Юлия Белехова ХИФУ-га сырытта
Бүгүн, сэтинньи 28 күнүгэр, Хотугулуу- Илиҥҥи федеральнай университет учуонай Сэбиэтин саалатыгар РФ Аҕа дойдуну көмүскээччилэр дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин салайааччыта Юлия Белехованы кытта көрсүһүү буолла.
Көрсүһүү кэмигэр үрдүк үөрэх кыһатыгар киирбит анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын социализациялааһын уонна адаптациялааһын боппуруостара дьүүллэһилиннилэр. Ол туһунан ХИФУ пресс-сулууспата суруйар.
Университет преподавателлэриттэн араас хабааннаах ыйытыктар киирдилэр. Көрсүһүү кыттыылаахтарын инникитин докумуон хомуйуу хампаанньаны тэрийии, байыастары кытта кэпсэтиини хайдах саҕалыахха сөбүй диэн боппуруостар долгутар.
«Оҕолорбут чахчы патриоттарын дакаастаатылар. Кинилэр бэйэлэрин олохторунан, доруобуйаларынан дакаастаатылар — бу патриотизм көстүүтэ. Хайдах гынан байыастар санааларын үллэстэллэрин ситиһэбитий. Кини туохтан, хайдах саҕалыылларын билбэттэр, куһаҕаны оҥорортон куттаналлар. Манна, бастатан туран, преподавателлэр састаабыгар көмө наада. Хас биирдиилэрэ бэйэ киһитэбит, чахчы наадалаахпыт диэн санааҕа киириэхтээхтэр», — диэтэ Юлия Белехова. Ыччат уонна социальнай коммуникацияларын дьыалаларыгар миниистирин э.т., Арассыыйа Дьоруойа Игорь Юргин Аҕа дойду байыастарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин федеральнай салайааччытын кытта көрсүһүүлэр сүҥкэн суолталааҕын бэлиэтээтэ. Кини этэринэн, маннык тэрээһин уопсастыбаҕа да, үөрэххэ да ураты болҕомто уурарга көмөлөһөр.
Саха сиринээҕи «Билии» уопсастыба филиалын дириэктэрэ Дмитрий Апросимов ХИФУ үлэтин- хамнаһын туһунан билиһиннэрдэ. Ол курдук, университет идэлээх Сойууһа анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан байыастарга гуманитарнай көмөнү оҥорууга күүскэ үлэлэһэн барбыта. 2022 сыллаахха «#МыВместе» университет ыстааба тэриллибитэ, оттон 2023 сылга хантараагынан сулууспалаабыт байыастары уонна дьиэ кэргэттэрин өйүүр пуондата тэриллибитэ. Көмө пуондата университет үлэһиттэрин баҕа өттүнэн көмө оҥорор харчыларынан үлэлиир. Дьаһалта, идэлээхтэр кэмитиэтэ уонна #МыВместе ыстааб үлэһиттэрэ байыастары өйөөһүҥҥэ араас тэрээһиннэри ыыталлар, ол иһигэр гуманитарнай көмөнү хомуйууну, байыастарга аадырыстаах көмөнү оҥорууну, анал обмундированиены атыылаһыыны, эмп-томп хомуйууну, о.д.а. көмөнү оҥорууну ыыталлар. Бэлиэтээн эттэххэ, бүгүҥҥү күҥҥэ ХИФУ-гар үөрэх бары көрүҥнэригэр 57 байыаннай дьайыы кыттыылааҕа үөрэнэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: