Ытырыык ыттартан анаалыһы кыайан ылбатылар
Сэтинньи 22 күнүттэн Дьокуускайдааҕы ыттары быстах кэмҥэ тутар «Помоги выжить» пууҥҥа бэтэринээрдэр үлэлииллэр. Дьокуускайга уонна Жатайга ыт бүрүсүлүөһэ көстүбүтэ.
Сэтинньи ортото бүрүсүлүөс ыарыы пуун ыттарыгар баара биллибитэ. Билигиҥҥи туругунан, Очиченко 57 аадырыска баар пууҥҥа 967 ыт иитиллэн турар. Ахсынньы 6 күнүнээҕи туругунан, 736 ыттан номнуо хаан анаалыһа ылыллыбыт. Икки ыйдарын туола илик ыт оҕолоруттан уонна ытырыык ыттартан бүгүҥҥү күҥҥэ анаалыс ылылла илик. Ол курдук, ытырыык ыттартан исписэлиистэри харыстыыр сыалтан миорелаксант диэн ыты хамсаабат оҥорор эми атыылаһыы туһунан боппуруос быһаарылла сылдьар.
Бэлиэтээн суруйдахха, Москватааҕы кыыллар доруобуйаларын харыстыыр федеральнай кииҥҥэ уонна Дьокуускай куорат өрөспүүбүлүкэтээҕи бэтэринээринэй-чинчийэр лабораторияҕа уопсайа 41 бүрүсүлүөскэ уорбаланар кыыл анаалыһа оҥоһуллубута. Мантан 30 анаалыс бүрүсүлүөс баарын көрдөрбүтэ. Балартан 28 ыт, икки куоска ыалдьыбыттар. Бүгүҥҥү күҥҥэ эпизоотическай очагтар баар сирдэригэр бүрүсүлүөһү суох оҥорууга тэрээһин үлэлэр ыытыллаллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: