Люлия Григорьева өрөспүүбүлүкэ Ытык Сүбэтин бэрэссэдээтэлинэн талылынна
Бүгүн, алтынньы 2 күнүгэр, Бырабыыталыстыба 2 №-дээх дьиэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык Сүбэтин бэһис отчуоттуур-быыбардыыр кэмпириэнсийэтэ ыытылынна.
Ыытыллыбыт үлэ-хамнас туһунан өрөспүүбүлүкэ Ытык Сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Л.Н.Григорьева отчуоттаата. Үгүс ыйытыылар, этиилэр киирдилэр. Кэмпириэнсийэтин үлэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын Дьаһалтатын салайааччыта Георгий Михайлов кытынна.
Люлия Николаевна Ытык Сүбэ үлэтин сүрүн хайысхаларыгар тохтоото. Ол курдук, экэниэмикэ сүрүн салааларыгар киирэр министиэристибэлэр салайааччыларын отчуоттарын истэн, сүбэ-ама биэрбиттэр. Тыа хаһаайыстыбатыгар саха ынаҕын, сылгыны иитиини өйөөбүттэр. Дьиэ кэргэн экэниэмикэтин, тутууну үбүнэн өйөөһүн, хотугу таһаҕаһы тиэйии уо.д.а. боппуруостарын дьүүллэспиттэр. Люлия Григорьева бэйэтин дакылаатыгар “Холбос” үлэтин сөргүтүөххэ диэн этии киллэрдэ. Ытык Сүбэ 20 сыллаах үбүлүөйүнэн альбом-кинигэ бэчээттэнэн тахсыбыт. Маны сэргэ “Саха сирин Дьоруойа” үрдүк ааты олохтуурга Ил Түмэҥҥэ этии киллэрбиттэр. Бу билиҥҥи балаһыанньанан саамай сөптөөх этии диэн сыаналанна.
- Түмүккэ Люлия Николаевна Григорьева Ытык Сүбэ бэрэссэдээтэлинэн биир санаанан талылынна. Кини кандидатуратын М.В.Мучин киллэрдэ. Киниэхэ таһаарыылаах үлэни баҕардылар.
Хаартыска: кэмпириэнсийэ түгэнэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: