Кинилэр хаартыскаҕа өрүү сиэттиһэ сылдьан түһэллэр. Ол сиэттиһэ сылдьар кырасыабай бэйэлээх уоллаах кыыс иккиэн өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр дьон – аатырбыт тустуук Виктор Рассадин уонна эстрада ырыаһыта Юана. Бүгүн «Саха сирэ» хаһыакка Дьиэ кэргэн сылыгар анаан «Итии чэй» рубрикаҕа ыалдьыттыыр Юлиана Рассадина-Юана.
«Юлианабын аан бастаан 2017 сыллаахха «Саха» НКИХ «Саҥа ырыа» биэриигэ көрбүтүм. Онтон аныгы кэм сайдыытынан, интэриниэт ситим нөҥүө булан, киниэхэ суруйбутум. Салгыы сиһилии суруйсан, сүрэхпитинэн таптаһан, харахпытынан хайҕаһан, олохпутун холбообуппут. Кэргэним дьиэ кэргэнэ миигин бэйэлэрин оҕолорун курдук истиҥ-сылаас сыһыанынан көрсүбүттэрэ. Билигин уолбут Тамерлан 4 саастаах, кыыспыт Тайаана 1-дээх киһичээн. Кэргэним өйөбүлүгэр, тапталыгар, кинини көрсүбүппэр дьылҕабар махтанабын. Миэхэ чугас дьонум саҕа күндү суох. Дьиэбэр олох атын киһибин. «Мин — кэргэммин, аҕабын» дии санаатахпына, икки бүк дьиҥнээх дьол, ситиһии иэйиитэ киирэр. Дьиэбэр, оҕолорбор кэллэхпинэ, дууһалыын сынньанабын, олоҕу олох атыннык сыаналыыбын. Аҕа кынныбар Артур Афанасьевич Николаевка махталым муҥура суох. Саамай өйүүр-өйдүүр, тирэх буолар киһим өйөбүлүнэн элбэҕи биллим, көрдүм, ситистим» диэн үгүс интервьюларга бэлиэтиир норуот киэн туттар спортсмена Виктор Рассадин.
Эдэр ыал ийэтэ, тапталлаах кэргэн, талааннаах ырыаһыт Юлиана Рассадинаны кытта кэпсэтиибитин ити Виктор ахтан ааспыт бастакы билсиһиититтэн саҕалаатыбыт.
– Юлиана, Виктор эйигин тэлэбиисэргэ көрөн сөбүлээбит эбит дии. Эйиэхэ суруйбутугар тута эппиэттээбитиҥ дуо?
– 2017 сыллаахха алтынньыга биир социальнай ситимҥэ суруйбута. Мин ити кэмҥэ «Саҥа ырыаҕа, «Үрдэлгэ», «Дохсуҥҥа» кыттан үгүстүк лауреат аатын ыла сылдьар этим. Ол суруйсуубут саҕаланыыта, билигин санаатахха, иккиэммитигэр дьылҕабыт бэлэҕэ эбит. «Саҥа ырыа» күрэһигэр кытта сылдьар кэмим этэ. Түмүгүн этэллэригэр син өр кэтэһиннэрбиттэрэ. Кэтэһэ таарыйа төлөпүөммүн көрүөхпүн, аны сибээс быстан хаалбыта. Арай чочумча буолаат, холбонон кэлбитэ. Көрбүтүм, Виктор Рассадин суруйбут эбит. Оччолорго успуорка туох да сыһыана суох киһибин. Онон Виктор Рассадин диэн кимин иҥэн-тоҥон үчүгэйдик билбэт этим. «Бааһынай уол суруйбут» диэн ылыммытым. Аны мин кимниин да социальнай ситим нөҥүө билсээччим суох. Оттон ол кэмҥэ, бириэмэлээх киһи быһыытынан, Викторга суругар хоруйу ыыппытым. Икки ый курдук суруйсубуппут. Кини наар сбордарга сылдьар этэ. Арай биир үтүө күн «кэллим, көрсүөххэ» диэн «свиданиеҕа» ыҥырда…
– Кэргэниҥ аҕа кыннын наһаа истиҥник ахтар эбит.
– Мин аҕам Артур Афанасьевич бэйэтэ спортсмен буолан, Викторы наһаа өйүүр. Кини спортиҥҥа Арассыыйа успуордун маастара. Онон Виктордыын олус тапсаллар. Аҕабыт биһиги дьиэ кэргэҥҥэ – сүрүн сүбэһиппит, тирэхпит. Таджикистан – тустуу улаханнык сайдыбатах сирэ. Онон Викторы куйах оҥостор быһаарыыны бастакынан бу дойду салалтата ылбыта. Ити кэпсэтии аҕабыт өйөбүлүнэн барбыта.
– Олимпиадаҕа тиийэн, кэргэҥҥин улаханнык өйөөтүҥ дии. Наһаа долгутуулаах килиибиҥ – Викторгар тапталыҥ туоһута этэ…
– Күндү киһибитин өйүү аҕабынаан иккиэн барбыппыт. Онно дьиэ куортамнаан олорбуппут. Спортсменнар туспа «Олимпийскай дэриэбинэҕэ» олорор буолан, икки күннээх тустуу бүппүтүн эрэ кэннэ көрсөн кэпсэппиппит. «Парижка көтөн кэллим» эрэ диэн суруйбут этэ. Ол кэннэ төлөпүөнүн араарбыта. Кини тустууга бэлэмнэнэр кэмигэр атыҥҥа олох аралдьыйбат. Аҕам күтүөтэ бэлэмнэнэр кэмигэр үгэс буолбут таптыыр аһыттан тэйитимээри, таба этин, тылын, хаан илдьэ барбыта. Ол онтон эт миинэ, мокоруоннаах эт, тыл уонна хаан буһаран, дьону көрдөһөн тиксэрэр этим. «Астара мөлтөх, хата, дойдум аһа абыраата» диэн үөрбүтэ аҕай.
– Килиипкэр көстөрүнэн, тустуу буолар сиригэр сахалыы таҥнан киирииҥ – төрөөбүт дойдугар ытыктабылыҥ бэлиэтэ. Кэргэниҥ ити эн киниэхэ ыалдьаргын кэлин көрдөҕө дии?
– Виктор күрэхтэһэ киирэригэр тугу барытын умнар. Тугу да истибэт да, көрбөт да. Холобура, «Өрөгөй» спорткомплекска буолбут Аан дойду кубогын күрэхтэһиитигэр киниэхэ ыалдьааччылар мүнүүтэ устата «Виктор!» диэн хаһыытаабыттара. Элбэх киһи хаһыыта биир халыып дорҕоон буолан иһиллэрэ төһө күүстээҕин санаа. Олох тугу да истибэтэх этэ. «Саала эйигин өйөөн, өр да өр хаһыытаата» диэбиппитигэр, соһуйбута аҕай. Онон олимпиадаҕа биир киһи – мин хаһыыбын хантан истиэй? Ол эрээри эппиэттээх түгэҥҥэ кини аттыгар баарбын, кинилиин биир салгынынан тыына сылдьарбын билэн, санаата бөҕөх буоллаҕа. Онон ураты турукка киирэн, санаата барыта тустууга буолар.
– Эн, биллэр спортсмен кэргэнэ, эриҥ өрүү дьиэтигэр суоҕар үөрэннэҕиҥ буолуо?
– Оннук. Киһи үөрэнэр. Дойдутугар да кэллэҕинэ, дьарыктанан тахсар. Биир эрэ күн – өрөбүлгэ эрэ сынньанар. Онно да мин дьиэтигэр олордо сатаабаппын. Доҕотторун кытта көрсөн кэпсэтэр, сынньанар. Уонна сбордарга эҥин бардаҕына, «сүтэн хаалбат» киһи. Өрүү видео-сибээһинэн билсэ олоробут. Ол иһин аттыбытыгар баар курдук. Бэйэтин суохтаппат. Оттон мин, төһө да кыра оҕобор олордорбун, араас дьарыгым элбэх буолан, күн солото суох сылдьабын.
– Юлиана, эн кыһыл өҥнөөх таҥаһы наһаа сөбүлээн кэтэҕин дии. Сөбүлүүр өҥүҥ дуо?
– Ити чааһыгар Виктордыын биирбит. Кыһыл өҥү кини эмиэ наһаа сөбүлүүр.
– Тугу сөбүлээн астыыгын? Арааһа, бурдук ас буолуо?
– Кэргэним мүөттээх туорду олус сөбүлүүр. Иллэҥсийдэҕинэ, өрүү ону сакаастыыр. Уонна араас отонтон оҥоһуллубут пирогу өрүү сакаастаан буһартарар.
… «Күн көмүс утаҕа буоламмын, сылаастык нарыннык кууһуоҕум, сүрэххин үөрүүнэн толорон, эйэҕэс мичээрбин бэлэхтиэм…» диэн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Юана–Юлиана Рассадина ырыатын иһиттэхпинэ, «дьылҕа диэн баар эбит, өрүү күлэ-үөрэ сылдьар Виктор Рассадин олоҕум аргыһынан буолбутуттан олус үөрэбин уонна дьоллонобун…» диэн эппитин санаан кэлэбин. Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сыллара Рассадиннар дьиэ кэргэннэригэр сырдык, үөрүүлээх түгэннэри бэлэхтээн, умнуллубат сыл буоллун!
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…