Дьокуускайга «Юнармия» хамсааһын өрөспүүбүлүкэтээҕи IX патриотическай сүлүөтэ үөрүүлээх сиэринэн-туомунан түмүктэннэ.
Тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ 14 улууһуттан уонна куораттааҕы уокуруктартан 140 эдэр армеец муһунна. Эдэр армеецтар сүлүөт чэрчитинэн үөрэххэ бэлэмнэниини аастылар уонна араас күрэстэргэ кытыннылар. Тэрээһин түмүктэниитигэр кыттыбыт бочуоттаах ыалдьыттар ортолоругар РФ дьоруойдара Игорь Юргин уонна Николай Евдокимов бааллар.
Сүлүөт биир сүрүн түгэнинэн «Дойдуну харыстааччы» диэн икки күннээх байыаннай-успуорт оонньуута буолла. Бастакы күн армеецтар «Смотр песни и строя», «Военизированная эстафета» уонна «Тестирование» кытыннылар. Иккис күн «Общефизическая подготовка» кыттыбыттарын кэнниттэн сүлүөтү аһыы үөрүүлээх сиэрэ-туома буолла. Салгыы кыттааччылар «Дойдуну көмүскээччи» оонньууну салҕаан, «Огневой рубеж» моһолу туораатылар.
Байыаннай-успуорт оонньууларын кыайыылаахтарынан буоллулар:
1-кы миэстэ — Чурапчы улууһуттан «Чурапчы» байыаннай-патриотическай кулууп, 2-с миэстэ — Уус Алдан улууһуттан «Мүрү» байыаннай-патриотическай кулууп, 3-с миэстэ — Горнай улууһуттан «Сокол» байыаннай-патриотическай кулууп.
Ону сэргэ сүлүөт чэрчитинэн эдэр армеецтар ортолоругар гиирэ успуордугар өрөспүүбүлүкэтээҕи турнир уонна «Албан» өйү сайыннарар оонньуу ыытылыннылар.
Үһүс күн «Страйкбол» байыаннай-тактическай оонньууга турнирынан уонна «Эдэр армеец оскуолата» үөрэх бырагырааматынан түмүктэннэ. Ис дьыала министэристибэтин уонна Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтин байыаннай тиэхиньикэҕэ быыстапкалара тэрилиннэ.
Тэрийээччилэр санааларын үллэстибиттэринэн, сүлүөккэ бэйэ сатабылын көрдөрөр кыах эрэ бэриллибэтэ, ону таһынан сүлүөт патриоттуу иитиигэ, хамаанданан үлэҕэ уонна доҕордоһууга дьоһуннаах тирэҕинэн буолла.
CӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…
Сорохтор уонунан, сүүһүнэн миэтэрэ үөһэ ытталлар, атыттар саастыылаахтарын кырбыылларын видеоҕа усталлар. Бу барыта биир эрэ…
Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…
Дьааҥы улууhугар Табалаахха оҕо уhуйааныгар "Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэригэр уhуйуу - төрөөбүт дойдуга бэриниилээх…
Быйылгыттан Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн “Мин бастакы идэм” диэн үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин…