Ытык Тааттаҕа айар куттаахтар алтыһан аастыбыт

Share

Бары сэниэлээх дьон Олоҥхо ыһыаҕа диэн баран Өймөкөөннүүр суолу тутуспут кэмнэригэр, биһиги чөкө бөлөхпүт: филология дуоктара Валентина Семенова, литэрэтиирэ магистра Георгий Белоусов уонна мин буоламмыт Тааттаҕа, Хадаайы түмэл-заповеднигар «Үргэл сулус куорсуннара» диэн Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах литэрэтиирэ өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээлигэр сырыттыбыт.

Ойуунускай айар үлэни «тыл муҥа — соргу муҥа» диэн олус бэргэнник этэн кэбиспитигэр түбэһэн турардаахпын. Айар дьон бэйэбит баҕабытынан тыл сонорун улуу муҥун нөҥүө айымньыны төрөтөн, дьоллоох соргу диэн тугун билэр буоллахпыт… «Соргу муҥун» туһунан хоһоонноохпун.

СОРГУ МУҤА

«Тыл муҥа — соргу муҥа дии саныыбын»
П.А. Ойуунускай

«Соргу муҥун билбитим:
Дьол дүҥүрүн охсубутум.
Сахам тылын саргы-дьаалы
Дойдутугар олорбутум.
 
Тыл ыгыллар ыарыытынан
Ый дүҥүрбүн ытаппытым,
Тыл күндэлэс күдэҕинэн
Күн дүҥүрбүн күүһүрпүтүм,
Тыл илбистээх имэҥинэн
Сир дүҥүрбүн ситэрбитим.
 
Уран чороон курдук хоһоон
Туолар санаа кымыһынан.
Утах ханнын, алгыс туоллун,
Тула мустуҥ, көрүөх дьонум!
 
Тыл ыһыаҕар ыалдьыттыах,
Тыл айбытын ыаһахтыах,
Дьол муҥутуур чыпчаалын —
Соргу муҥун уруйдуох!
(САЙА)

Элбэх хоһоону буолбакка, үчүгэй хоһоону…

«ҮРГЭЛ СУЛУС КУОРСУННАРА» бэстибээлгэ өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан, Дьокуускай куораттан айар-суруйар дьон түмсүүлэрэ кыттыыны ыллылар. Бэстибээл ыһыах алгыһынан, сахалыы маанытык таҥныбыт кыттыылаахтар субурҕалаан киириилэринэн саҕаланна. Хадаайы сирэ-уота силигилии ситэн-тупсан, тыл идэтигэр буһа-хата сылдьар дьону күөх сирэминэн эҕэрдэлии көрүстэ. Бэстибээл тэрээһиннэригэр икки сойуустан суруйааччылар, ол иһигэр үс «норуодунайдар»: Наталья Харлампьева, Куорсуннаах уонна мин кытынныбыт.
Бэстибээл ис хоһооно киэҥ буолла: дорҕоонноохтук ааҕыыга уонна тута хоһуйууга күрэстэр, экскурсиялар, бэйиэт Ирина Колодезникова-Ымыыга  аналлаах ахтыы киэһэтэ, доҕордоһуу киэһэтэ, суруйааччылар маастар-кылаастара, квест-оонньуу, Ойуунускай тула кэпсэтиилэр, кини төрөөбүт алааһыгар сылдьыы…
Бу бэстибээл бастаан бэс ыйын 10-11 күннэригэр былааннанан баран, үрэх уута тахсан, болдьоҕо табыгаһа суох кэмҥэ көһөрүллэн хаалан дуу, баҕалаахтар бары кыайан кэлбэтэхтэр. Олохтоохтор элбэх киһини көрсөргө сүрдээҕин бэлэмнэммиттэр. Минньигэс ас-үөл, хонук сир барыта босхо буолан үөртэ. Таатта бибилэтиэкэтин, култууратын уонна Хадаайы түмэл-заповеднигын үлэһиттэрэ көхтөөхтөрүн, тэрээһиннээхтэрин көрдөрдүлэр.
Кыттааччылар Муттуххай Бороҥ барахсаҥҥа, Суор Уолугар махталларын элбэхтик эттилэр. Кинилэр суруйарга холонор дьону түмэн санааларын кынаттаабыт, аартыктарын арыйбыт өҥөлөрө өлбөөдүйбэт.
Түмсүүлэр кыттыылаахтара идэтийбит суруйааччылартан сүбэ-соргу, бэл, маастар кылаас даҕаны ылыахтарын баҕараллар. Ол эрээри хоһоону ким эмит сүбэтинэн айар хайдах да табыллыа суоҕа. Айылҕа биэрбит буоллаҕына — бэйэтэ тахсыаҕа, биэрбэтэх буоллаҕына — төһө да сүбэлэт, киһи сүрэҕэр күлүмүрдээбитинэн киирэри сатаан айыаҥ суоҕа, күҥҥүн-дьылгын халтай ыытыаҥ, кумааҕы бөҕөтүн марайдыаҥ… Онон миигиттэн соҕотох сүбэ: элбэх хоһоону буолбакка, үчүгэй хоһоону айарга кыһаллыахха. Биир хоһоон тула көлөһүн тахса, аан бастаан ол айымньыны бэйэ таптыаҕар диэри үлэлиэххэ. Оччоҕуна салгыы бэйэтэ бэйэтигэр суол солонон, бара туруо, Эйиэхэ аартыккын арыйыа… «Ээ, ол хоһоон ааптара бу сылдьар» диэн буолуо.

Алампабыт көмүс уҥуоҕар

Ааспыт үйэ саҕаланыыта саха олоҕун салайбыт, саха өркөн өйө, тэбэр сүрэҕэ, сайдам санаата буолбут дьоммут көмүс уҥуохтара көтөҕүллүбэккэ, алтан уҥуохтара араҥастаммакка буору кытта буор буолан, сир-дойду үрдүнэн ыһыллан, ханна эрэ сыттахтара… Кинилэртэн соҕотох Анемподист Софронов-Алампа  киһилии хараллан турар. Уҥуох Дьокуускай кылабыыһатыгар баар эрдэҕинэ Аламповед дьүөгэм Валентина Семенованы кытта сылдьар идэлээх этибит. Тапталлаах поэппыт билигин Хадаайы заповеднигар таҥара дьиэтин аттыгар, бэйэтэ үөрэммит бастакы оскуолатын чугаһыгар иккистээн хараллан сытар. Уҥуох үрдүгэр мин биир дойдулааҕым Матвей Евсеев үбүлээн туттарбыт боруонса пааматынньыга турар. Күрүөтүн тула 14 үрүҥ туллук олорбут. Мин Тааттаҕа кэллэхпинэ сүгүрүйэн ааһар идэлээхпин.

Сүрүн сирдэр сүрэхтэриттэн
Сүүрүктээх үрэх уута
Биһиги олох күөлбүтүгэр
Сүүрүгүрэн чөллөйөн түһэн,
Сөргүппэт-көҕүппэт буолан,
Көппөх-көтөҕө көмнөрөн
Көлбөҕүрэ күҥкүйдэ.
Амах-ньамах адаҕыйан
Ардаҕыра араҕастыйда,
Сыыс, буор сыстан
Сыҥсаара сытыйда…
Бадараан баҕата
Баддырҕаччы бааҕынаата,
Толоон чохута
Торолуйан чолоҥноото,
Кыра үөн кыма һуох
Кырылаччы кыстанна…
Хаһан эрэ
Көлбөҕүрбүт көлүйэбитигэр
Көмүөл уута киирэн
Көппөҕүн көҕүрэтэр!
Үрэх уута сүүрүгүрэн
Үөнүн өлөрөр!
Ардах уута саккыраан
Амаҕын араарар!..
(АЛАМПА, 1921 с.)

Саха поэзиятын уратыта — тута хоһуйуу

Этэр тылым эгэлгэтинэн диэн тута хоһуйууга күрэһи биһиги бөлөхпүт дьүүллээтэ. Тута хоһуйууга күрэс айар-суруйар эйгэҕэ эгэлгэ көрүҥүнэн ыытыллар. Холобур, «Тобуруокап көмүс күһүнүгэр»  киһи этэн биэрбит тылыгар 4 устуруоканы айыы буолааччы. Ол тыл бүтэһиккэ диэри кистэлэҥҥэ тутуллар буолан, ордук кычыгылатыылаах буолааччы. Холобур, хас эрэ сыллаахха Хара Лааҥкы «Орон» диэн тылы этэн кэбиһэн өмүтүннэрэн турардаах.
Тааттаҕа бу сырыыга Акростих көрүҥүнэн Былатыан диэн аат бастакы буукубаларыттан улуу убайбыт Ойуунускайга аналлаах күпүлүөтү айарга сорудах турда. Кыттааччылар 15 эрэ мүнүүтэ иһийэн олорон суруйбуттарын ньылбы хомуйан биһиэхэ туттардылар. Ону биһиги күнү быһа көрдүбүт. Барыта 40 нүөмэртэн үлэлэр киирдилэр. Ол аата кыттааччы кимэ биллибэт, нүөмэринэн көрүү буолан ордук кырдьыктаах түмүк таҕыста диэххэ сөп. Дьүүллээччилэр сорох түгэҥҥэ үс аҥы ыйа сырыттыбыт эрээри, син биир санааҕа кэлэр буоллахпыт. Мин поэт быһыытынан ордук хоһоон иэйиитигэр, Валентина Григорьевна сурук тутулугар, Георгий Ефимович ааҕааччы быһыытынан болҕомтобутун хатаатыбыт. Биир кылаан кыайыылаах, 3 үрдэл уонна 5 анал ааттар быһаарылыннылар.
Түмүгү биллэриигэ харах ууланыар диэри үөрбүт ааптардар бааллара биһигини бэйэбитин төттөрү долгутта эбээт. Ол курдук саҥа суруйан эрэр, эбэтэр суруйбута ырааппыт эрээри бэйэлэригэр эрэлэ суох буолан киэҥ эйгэҕэ биллэ-көстө илик дьон ааттара эмискэ бу күрэскэ күөрэс гыннылар. Бириистэр да дьоһуннаахтар, тэрийээччилэр кыахтаах спонсордары булан, кыайыылаахтар илии тутуурдаах, өттүк харалаах баралларын хааччыйбыттар.
Былатыан диэн киһи аата буоларын таһынан, сахабыт тылын аҕыс буукубата, сэттэ дорҕооно буоллаҕа. Дьэ бу дорҕооннору эттээн-сииннээн, биир санааҕа түмэн таһаарар күпүлүөтү суруйуу бу эйгэҕэ элбэхтик эллэммит эрэ киһиэхэ кыайтарыах курдук. Холобур, Л уонна Н дорҕооннору этии иннигэр туруоран хоһуйуу саха тылыгар уустуктардаах эбитэ көстөн таҕыста. Хата, Ойуунускайга сыһыаннаах Ленин, лаампа, Лена, Лаанык, норуот диэн тыллар бааллара үгүс ааптары быыһаата диэххэ сөп. Эһиги эмиэ бу тылы уһаты тутан акростих суруйан холонон көрүҥ дуу?…
Тута хоһуйуу — оҕус үрдүгэр олороот ырыаһыт буолар, оһуокай, олоҥхо доҕуһуоллаах саха омугун поэзиятын биир уратытын, күүстээх өрүтүн быһыытынан сайда турарыгар маннык күрэстэр туһаны аҕалаллар.

Дьоһун үлэм — дьолум төрдө, сахам тыла, эн эбит…

Былырыын баччаларга эмискэ суох буолбут, саха аныгы поэзиятын биир бэлиэ сулуһа — Ирина Колодезникова-Ымыыны ахтар киэһэ Ытык Күөлгэ Култуура дьиэтигэр буолла. Сааланы толору дьон мустубут. Экраҥҥа Ымыы барахсан кэрэ сэбэрэтинэн субу сандаарыйан турар хаартыскалара бииртэн биир солбуһан иһэллэр. Көрдөрүүгэ кини аҕыйах чараас кинигэлэрин таһынан боолдьохтон бэйэтин илиитинэн имитэн-хомутан оҥорбут уран оҥоһуктара, ырыа түһүлгэлэригэр кини хоһоонноругар айыллыбыт ырыаларга ылбыт махтал суруктара турбуттар.
Билигин хоһоон хонуутугар эгэлгэ ыллыгы тэлэн тиийэн кэлээччи элбэх. Үгүстэрин таһымын киһи ылбычча быһаарбат: «туох эрэ баар курдук», «элбэхтик үлэлээтэҕинэ тахсыыһы», «хайдах эбитэ буолла, мин өйдөөбөтүм, баҕар улуу киһи буолуо…» диэх курдук кинилэр тустарынан этиэххэ сөп. Онтон Ымыы бастакы хоһоонуттан туох да мөккүөрэ саха поэзиятын байыта кэлбит киһи буоларын итэҕэппитэ. «Олохпор олус ыарахан түгэҥҥэ эн хоһоонноргун ааҕан өрүһүммүтүм, онтон хоһоон суруйар буолбутум» диэн этэн турардаах. Ол эрэн кини айар киһи быһыытынан айылҕаттан ананан, иитиллэн кэлбит киһи, мин хоһооннорбор түбэһэ түһүүтэ ол мунньуллубут, ууруллубут кыаҕын эмискэ таһаарарыгар сылтах эрэ буолбут буолуохтаах.
Ахтыы киэһэтин суруйааччы, Ымыы дьүөгэтэ Елена Филатова-Сыгыйык олус долгутуулаахтык, бэйэтэ бэйэтиттэн ситимнэнэн тахсан иһэрин курдук аттаран, үрдүк таһымҥа ыытта. Ымыы туһунан элбэҕи саҥа биллибит, иһиттибит, кинини Ийэ, Үлэһит, Кэргэн, Доҕор быһыытынан истиҥник арыйдыбыт. Ымыы хоһоонноругар ырыалар уран долгуннарыгар умсан ыллыбыт. Эрхаан уонна Санита Ай бэйиэти кытта бииргэ үлэлээннэр, уостан түспэт үтүөкэн да ырыалары айбыттар эбит. Күн аайы араадьыйанан таптаан истэр ырыаларбыт Ымыы тылларыгар буолалларын сорохтор манна кэлэн биллилэр.
Ымыы бэчээттэммэккэ хаалбыт хоһоонноро элбэх эбит, аҕыйах ахсаанынан тахсаат бүтэн хаалбыт кинигэлэригэр киирбит хоһоонноро даҕаны киэҥ ааҕааччыга ситэ тиийбэтэхтэрэ өйдөнөр. Онон, Суруйааччы сойууһа, Таатта улууһун салалтата Ымыы хоһооннорун дьоһуннаах хомуурунньугун таһаарар иэстээхтэр курдук. Ону таһынан элбэх хоһооно ырыа буолан кынаттанан биһиги бүгүҥҥү күммүтүн киэргэтэллэр, сарсыҥҥы да кэммитигэр баар буолар аналлаахтар. Ымыы хоһоонноругар ырыалар киэһэлэрин, ырыа күрэҕин да тэрийэр буоллар, өрөспүүбүлүкэ айар эйгэтигэр бэлиэ тэрээһиннэр буолуо этилэр диэн баҕа санаабын тиэрдэбин.

Тылым — уоттаах тымтыгым

«Умсан ылыым умсулҕаммар,
Айар-тутар абылаҥмар,
Сыта түһүүм сылаанньытар,
Сөрүү тардар сөрүөтүгэр.
 
Тылым — уоттаах тымтыгым,
Бэйэм тыырбыт тырыыҥкам.
Тылым миэнэ тапталым,
Талан ылбыт аналым.
 
Махтанабын ийэ тылбар,
Арыы-сүөгэй далбаргар,
Ааттаах-суоллаах айаҥҥар
Аргыс-доҕор гыммыккар.
 
Түөрэ түһэр түмүк чааспар
Өрө тардан өрүһүйээр.
Өлөн баран да төлөннүрэр
Өһөн хаалбат дьылҕалаар».
(Ымыы)

Улуу убайбыт биһигэр — Муҥха Дэлбэрийбиккэ

Ойуунускай төрөөбүт ытык алааһа симэх от эгэлгэтин өрө уунан, самаан сайыҥҥы күн сардаҥатын анныгар күлүмнүү-мичиҥнии сытар. Мин манна урут 2000-лар саҕаланыыларыгар суруйааччылары кытта кэлэн турардаахпын. Билигин Таатта үрэҕи туоруур тимир муоста тутуллубут. Манна сырыыбытын түмэл үлэһиттэрэ улуу убайбыт оҕо сааһын, кини төрдүн-ууһун, Муҥха Дэлбэрийбит алаас туһунан киһи эрэ умсугуйа истиэх курдук киэҥ ис хоһоонноох кэпсээннэринэн доҕуһуоллаатылар. Балаҕан иһигэр көмүлүөгэ үлэлиир, Былатыан оҕо утуйбут ороно баар, бөҕө-таҕа сэргэлэрэ турар.
Билигин сайын устата сынньана, дуоһуйа ыраах сирдэринэн барарбыт-кэлэрбит бохсуллубут кэмигэр олоробут. Дьиҥэ, бэйэбит Сахабыт сирин устун да киһи кэрэхсиирэ элбэх буоллаҕа. Олортон биирдэстэрэ —  бу ытык Таатта сиригэр улуу дьоммутун биһиктээн улаатыннарбыт сирдэринэн кэрэ-бэлиэ айан буолар.
Тааттаҕа бу сырыыбыт самаан сайыммыт биир дьоро түгэнэ, өлбөөрбөт өйдөбүлэ буолан сүрэхпитигэр хаалыа. Биһигини үөрэ-көтө көрсүбүт,остуол тардан ыалдьыттаппыт, арыаллаан илдьэ сылдьыбыт биир сойуустаахпытыгар, суруйааччы Иннокентий Лукачевскай-Силискэ, кини хотуна Матрена Васильевнаҕа барҕа махтал!
Маннык түмсүүлэргэ киһи ардыгар урут истэ илик кэрэ хоһоонун, айар алыптаах тылын истэн дьоллонор. Мин Хара Алдан диэн сиртэн кэлбит Бүөтүр Хара диэн суруйааччы саҥа хоһооннорун долгуйа, сүрэхтиин сэгэйэ иһиттим, туох эрэ олус кэрэнэн, ис хоһооннооҕунан байбыт курдук сананным. Ол хоһооннору аны бэчээккэ күүтэбин.

Наталья МИХАЛЕВА-САЙА

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Умсулҕаннар» быыстапкаларыттан (ВИДЕО)

Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"]   Түмсүүнү оҕо…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сүллүкүүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүкүүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бээдилэр ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр

Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өспөхтөр 187 хаххалыыр сиэккэни оҥордулар

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…

4 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тохсунньу билгэлэрэ

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Быйыл икки аэропорду саҥардан оҥоруохтара

2025 сылга өрөспүүбүлбүкэҕэ икки аэропорду саҥардан оҥорууну түмүктүөхтэрэ уонна саҥаны тутуохтара. Ил Дархан Айсен Николаев…

5 часов ago