Салгыы
Үтүмэн үрдүк ситиһиилэрдээх дьоҕус кулууп дьиэ   

Үтүмэн үрдүк ситиһиилэрдээх дьоҕус кулууп дьиэ   

17.01.2025, 19:00
СИА хаартыската
Бөлөххө киир:

Дьокуускай куоракка биир үс этээстээх “Саахымат уонна дуобат кулууба” дэнэр киин дьоҕус таас дьиэ халлааҥҥа харбаспыт үрдүк тутуулар быыстарыгар кыбыллан турар. Наадалаах да киһи бу кулууп дьиэни сирдьитэ суох булан тиийэр кыаҕа суох…

Ол эрэн, кыратын, дьоҕуһун көрүмэҥ, саха-сахатын удьуорун биллэрэр дьиҥнээх таһаарыылаах үлэ-хамнас күөстүү оргуйа турар сирэ манна ыытыллар. Туох да эбиитэ суох күннэтэ бу кулуупка сүүһүнэн ааҕыллар кырачаан оҕолор барахсаттар тиэстэллэр. Кинилэри үрдүк таһымнаах успуорт маастардара  — тириэньэр учууталлар дуобат, саахымат оонньууларын ис кистэлэҥнэрин баһылыырга дьарыктыыллар. Оҕолорун эбээлэрэ, ийэлэрэ күн-дьыл туругун аахсыбакка таскайдыыллар. Хайыахтарай “истэриттэн” таһаарбыт көмүстэрэ, кэскиллэрэ буоллаҕа дии.

Маны сэргэ бу кулууп дьиэҕэ нэдиэлэҕэ икки-үс күн ытык саастарын туолбут – куорат эргиннээҕи 75-85 саастаах кырдьаҕастар мустабыт. Тэҥҥэ кырдьыбыт талах дуобаппытын санаан “кыдьыкпытын” таһаарабыт. Арыт, этэргэ дылы, сирбиппитин “туора тутан”, таптаабыты “өрө анньан”, адьас сахалыы кэпсэппэхтээн хаалабыт. Ол да үчүгэй, кырыйдахха кэпсэтэр да киһи суох буолар эбит.

Сүүһүнэн кыттааччылаах күрэхтэһиилэр

Бу-үөһэ ахтыллан ааспыт дьарыктар, өссө тэрилтэ сүрүн үлэтин таһынан ыытыллар самалык (эбии) үлэлэр быһыылаахтар. Маны тас өртүнэн хас ый ахсын диэххэ сөп сүүһүнэн кыттааччылаах олус элбэх тэрээһини эрэйэр араас бииртэн-биир сонун түмсүүлэр, тэрээһиннэр бөҕө ыытыллаллар. Ол курдук, оскуола саастаах оҕолорго спортивнай разряд нуормаларын толорууга (классификационнай диэн ааттыылла) уочараттаан ыытыллар күрэхтэр бөҕө буолаллар.Ону тэҥэ куорат иһинээҕи оройуоннар (түөлбэлэр) икки ардыларыгар саахымат уонна дуобат ооннууларыгар саамай көхтөөх, биллэ-көстүбэт ордук санаһыылаах, ол да буоллар, үгүс үөрүүлэрдээх, сорох хомойон бэйэтин-бэйэтэ охсунар абалаах-кыһыылаах хотторуулардаах түгэннэр буолар күрэхтэрэ сыллата манна ыытыллан ааһаллар. Успуорт бу көрүҥэр сыстыбатах киһи баҕар итэҕэйиэ суоҕа – ыалдьааччы, көрөөччү элбэҕэ киһини сөхтөрөр. Ол быыһыгар, араас сылыктааччылар, хайа хамаанда күүстээҕин, хайа маастар быйыл ордук бэлэмнээҕин, адьас оҕо эрдэхтэриттэн тиийэ билээччилэр да ханна барыахтарай, баар бөҕөлөр. Чэ, быһата, адьас ат сүүрүүтүгэр ипподромҥа киирэн муна сылдьар курдуккун.

Өссө биир улахан тэрээһиннээх эрэ буолбакка, эппиэттээх былааннаах үлэлэринэн улуустар хамаандаларын икки ардыларыгар ыытыллар күрэхтэһиини ааҕыахха сөп.

Маны таһынан улуустартан саҕалаан өрөспүүбүлүкэ күүстээх оонньооччуларын быһаарыы, улахан кэлэктииптэр икки ардыларыгар табаарыстыы көрсүһүүлэри тэрийии уонна да атын араас үбүлүөйдээх тэрээһиннэри бэлиэтээн ааһыы курдук, барыта саахымат уонна дуобат оонньуутун тэнитэр-кэҥэтэр сыаллаах үлэ-хамнас бөҕө бу дьоҕус “Дыбарыаспытыгар” ыытыллар. Биир тылынан эттэххэ, итиччэ элбэх киһини сотору-сотору хайдах мунньан күрэх бөҕөнү тэрийэннэр, иннин-кэннин булларан, быһаартаан иһэллэрин сөҕүөххэ уонна махтаныахха эрэ сөп.

“Үчүгэй дьиэ-уот наада”

Бэрт аҕыйах тылы үөһэ ахтан ааспыт “Билиҥҥи ирдэбилгэ эппиэттээбэт, кыбыллан турар” – диэн этиибэр быһаарылары биэрэн ааһабын:

Бастатан туран, бу дьоҕус кулууп дьиэ турар – тутуллубут миэстэтэ олус кыбычаан, ирдэбилгэ ханан да эппиэттээбэт. Күннэтэ оҕолорун сиэтэ сылдьан дьарыктаннара аҕалар эбээлэргэ, ийэлэргэ уонна тайах маска өйөнөн сылдьар ытык саастарын туолбут, муҥур кэмнэригэр сылдьар сааһырбыт дьоҥҥо олус сэрэхтээҕин ааһан, аһара кутталлаах. Ону ааһан, аан дойду хас эмэ төгүллээх чөмпүйүөннэрэ, аатырбыт-сураҕырбыт, сахабыт сирин аан дойду таһымыгар таһаарбыт гроссмейстардарбыт, чуумпутук үлэлииллэригэр ханан да эппиэттээбэт. Сэрэйэн этэбин, бука, кинилэр дьарыктаналларыгар аныгы көмпүүтэрдэр, тэлэбиисэрдэр  араас көрүҥнэрэ уонна да атын тэхиньиичэскэй сайдыылары туһаныы наада буолара буолуо.

Иккиһинэн, үгүс улахан тэрээһиннэргэ 200-кэ тыа сирин күүстээх спортсменнара, актыбыыстара баар-суох тутаах дьоно мусталлар. Кинилэр бары ыал мааны ийэлэрэ, дьоһун аҕалара буолаллар. Кинилэри кулууп үлэһиттэрэ бары сиэри-туому тутуһан, туох баалларынан көрсө сатыыллар да, дьон мааны танастарын тутар-харайар миэстэ кыараҕас буолан, бэрт элбэх түбүккэ түһэрэр. Оҕолор барахсаттар сүгэһэр өйүө суумкаларын ханна миэстэ баарынан бугуллаан кэбиһэр түбэлтэлэрэ суох буолбатах. Араас бэйэлээх сыаналаах атах таҥастара кэчигирээн ахан турар буолаллар. Ол барыта бу дьиэ бырайыага олох атын сыалга сыыһа оҥоһуллубутуттан  тахсар буолуохтаах.

Үсүһүнэн, кулууп дьиэбит таһыгар, чугас күнүс уу-хаар оргутан атыылыыр эргиэмсик баара биллибэт. Онон төрүт оттуу дуу, бултуу дуу барардыы  өйүө-тайма бөҕөнү тэриннэххэ табыллыах курдук. Хата, техүлэһиттэр бэйэлэрэ уу оргутан тымныы да, сылаас да ууну бэлэмнээн абырыыллар.

Манна үгүс тэрээһиннэргэ үөһэ тэрилтэлэртэн туһааннаах үлэһиттэр сылдьыбат, көрбөт-истибэт буолбатахтар, сылдьаллар. Билэр-көрөр дьоннорун кытта кэпсэтэллэр, оҕолорго бары ситиһиилэри баҕараллар. Ол да, биһиги курдук ааспыт үйэ дьонноругар үчүгэй. Арай, былыргы өйүнэн-санаанан сылдьар дьон биһиги – бачча элбэх дьон мустар тэрилтэтигэр биирдэ эмэтэ сонун-нуомас кэпсээн, санаа атастаһан барыахтара диэн, арыт күүтэн көрөбүт да, ол төрүт умнуллубут дуу, көҥүллэммэт дуу дьыала быһыылаах.

Кылгастык 2024 сыл түмүгүнэн, саахымат уонна дуобат киинин  үлэтин ситиһиилэриттэн сырдатан ааһыаҕы баҕарыллар:

  1. 2024 сыл түмүгүнэн Саха сиригэр барыта аан дойду таһымнаах 18 (уон аҕыс) гроссмейстрдар үүнэн таҕыстылар.
  2. Норуоттар икки ардыларынааҕы күүстээх успуорт маастардара, атыннык өйдөөтөххө Россия гроссмейстрдара – 30-35 спорт-н.
  3. Аан дойду икки-үс төгүллээх чөмпүйүөннэрэ сыллата эбиллэн иһэллэр.
  4. Арассыыйа уонна Саха сирин успуорт маастардарын сүүһүнэн спортсменнарын ааҕыахха сөп.

Саха сиригэр успуорт сайынна

Саахымакка уонна дуобакка успуорт ситиһиилэрин аҥардас спортсменнар ситиһиилэрин эрэ курдук сыаналыыр тутах. Бу – улахан бэлиитикэ уонна Сахабыт сиригэр олох-дьаһах сайдан эрэрин кэрэһэлиир успуорт соҕотох көрүҥэ буоларын умнумуохха. Түмүктээн эттэххэ, Сахабыт сирин аан дойду таһымыгар таһаарбыт саахымат уонна дуобат успуорда өссө күүскэ сайдар туруктаах. Онон ирдэбиллэргэ толору эппиэттиир Саахымат уонна дуобат киинин  дьиэтин саҥардан биэрии кэмэ-кэрдиитэ кэлэн эрэрин туһунан туһааннаах министиэристибэҕэ санатыаҕы баҕарыллар.

Гаврил Портнягин, 85 саастаах биэнсийэлээх,

Дуобат уонна саахымат успуордун сэҥээрээччи, РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.

Дьокуускай.

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
18 января
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: