Юлиана Иванова: «Ньурба ыччатын көмөтө улахан»
Ньурба улууһун дьаһалтатын ыччат политикатыгар управлениетын сүрүн исписэлииһэ, улуус волонтердарын салайааччыта Юлиана Иванова улууска байыаннайдарга уонна кинилэр дьиэ кэргэтттигэр көмөлөһүүгэ ыччат төһүү күүс буоларын бэлиэтиир.
— Ньурба улууһугар «МыВместе” волонтердар хамсааһыннара күүскэ үлэлии турар. 300-тэн тахса волонтеру түмэр кииммит балаҕан ыйыттан бу ыйга диэри 200-тэн тахса тус аадырыстаах көмөнү оҥордо. Волонтердар улуус 18 нэһилиэгэр уонна Ньурба куоратыгар тэрээһиннээхтик үлэлии-хамныы сылдьаллар. Байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэриттэн киирэр араас сайаапкаларынан көмө, өйөбүл кэмигэр тута оҥоһуллан иһэр. Кииммитигэр араас сайаапка киирэр. Ол курдук? ааспыт күһүнтэн ыла ас бородууктатын аҕалан биэрии, хотон сыбаҕа, мууһу, уокка оттор маһы бэлэмнээһин, хаары тиэргэнтэн күрдьэн ыраастааһын уо.д.а. үлэлэр ыытыллыбыттара, билигин да ол салҕанан бара турар.
Ааспыт сылга алтынньы, сэтинньи ыйдарга Ньурба куоратыттан хас да тэрилтэттэн, МФЦ-тан, психологтар, ыччат управлениета, реабилитациялыыр киинтэн бэрэстэбиитэллэрдээх тыаларга тахсан, байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин кытта ыкса үлэлээбиппит. Нэһилиэктэри кэрийэн сайаапканан үлэлээбиппит. Ону таһынан байыаннай сулууспалаах дьиэ кэргэнэ чэпчэтиинэн туһанарыгар көмөлөөх 206 дастабырыанньаны туттарбыппыт. Бу дастабырыанньаҕа дьиэ кэргэттэр ханнык чэпчэтиилэринэн туһаныахтарын сөбө ырылыччы сурулла сылдьар.
Улууска үтүө баҕанан тэриллибит «Көмүскэл» иис сыаҕа байыаннай таҥастары, балааккалары, онтон да атын байыаннай усулуобуйаҕа наадалаах таҥаһы-сабы тигэн ыыта олорор. Биһиги улууспут ыччаттара байыаннайдарбытыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр, көмө инники күөнүгэр сылдьалларынан киэн туттабыт. Байыаннай эпэрээссийэҕэ Ньурбаттан барбыт дьоммут этэҥҥэ эргиллэн кэллэллэригэр алгыспытын ыытабыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: