Юлистана Иванова: «Көмө-тирэх буолабыт»
Юлистана Юрьевна Иванова Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ленскэй оройуонугар гражданскай туругу сурукка киллэрэр (саахсаҕа) управление отделын салайааччытынан үлэлиир. Кини анал байыаннай эпэрээссийэҕэ быстах ыҥырыынан уонна бэйэ баҕатынан кыттан, ытык иэстэрин төлүү сылдьар дьоммутугар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр, саастарын ситэ илик оҕолоругар аҕа, эр-ойох буолууну туоһулуур докумуоннарын суһаллык толоруу өҥөлөрүн оҥорон, көмөлөһөбүт диэн кэпсээтэ:
— Биһиги дьоҕус кэлэктииппит Арассыыйа бары олохтоохторун, ол иһигэр Сахабыт сирин кытта биир сомоҕо буола түмсэммит, тустаах үлэбит хайысхатынан көмө-тирэх буолабыт. Ол курдук, быстах ыҥырыы биллэриллэрин кытта биһиги тута түүннэри дьурууһустуба тэрийэн, эр-ойох буолуу, аҕа буолуу тустарынан докумуоннары суһаллык оҥорон биэриигэ күүскэ үлэлээбиппит.
Күн бүгүн биһиги отделбыт СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин кытта ыкса сибээстэһэн, быстах ыҥырыынан сулууспалыы сылдьар дьоҥҥо төлөбүрдэри кэмигэр биэрэн иһиигэ үлэлэһэр, идэлээх сойууспут бу барбыт дьоммут дьиэ кэргэттэрин өйүүр үлэлэргэ кыттар.
Биһиги инники кирбиигэ сылдьар буойуттарбыт этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр улахан эрэллээхпит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: