Юлия Касьянова: «Ис туругу уларытыахха сөп»

Share

Аныгы тэтимнээх олохпут мэлдьи ханна эрэ тиэтэйэ-саарайа сылдьары, тугу эрэ ситиһэ сатаан күннээҕи олоххо актыыбынай буолары ирдиир. Онуоха киһи ыгылыйар, долгуйар, күүрэр, ол түмүгэр стресскэ да киириэн сөп.

Психоневрология өрөспүү­бү­лүкэтээҕи диспансерын психиатр-бырааһа, “Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастыҥ эдэр бырааһа-2022”, “Идэ – олох” мэдиссиинэ эдэр исписэ­лиистэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустарын хаһаайката Юлия Касьянова сүбэтин билсиэҕиҥ.

Ис турук чөл буоларын харыстыырга туох нааданый?
Күнүскү уонна түүҥҥү эрэсиимҥитин тутуһуҥ. Өскөтүн киһи толору сынньаммат уонна уутун хана утуйбат буоллаҕына, ньиэрбэ систиэ­мэтэ күүскэ ноҕуруускаланар. Ол иһин, хайаан да утуйуу ги­­гиенатын тутуһуҥ: биир кэмҥэ утуйа уонна тура сатааҥ, сууккаҕа 7-9 чаас утуйуҥ. Утуйар ороҥҥут тупсаҕай, табыгас­таах буоларын эмиэ умнумаҥ, уту­йуох иннинэ гаджеты туһаныыны аҕыйатыҥ.

Сөптөөх уонна организммыҥ ирдиирин толуйар аһылык. Биһиги организммыт, ол иһигэр ньиэрбэ систиэмэтэ, аһыыр аһылыкпытыттан уонна онно баар туһалаах бэссэсти­бэлэртэн быһаччы тутулук­таах. Психическэй доруобу­йаҕа ордук В битэмиин, цинк, селен, сыалаах кислоталар наадалар. Элбэхтик күөх үүнээ­йини уонна оҕуруот аһын, злактары, муора бородуукталарын уонна балыгын, фруктаны, эриэхэни сиэҥ. Бурдук аһыттан, сыа­лаах, минньигэс, ыһаарыламмыт уонна маринованнай аһылыктан аккаастанар ордук.

Эти-сиини эрчийии. Тиһигин быспакка успуордунан дьарыктаныы бүттүүн организм үлэтин тупсарар, эндофриннар – “дьол гормоннара” оҥоһуллалларыгар көмөлөһөр.

Сөбүлүүр дьыалаҕынан дьарыктаныы. Сөбүлүүр дьарыккар, хоббигар бириэмэ анааһын мунньуллубут тыҥааһыны, күүрүүнү устаргар көмөлөһүөн сөп.

Тулалыыр дьонуҥ көмөлөрө уонна өйөбүллэрэ. Онуоха аймахтарыҥ, доҕотторуҥ эбэтэр билэр дьонуҥ көмөлөһүөхтэрин сөп. Хаһан баҕарар психологтан уонна психотерапевтан сөптөөх көмөнү ылыахха сөбүн умнумаҥ.
– Саҥа үөрүйэхтэри олоххо хайдах киллэриэххэ сөбүй? Сыыйа-баайа эбэтэр тута сөрөөн?
– Саҥа үөрүйэхтэри, үгэстэри сыыйа-баайа туһанар ордук. Арыый чэпчэки дии санаабыккыттан саҕалаа. Ситиһии түргэнник кэлэрин бэйэҕиттэн ирдээмэ. Эйиэхэ ол үөрү­йэх тоҕо наадатын, ол үөрүйэҕи ылыннаххына тугу ситиһэргин толкуйдаа. Холобур, “мин эрдэ утуйуохтаахпын, оччоҕо уубун ханыам уонна күнү быһа үчүгэйдик сылдьыам, элбэҕи ситиһиэм” диэн.
“Биһиги тугу аһыырбытынан” диэн этии төһө оруннааҕый?
– Итинник этии былыргы Греция улуу эмчитэ, быраас уонна бөлүһүөк Гиппократ эппит. Кини “киһи ыарыыта – сыыһа аһаабытын түмүгэ” диэн санаалааҕа. Кырдьык оннук.
Биһиги аһылыкпыт доруобуйабытыгар быһаччы дьайар. Аһылыктан биһиги күүһү-уоҕу, наадалаах минераллары, битэмииннэри уонна да атын туһалаах биэсэстибэлэри ылабыт. Холобур, организм көрдүүрүн толуйар (сбалансированный) рацион сүрэх-тымыр ыарыылара сайдар кутталын намтатыан сөп. Араас уонна толору аһылык организм бары функциятын тупсарар.
– Туһалаах үөрүйэхтэр киһи эмтэнэригэр уонна до­­руобуйатын чөлүгэр түһэрэригэр көмөлөспүт холобурдарын аҕалыаххын сөп дуо?
– Бэйэм холобурбун кэпсиэхпин сөп. Устудьуоннуур кэмнэрбэр хойут утуйар уонна эбиэт эрэ диэки уһуктар дьоҥҥо киирсиэхпин сөбө. Биллэн турар, оннук кыах өрөбүлгэ эрэ бэриллэрэ, онтон нэдиэлэ атын күннэригэр дьарыктар сарсыарда 8.30 чаастан саҕаланаллара. Онон, мин олох түүн үөһэ утуйарым, үөрэхпэр хойутаабат туһуттан эрдэ турарым. Ыарахан этэ. Организымым итинник ноҕуруусканы тулуйбата. Күн иккис аҥаарыгар мин олох эстэн хааларым, утуйуохпун эрэ баҕарарым. Атын туохха эмэ болҕомтобун уурар кыаҕым суоҕа, мин олоҕум “аргыстарынан” сылайыы-элэйии уонна кыыһыра, ыгылла сылдьыы буолбуттара. Төһө да “Эн – мэкчиргэҕин, онон тугу да уларытар кыаҕыҥ ” суох диэн биллэрбин да, сотору маннык өр барыа суохтааҕын өйдөөбүтүм, күнүскү уонна түүҥҥү эрэһииммин бэрээдэктээн барбытым. Билигин 8 чаас курдук утуйабын, элбэҕи ситиһэрим уонна үчүгэй настарыанньалааҕым миигин үөрдэр.
Хас биирдии киһи бэйэтин олоҕор тугу барытын уларытыан сөп, онуоха баҕарыахха уонна күүһү ууруохха эрэ наада.

(Психоневрология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын пресс-сулууспатын матырыйаалынан)

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ийэлэргэ судаарыстыбаннай наҕараадалары тутардылар

Арассыыйаҕа бэлиэтэнэр Ийэ күнүн көрсө, сэтинньи 22 күнүгэр Саха сиригэр элбэх оҕолоох ийэлэргэ судаарыстыбаннай наҕараадалары…

21 минута ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Суоһалдьыйа Толбонноох» айымньытын  суруллубут историятын сэгэттэххэ»

Дьокуускай куоракка Саха тыйаатырын Алампа саалатыгар «Суоһалдьыйа Толбонноох" айымньытын  суруллубут историятын сэгэттэххэ» диэн ураты кинигэ…

31 минута ago
  • Бэрээдэк

Сауна үлэһититтэн төлөпүөн уорбут дьахтар биэс сылга көҥүлэ быһыллыан сөп

Дьокуускай полициятыгар эр киһи 12 тыһ.солк. суумалаах төлөпүөнүн уордарбытын туһунан иһитиннэрбит диэн СӨ ИДьМ пресс-сулууспата…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев: «Бэрэсидьиэн этиитин өйүүбүн»

Аан дойдуга буола турар быһыы-майгы туһунан Ил Дархан Айсен Николаев телеграм-ханаалыгар санаатын үллэһиннэ: -- Арҕааҥҥы…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн Психолог күнэ бэлиэтэнэр

Сэтинньи 22 күнүгэр Арассыыйаҕа Психолог күнэ бэлиэтэнэр. Бу күн 1994 сыллаахха Арассыыйатааҕы психологическай уопсастыба бастакы…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Георгий Степанов: «Дьиэҕэ төннүү» диэн улахан бырайыак саҕаланна»

Бүгүн Дьокуускай куоракка анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта былаас уорганнара,…

2 часа ago