«Юные якутяне» өрөспүүбүлүкэтээҕи ресурснай киин дириэктэрэ Ирина Черкашина оскуоланы бүтэрээччилэри эҕэрдэлиир:
— Бүтэһик чуораан чугдаарда. Оскуоланы бүтэрээччилэргэ биир кэлим эксээмэн «итии күннэрэ» саҕаланнылар. Оҕолорго ситиһиилээхтик эксээмэннэрин туттаралларыгар уонна талан ылбыт үөрэхтэригэр киирэллэригэр баҕарабын.Үөрэх дьылын бүтүүтэ киһи түмүк таһаарынар. Кылгастык Сахабыт сирин үөрэҕин эйгэтигэр ханнык ситиһиилэр буолбуттарын туһунан кэпсиэхпин баҕарабын.
Бүтэһик кэмнэргэ Саха сирин 22 оройуонугар 48 үөрэх кыһата, 25 оройуоҥҥа уонна Дьокуускайга 69 уһуйаан, орто анал үөрэх кыһаларын тэрилтэлэригэр 55 аныгы мастарыскыай аһыллыбыт. Бу мээнэ сыыппаралар буолбатахтар, биһиги Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Николаев үлэтин түмүгэ буолар. Бэлиэтээн эттэххэ, Ил Дархан үөрэх ситимин сайдыытыгар уонна үүнэр көлүөнэ хаачыстыбалаах үөрэҕи, дириҥ билиини ылалларыгар сүрүн болҕомтону уурар. Ол туоһутунан, 220 миэстэлээх Норуоттар икки ардыларынааҕы Арктическай оскуола буолар. Бу оскуолаҕа норуоттар икки ардыларыгар кэпсэтэр английскай, кытай уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар төрүт тылларын үөрэтэллэр. Аны үс сылынан МАШ үөрэнээччилэрэ Норуоттар икки ардыларынааҕы бакалавриат дипломнай бырагырааматыгар көһүөхтэрэ. Оччотугар оҕолор оскуоланы бүтэрэн баран аан дойду бастыҥ үөрэх кыһаларыгар үөрэнэр кыахтаныахтара.
Ону сэргэ ааспыт сылга Наука дьоҕус акадьыамыйата аанын аспыта. Бу талааннаах оҕолору өйүүр биир сүрүн киининэн буолар. Жатайга «Точка будущего» диэн үөрэх косплекса тутуллан саҕаланна. Оҕо үөрэнэригэр, сайдарыгар бары усулуобуйа тэриллиэхтээх. Ону таһынан доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор эмиэ үөрэниэхтэрэ. Үөрэх эйгэтигэр маннык сэргэх сонуннар инникигэ кынаттыыллар.
Күн-дьыл туруга бу күннэргэ хайдаҕый? Төһө тымныйарый? Өрөспүүбүлүкэ хотугулуу-арҕаа, арҕаа, соҕуруулуу-арҕаа улуустарыгар кыралаан кыралаан хаардыыр.…
2025 сылга болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…
Хатас олохтооҕо Полина Ефремова быйылгы харыйатын бэйэтэ оҥорбут куукулаларынан симээбит. “Тэлэбииһэринэн “Саха сатаабата суох” биэриигэ,…
Саха сиригэр кэнники сэттэ сылга араас бырагыраама чэрчитинэн 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна. Бу туһунан…
Прикладнай физика үнүстүүтүн дааннайынан Сиргэ магнитнай буурҕа кыамтатын таһыма «олус күүстээх» категорияҕа диэри таҕыста диэн…
Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа интэринээт-дьиэ тутуллан үлэҕэ киириэҕэ. Эбийиэк Мэҥэ Хаҥалас Матта сэлиэнньэтигэр…