Ытык Күөл поликлиниката күннээҕи эрэсииминэн үлэлээн эрэр

Ытык Күөл поликлиниката күннээҕи эрэсииминэн үлэлээн эрэр

Ааптар:
30.11.2023, 15:41
Андрей Сорокин хаартыскаҕа түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Дойду аҕа баһылыга Владимир Путин сэтинньи 28 күнүгэр Таатта улууһун Ытык Күөлүгэр саҥа поликлиниканы аһыыга онлайн-сибээс көмөтүнэн кыттыбыта, ис сүрэҕиттэн олохтоохтору эҕэрдэлээбитэ.  Билигин поликлиника күннээҕи үлэ эрэсиимигэр киирэн, ыарыһахтары көрөн саҕалаата.

Аныгылыы тутуулаах поликлиника үлэ күнүн устата 200 киһини көрөр-истэр кыамталаах. Санатар буоллахха,  саҥа эбийиэк«Доруобуйа» национальнай бырайыак чэрчитинэн тутулунна. Дойду бэрэсидьиэнэ этэринэн, маннык эбийиэктэри тутуу дойдубут хас биирдии эрэгийиэнигэр, олор истэригэр кыра куораттарга уонна бөһүөлэктэргэ, дьон-сэргэ үрдүк таһымнаах аныгы мэдиссиинэ көмөтүн ылалларыгар туһуланар.
4 тыһ. кв.м. иэннээх поликлиника доруобуйа харыстабылын эйгэтин саамай тиһэх ситиһиилэринэн хааччыллыбыт. Бастакы өҥө ылбыт дьон саҥа балыыһа таһымын үрдүктүк сыаналаан хайҕыыллар.

Кыыспынаан Зариналыын бүгүн үс этээстээх саҥа балыыһаҕа тиийэ сырыттыбыт. Учаастактааҕы педиатр бырааска Майя Виталиевнаҕа приемҥа киирдибит. Саҥа кэбиниэттэр олус тупсаҕайдар, хааччыллыылара үчүгэйин биһирии көрдүбүт. Хамсаналларыгар хааччахтаах дьон холкутук киирэллэригэр аналлаах бэртээхэй пандус баар. Аны анаалыс туттарыыта судургутуйбут. Бу иннинэ атын дьиэҕэ тиийэр этибит. Билигин анаалыһы барытын биир дьиэҕэ туттарыллар буолбут”, — диэн Ытык Күөл олохтооҕо Евдокия Кузьмина санаатын үллэһиннэ. 

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: