Байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтара уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ үөрэҕи ылар боппуруостара РФ Аҕа дойду буойуттарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин салайааччыта Юлия Белехова М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет преподавателлэрин уонна үлэһиттэрин кытта көрсүһүүтүн сүрүн тиэмэтинэн буоллулар.
Юлия Белехова байыаннай дьайыы байыастара, кинилэр дьиэ кэргэттэрэ урукку олохторугар төннөллөрүгэр көмөлөһүү улахан суолталааҕын бэлиэтээтэ, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Арассыыйа Дьоруойа, СӨ ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга миниистирин эбээһинэһин толорооччу Игорь Юргин бойобуой дьайыылар кыттыылаахтара гражданскай олоххо үөрэнэллэригэр көмө хайаан да наадатын уонна кинилэр кыахтарын, сатабылларын эйэлээх олоххо хаттаан туһанар наадалааҕын бэлиэтээтэ.
Көрсүһүү кыттыылаахтара ыйыппыт боппуруостарыгар эппиэттэри, сүбэлэри, рекомендациялары ыллылар. Өскөтө устудьуон хантараагынан байыаннай дьайыыга хаттаан барбыт буоллаҕына, академическай уоппусканы ылара хайдах буоларын, контузияттан, утуйар уута кэһиллиититтэн, о.д.а. биричиинэттэн дьайыы кыттыылаахтара үөрэнэргэ ыарахаттары көрсөллөрө барыта таарыйылынна.
«Билии» Арассыыйа уопсастыбатын Саха сиринээҕи салаатын дириэктэрэ Дмитрий Апросимов эппитинэн, ХИФУ үөрэҕин кыһаларыгар 24 байыаннай дьайыы кыттыылаахтара үөрэнэллэр. Кинилэр дьиэ кэргэттэриттэн элбэх оҕо үөрэнэр. Университет байыаннай сулууспалаахтары уонна кинилэр чугас дьоннорун өйүүргэ улахан үлэни ыытар.
«Саха сиригэр үһүс күммүн сылдьабын. Миигин саха дьоно кыайыыга дьулуурдара сөхтөрөр. Эдэриттэн кырдьаҕаһыгар тиийэ бары байыастарга көмөлөһө сатыыллар: хаххалыыр сиэккэ баайаллар, блиндажнай чүмэчилэри оҥороллор. Ыччаттар госпитальга уонна инники күөҥҥэ сылдьар саллааттарга анаан эттэн-балыктан оҥоһуллубут национальнай аһы-үөлү бэлэмнииллэр. Эһиэхэ гуманитарнай көмөнү хомуйар араас кэлэктииптэр бааллар: бизнес, бүддьүөт тэрилтэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ туох баар наадалааҕы барытын ыыталлар. Манна ким да кимиэхэ туохха иэстээхпин диэн ыйыппат, ыллылар да онороллор. Бу ураты майгы — өйөбүл туһунан тылынан эрэ саҥарбакка, дьиҥнээхтик өйүүгүн. Саха сиригэр өйөбүл Ил Дархантан саҕалаан бары таһымҥа баар», — диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ Юлия Белехова.
Орто үөрэх чопчу ханнык идэҕэ ыларын, онно хас миэстэ көрүллэрин туһунан иһитиннэриини тутар хамыыһыйа кулун…
СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников үлэ кыраапыгыттан хаалан, хаарбах дьиэлэртэн көһөрүллүбүт дьоҥҥо дьиэ…
Бэҕэһээ күнүс СӨ Быыһыыр сулууспатыгар Аллайыаха улууһун кииниттэн – Чокуурдаахтан 145 км тэйиччи сытар Төгүрүк…
“Миэхэ, хаһан да сүөһү көрбөтөх киһиэхэ, биллэн турар, бастаан саҕалыырбар уустук этэ. Урут эдьиийбэр Төхтүргэ…
Массыынаны атын дьоҥҥо өрөмүөннэтэ биэрэр сэрэхтэммит. Ол курдук, куорат олохтооҕо массыынатын биир киһиэхэ өрөмүөннэтэ биэрбитин,…
Бүгүн, сэтинньи 29 күнүгэр, бээтинсэҕэ, 13:05 чааска СӨ бырамыысыланнаска уонна геологияҕа миниистирэ Максим Викторович Терещенко…