэр куоракка киириигэ турар Кыайыы пааркатын таһынан баар буолуоҕа, онон олоҥхо дойдутун устуоруйатын, үгэстэрин, алгыс сиэрин-туомун билиэн-көрүөн баҕалаах хас биирдии ыалдьыкка сылдьарыгар табыгастаах. Манна туох тутуу баарын, ханан турарын элбэхтик ыйыталлар. Чахчы ким да билбэт, ханна да кэпсэниллибэтэх, сырдатыллыбатах бырайыак. Кылгастык манна туох баар буолуохтааҕын билиһиннэрдэххэ:

—              Күнү көрсөр түһүлгэ. Өбүгэлэрбит умнуллан эрэр сиэрдэрэ-туомнара бу түһүлгэҕэ оҥоһуллуоҕа. Алгыһы ылыыга бу комплекс биир сакральнай сиринэн, манна кэлбит киһи бэйэтин кэрэ-бэлиэ кэмнэрин, түгэннэрин үллэстэр Ытык сирэ буолуоҕа. Ортотугар баар түһүлгэҕэ алгысчыт битииһит оҕолорун  (9 уолуу уонна 8 кыыһы) кытта киирэн алгыс түһэриэхтэрэ. Алгыс суолтатын дьон-сэргэ өйдөөтөҕүнэ, ылыннаҕына, олохторо-дьаһахтара тупсан барыан сөп. Ону тэҥэ хас биирдии киһи өйүн санаатын, этин-сиинин чэбдигирдэр сиринэн буолуоҕа.

—              Музейнай аллея. Бары улуустар устуоруйаларын монуменнарга куар-куодунан киирэн билсэҕин. Кинилэр дьоруойдарын, устуоруйаларын билсии, бу эмиэ биһиги, саха дьоно, олохпутун-дьаһахпытын сырдатар сирбит буолуо. Манна кэлбит ыалдьыт сынньана таарыйа улуус устуоруйатын билсэн барыан сөп. Манна харысхал бэлиэлэрин  араас омук тылынан билиһиннэрэр тиэкистэрдээх анал куар-куодтар туһаныллыахтара. Хас биирдии киһи бэйэтин төрөөбүт тылынан дьолу-соргуну, ситиһиини, уһун олоҕу, доруобуйаны, оҕолонууну баҕарар алгыһы ылан өйө-санаата, ис кута бөҕөргүө. Манна баар буолуохтаах өйдөбүнньүктэргэ саха омук сөбүлүүр өҥнөрө үрүҥ, бороҥ, күөх от өҥнөр туһаныллыахтара.

—              Оҕолорго аналлаах спортивнай былаһааккалар бааллара сиэрбитин-майгыбытын ыччаты кытта ситимниирбитин кэрэһилиэ, ол курдук дьиэ кэргэнинэн кэлэн сынньаныахтара. Паарка сиригэр-уотугар аралдьыйар-сынньанар, успуордунан дьарыктанар элбэх функциональнай сирдэр баар буолуохтара. Баччалаах киэҥ сиргэ-уокка футболлуур хонуу, скейтдоруоска, оҕо былаһааккатата, о.д.а. оҕо сынньанар көрүҥнэрэ төһө баҕарар киирэр кыахтаахтар.

Хаартыска: "Ытык сир" бырайыак волонтердара.
Хаартыска: "Ытык сир" бырайыак волонтердара.
Хаартыска: "Ытык сир" бырайыак волонтердара.

Сылын ахсын, ыам ыйын 22 күнүгэр Саха сиригэр Сайылык күнэ бэлиэтэнэр. Ыам ыйын 22 күнүгэр “Ытык сир” паарка тутуллуохтаах сиригэр-уотугар алгыс сиэрэ-туома ыытылынна. Алгысчыт Афанасий Федоров арыалдьыттарын батыһыннаран киирэн, дьону-сэргэни кытта сайыны көрсүү сиэрин-туомун оҥордулар.

Бу күн Иэйэхсит Хотун сиргэ чугаһыыр, өссө биир кыстыгы этэҥҥэ туораабыппытынан алгыһын түһэрэр диэн ааттанар. Кинини тэҥэ алгысчыт Орто дойду иччитэ Аан Алахчын Хотуҥҥа махтанна – Айыыларга ас бастыҥын уунан, сиргэ тиийэ сүгүрүйэн, тапталбытын-махталбытын биллэрэбит. Уйгулаах-быйаҥнаах сайын буоллун, күөх от, сир аһа силигилии үүннүн диэн баҕабытын тиэрдэбит. Алгысчыт уот иччитэ Хатан Тэмиэрийэни алаадьынан, саламаатынан айах тутта, кини нөҥүө Сир, Уу, Салгын уонна Уот иччилэрэ биһигини кырыы харахтарынан кынчарыйа көрбөттөрүгэр, этэҥҥэ илдьэ сылдьалларыгар баҕарда.

Сайылык күнэ 2018 сыл сэтинньи 6 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕынан төрүттэммитэ, 2019 сыллаахтан бэлиэтэнэр.Бу күн Саха сирин олохтоохторо алаадьы астаан, кус миинэ буһаран чугас дьоннорун күндүлүүллэр, айыылартан өҥ-быйаҥ сайыны көрдөһөн, сири аһаталлар.

Сайылыкка көһүү өбүгэ саҕаттан дириҥ суолталаах. Тыйыс тымныылаах уһун кыһын кэнниттэн айылҕа уһуктар, алаастарга от силигилии үүнэр, сүөһү ахсаана элбиир, бастакы куйаас күннэр үүнэллэр. Ынах сүөһүнү сайылыкка көһөрүү – саха норуотун төрүт култууратын быстыспат сорҕото, олохпут үгэс буолбут укулаата.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн — Олоҥхо күнэ

Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Олоҥхо күнэ бэлиэтэнэр. Олоҥхо саха омук былыр-былыргы дьыллар быыстарыттан…

33 минуты ago
  • Быһылаан

Мииринэйгэ суол кытыытыттан эр киһи өлүгүн буллулар

Сэтинньи 23 күнүгэр Мииринэй оройуоннааҕы полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар Надежнайга баар "Вилюй" гостиница таһыгар суол…

2 часа ago
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга 43 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа

Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, сорох улуустарга 43 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа диэн УГМС иһитиннэрэр. Киин, соҕуруу,…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Саха Саарына Сааба»

Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүппүт дьон көһүннүлэр

Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  икки киһи сүппүтүн туһунан суһал  иһитиннэрии…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Георгий Олесов: “Хас биирдии быһахха алгыспын иҥэрэбин…”

Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…

15 часов ago