Хайа да киһи олоҕор олус чугастык, истиҥник саныыр дьонноох буолар. Мин ытык Таатта сиригэр кэлэн олохсуйан, үлэһит буолбутум 45 сыл буолла. Тааттаҕа педагогическай училищены саҥа бүтэрбит 18 саастаах оҕо киһи кэлэн, үлэһит быһыытынан үүнэн-сайдан тахсыыбар үгүс үтүө дьону көрсүбүтүм сүрүн тирэх буолбута. Ол дьоннортон биирдэстэринэн эдьиийим тэҥэ күндүтүк саныыр киһим Евдокия Ивановна Софронова буолар.
Евдокия Ивановнаны бастаан кустовой түмсүүлэргэ көрбүтүм. Сырдык, ыраас дууһалаах киһи буолара дьүһүнүгэр да сурулла сылдьарын хара маҥнайгыттан бэлиэтии көрбүппүн өйдүүбүн. Онтон ордук чугастык 1985 сыллаахтан, мин саха тылын учууталынан үлэлиир буолбутум кэннэ, билсиһэн, доҕордоһон барбыппыт. Кини ыытар дириҥ ис хоһоонноох аһаҕас уруоктарыттан олус элбэххэ үөрэммитим. Кэм ирдэбилин кытта тэҥҥэ сайдан иһэр аҕа сүбэһит миэхэ, саҥа тыл учууталынан үлэлээн эрэр киһиэхэ, элбэҕи биэрбитин чопчулаан бэлиэтиибин.
Салайар кылааспыт оҕолорун билиһиннэртээн, доҕордуу тыыҥҥа уһуйбуппут билиҥҥэ диэри салҕанарын, түмсүүлээхтэрин көрөн киһи эрэ үөрэр. Ол курдук, 1991 с. Евдокия Ивановна – Чычымахха, мин Харбалаахха салайбыт выпуспут оҕолоруттан үгүстэр улуус, өрөспүүбүлүкэ араас таһымнаах салайар үлэлэригэр бэриниилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьалларын сэмээр үөрэ, киэн тутта кэтээн көрөбүн. Умнуллубат куонкурустар, похуоттар, чинчийэр үлэлэр оҕолорбут барахсаттарга кэскиллээх өйү-санааны сахтахтара буолуо. Маны барытын иилээччинэн-саҕалааччынан Евдокия Ивановна барахсан буолар этэ.Үөрэх дьыла бүтүүтэ Хотолдьу алааһыгар утарыта кэлэн көрсөн, оонньоон-көрүлээн сылбытын түмүктүүр үтүө үгэстээх этибит.
Национальнай кэнсиэпсийэ олоххо киириитин Таатта улууһун учууталлара уруйдуу көрсүбүппүт, утаппыттыы үлэ үөһүгэр оройбутунан түспүппүт. Онно сүрүн сүбэһиттэринэн аҕа саастаах кэллиэгэлэрбит буолбуттара: Чычымахха –Евдокия Ивановна Софронова,Чөркөөххө — Д.С.Жегусов, Чымнаайыга — М.П..Прокопьева, Баайаҕага — П.А. Андросов, Кыйыга — Е.П.Чехордуна уо.д.а. Евдокия Ивановна ырааҕы, кэскиллээҕи өтө көрөр идэтинэн, саха урукку олоҕун көрдөрөр мусуой-кэбиниэти тэрийэн, бүтүн өрөспүүбүлүкэ биһирэбилин ылбыта. Бу кэбиниэт көннөрү көрүнньүк буолбакка, дириҥ ис хоһооно үөрэтии-иитии хамыытыгар тирэх буоларыгар дууһатын биэрэн туран үлэлээбитэ. Элбэх үөрэнээччитэ тапталлаах учууталларын туйаҕын хатаран, ийэ тылы хараанныыр үлэһит бэрдэ буолбуттара — учуутал быһыытынан тахсыылаах үлэтин туоһута.
Кини киһи быһыытынан олус үөрүнньэҥ, хаһан да санаатын түһэрбэт, үөрэн мычылыйа сылдьар идэлээх, дэбигис көстүбэт, үтүө майгылаах киһи этэ. Миэхэ ураты истиҥник, кыра да ситиһиилэрбин хайаан да бэлиэтээн, өрө тутан сыһыаннаһара. Бу маннык сыһыана учуутал быһыытынан үүнүүбэр-сайдыыбар улахан оруоллаах буолбута.Эдьиийим курдук убанан хаалбытым, өр көрсүбэтэхпинэ наһаа суохтуурум, кэнники бэйэтигэр сыһыаран, дьиэ кэргэнинэн доҕордуу буолбуппут. Оҕолорум “Чычымах эдьиийэ” диэн истиҥник ааттыыллара.Оннооҕор балыыһаҕа тиэтэлинэн кэлэн барарыгар, оҕолорбор хайаан да илии тутуурдаах, кэһиилээх буолааччы. Араас мунньахтарга, сэминээрдэргэ тапсан аҕай бииргэ сылдьааччыбыт, хонуктаах буоллаҕына,хайаан да бэйэтин кытта илдьэ баран, хоонньоһон утуйар этибит. Ытык Күөлгэ –Цойдарга, Хара –Алдаҥҥа Старостиннарга мааныланан да сылдьар, хонор этибит.
Билигин уола Аркадий уолаттара эһэлэрин кытта сылдьан, отчут-масчыт бастыҥа, сааһын үгүс көтөрү сууһарар булчут бэрдэ буола үүнэн эрэллэрин, улахан сиэннэр араас идэни баһылаан, өрөспүүбүлүкэ киэҥ киэлитигэр тарҕанан үлэлии-хамсыы сылдьалларын истэммин долгуйа үөрэбин, дьүөгэм бу кэмҥэ тиийбитэ буоллар, сиэннэриттэн иһигэр сахалыы сэмэйдик олус үөрүө-астыныа этэ дии саныыбын.
Маннык үтүө-мааны киһини, чулуу учууталы кытта билиһиннэрбитигэр дьылҕабар махтанабын!
Евдокия Ивановна аанньал тэҥэ сырдык, ыраас сирдээҕи олоҕо оҕолоругар, сиэннэригэр, тапталлаах Чычымаҕын үүнэр көлүөнэтигэр куруук ыраахха, үрдүккэ, кэрэҕэ угуйар чаҕылхай сулус буолан тырымныы турдун!
Эдьиийим тэҥэ истиҥ сыһыаннаах аҕа сүбэһитим, учуутал буолан, үүнэн-сайдан иһиибэр тирэх буолбут САССР үтүөлээх учуутала Евдокия Ивановна Софронова туһунан быйылгы “Уһуйааччы уонна педагог” сылынан хайаан да ахтан-санаан ааһарым — махталым үтүө бэлиэтэ буолар!
Валентина Семеновна КРИВОШАПКИНА, Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугун саха тылыгар, литературатыгар учуутала, СӨ үтүөлээх учуутала.
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…