Юлия Белехова ХИФУ-га сырытта

Share

Бүгүн, сэтинньи 28 күнүгэр, Хотугулуу- Илиҥҥи федеральнай университет учуонай Сэбиэтин саалатыгар РФ Аҕа дойдуну көмүскээччилэр дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин салайааччыта Юлия Белехованы кытта көрсүһүү буолла.

Көрсүһүү кэмигэр үрдүк үөрэх кыһатыгар киирбит анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын социализациялааһын уонна адаптациялааһын боппуруостара дьүүллэһилиннилэр. Ол туһунан ХИФУ пресс-сулууспата суруйар.

Университет преподавателлэриттэн араас хабааннаах ыйытыктар киирдилэр. Көрсүһүү кыттыылаахтарын инникитин докумуон хомуйуу хампаанньаны тэрийии, байыастары кытта кэпсэтиини хайдах саҕалыахха сөбүй диэн боппуруостар долгутар.

«Оҕолорбут чахчы патриоттарын дакаастаатылар. Кинилэр бэйэлэрин олохторунан, доруобуйаларынан  дакаастаатылар — бу патриотизм көстүүтэ. Хайдах гынан байыастар санааларын үллэстэллэрин ситиһэбитий. Кини туохтан, хайдах саҕалыылларын билбэттэр,  куһаҕаны оҥорортон куттаналлар. Манна, бастатан туран, преподавателлэр састаабыгар көмө наада. Хас биирдиилэрэ бэйэ киһитэбит, чахчы наадалаахпыт диэн санааҕа киириэхтээхтэр», — диэтэ Юлия Белехова. Ыччат уонна социальнай коммуникацияларын дьыалаларыгар миниистирин  э.т., Арассыыйа Дьоруойа Игорь Юргин Аҕа дойду байыастарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин федеральнай салайааччытын кытта көрсүһүүлэр  сүҥкэн суолталааҕын бэлиэтээтэ. Кини этэринэн, маннык тэрээһин уопсастыбаҕа да, үөрэххэ да ураты болҕомто уурарга көмөлөһөр.

Саха сиринээҕи «Билии» уопсастыба филиалын дириэктэрэ Дмитрий Апросимов ХИФУ үлэтин- хамнаһын туһунан билиһиннэрдэ. Ол курдук, университет идэлээх Сойууһа анал байыаннай дьайыы  саҕаланыаҕыттан байыастарга гуманитарнай көмөнү оҥорууга күүскэ үлэлэһэн барбыта. 2022 сыллаахха «#МыВместе» университет ыстааба тэриллибитэ, оттон 2023 сылга хантараагынан сулууспалаабыт байыастары уонна дьиэ кэргэттэрин өйүүр пуондата тэриллибитэ. Көмө пуондата университет үлэһиттэрин баҕа өттүнэн көмө оҥорор харчыларынан үлэлиир. Дьаһалта, идэлээхтэр кэмитиэтэ уонна #МыВместе ыстааб үлэһиттэрэ байыастары өйөөһүҥҥэ араас тэрээһиннэри ыыталлар, ол иһигэр гуманитарнай көмөнү хомуйууну, байыастарга аадырыстаах көмөнү оҥорууну, анал обмундированиены атыылаһыыны, эмп-томп хомуйууну, о.д.а. көмөнү оҥорууну ыыталлар. Бэлиэтээн эттэххэ, бүгүҥҥү күҥҥэ ХИФУ-гар үөрэх бары көрүҥнэригэр 57 байыаннай дьайыы кыттыылааҕа үөрэнэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Грипп утары быһыыны хаһан ылар табыллыбатый?

«Грипп утары быһыыны хаһан ылар табыллыбатый?», - диэн «Саха сирэ» саайт ааҕааччылара ыйыталлар. Бу ыйытыкка…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга Ийэ күнүгэр төрөөбүт оҕолору таһаардылар

Дьокуускайдааҕы килиньиичэскэй балыыһаҕа сэтинньи 24 күнүгэр, Арассыыйаҕа Ийэ күнүгэр, күн сирин көрбүт оҕолору таһаарыы үөрүүлээх…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арассыыйаҕа дьиэ кыылын ииримтийиитэ суоһуур дуо?

Бу күннэргэ кэккэ СМИ-нэн Омскай, Амур уобаластарын уонна Санкт-Петербург, Краснодар, Москва куораттарын олохтоохторо ииримтийбит ыттарга…

4 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Хаҥаласка тэлэбииһэр уорбут 30 саастаах дьахтары туттулар

Хаҥалас улууһун олохтооҕо дьиэтин иһиттэн малын уорбуттарын туһунан полицияҕа тыллаабыт. Эмсэҕэлээччи эр киһи 30 000 солк.…

4 часа ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Владимир Путин Казахстаҥҥа сырытта

Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин сэтинньи 27-28 күннэригэр Казахстаҥҥа командировкаҕа баран кэллэ. Казахстан бэрэсидьиэнин Касым-Жомарт…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Эвэды тылын уйата”: Нордголд хампаанньа эбэҥки тылын сайыннарар бырагырааманы үбүлээтэ

Өрөспүүбүлүкэ эбэҥкилэрин түмсүүтэ “Нордголд” хампаанньа көмөтүнэн “Эвэды тылын уйата” бырагырааманы олоххо киллэриитин саҕалаата. Соторутааҕыта Дьокуускайга…

4 часа ago