Юрий Ермолаев: «Туризм сайынна, тубуста»

Share

Куорат олохтоохторо саас халлаан сылыйда да ханна эрэ чугаһынан салгын сиэн, күүлэйдээн кэлиэх баҕалара күүһүрэр.

Дьолго, кэлиҥҥи сылларга киин улуустарга барытыгар кэриэтэ төрөөбүт дойдубут устун сынньалаҥ баазалара хото тэриллэн, баҕалаах киһи ханна баҕарар баран сынньанан кэлиэн сөп буолла.

Нам улууһун “Песчаная гора” уонна “Кэҥкэмэ” сынньанар баазаларын туһунан, араа­һа, истибэтэх киһи суох буолуох­таах. Ол да иһин буолуо, быйылгы Үлэ сылыгар “Үлэ киһитэ” бириэмийэ лауреатынан бу сынньалаҥ туристическай баазалар хаһаайыннара Юрий Ермолаев талыллыыта мээнэҕэ буолбатаҕа чахчы.

“Саха сирэ” хаһыат бүгүҥҥү ыалдьыта – Нам улууһун тарбахха баттанар бастыҥ урбаанньыта Юрий Ермолаев.

БИИР КИЭҺЭ ЧЭЭЙДИИ ОЛОРОН…

– Юрий Прокопьевич, кэпсэтиибитин дьону сынньатар туһунан санаа хаһан киирбититтэн саҕалыахха.

– Кэргэммин Альбина Петровнаны кытта 2008 сыл кыһыныгар биир киэһэ чээйдии олорон эрэ арааһы кэпсэтэ, дьон сынньалаҥын туһунан ырыта олорон, “хата, туристары сынньатарга анаан турбааза тэрийэххэ сөп эбит ээ” диэн санааҕа кэлбиппит.

Саас диэки тутуллуохтаах баазабыт сирин көрдөөн баран, Граф Биэрэгин утары, Өлүөнэ Эбэ уҥуор биэрэгэр кумахтаах хайалаах сири булбуппут. Турбааза бэйэтин аата – «Песчаная гора» итинник тахсан кэлбитэ. Бэс чагдалаах сири талан, үлэбитин 2008 сыл муус устар ыйыттан саҕалаабыппыт.

АРЫЫГА – ЛУУКТУУ

– Баазаҕа туристары сынньатарга туох өҥөнү оҥорору толкуйдаабыккытый?

– Биллэн турар, саҥа саҕалааччылар буолан, дьон тугу баҕарарын үөрэтэн көрөр буол­лахпыт. Онон бастакы сайыммытыгар биэрэккэ балааккалары туруоран, билэр дьоммутун, табаарыстарбытын ыҥыран сынньаппыппыт. Онно балыктааһыны, сөтүөнү, тэҥэ, арыыга луук хомуйтарбыппыт. Дьоммут сөбүлээбиттэриттэн эр ылан, аны атын дьону сынньатарга санаммыппыт. Ол бастакы тэрээһин сайыммытыгар 150 киһи кэлэн барбыта. Бу улахан ситиһии этэ. Дьоҥҥо маннык сынньалаҥы тэрийии олус наадалаҕын өйдөөбүппүт. Онтон ыла номнуо 15 сыл ааһа оҕуста.

ТУТУУ ҮГҮС

– Баазаҕытыгар туох­-ханнык тутуулааххытый?

– Бастакы дьиэбит акылаатын 2008 сыл күһүнүгэр түһэрбиппит. Билигин ыалдьыттары түһэрэр 5, биир банкеттыыр дьиэлэрдээхпит. Гараас, баанньык, спортивнай, оҕо была­һааккалара, мусуой, “смотровой” уонна хаартыскаҕа түһэр анал сир, сайыҥҥы дьиэлэр тутуллан тураллар. Дьиэ кэргэнинэн бу дьоҕус биисинэһинэн дьарыктанабыт. Кэргэним Альбина Петровна, уолум уонна бэйэм анаан дьарык оҥостон үлэлии сылдьабыт.

ТЭТИМИ ЫҺЫКТЫБАККА

– Быһа холуйан, төһө киһи сынньанарый?

– Сыстыганнаах дьаҥ иннинэ, ортотунан, сылга 2000 киһи кэлэн сынньанан барар этэ. Баазабыт сылы эргиччи үлэлиир. Бары да урбаанньыттарга охсубутун курдук, сыстыганнаах дьаҥ, улахан баһаардар дьон кэлэн сынньаныытыгар улаханнык дьайдылар. Ол да буоллар, санаабытын түһэрбэккэ, ылбыт тэтиммитин ыһык­тыбакка, үлэлии олоробут.
Былырыын 1350 киһи сынньаммыта. Сааҥсыйа иннинэ кытайдар, ньиэмэстэр, французтар кытта кэлэн барбыттара. Саас эрдэ улууспут дьоно сылдьан саҕалыыллар. Атын да оройуоннартан хото кэлэллэр. Сайыныгар куорат олохтоохторо сынньаналлар.

– Туристар бэйэлэрэ астаах сылдьаллара ордук дуу, эһиги бэйэҕит хааччыйаҕыт дуу?

– Биһиэхэ кэлэллэригэр бэйэлэрин астарын илдьэ сылдьаллар, атына барыта баар. Тэрилтэлэр, үбүлүөйдэр, көрсүһүүлэр буолар буоллахтарына, меню оҥорон аһы сакаас ылабыт. Онон ким туох баҕа­лааҕынан эрдэ быһаарсабыт.

КЭҤКЭМЭ УГУЙАР

– Оттон Кэҥкэмэҕэ туох баазалааххытый?

– 2019 сылтан урукку оҕо лааҕыра үлэлээбит Кэҥкэмэ үрэх үрдүгэр турар дьиэлэрин арыандаҕа ылан үлэлэтэ сылдьабыт.

Сүрүн соругу туруорунан, суолбутун оҥоһуннубут. Уот ситимэ тардыллан турар. Былырыын манна баанньык тутуннубут, сылаас туалет баар. Кэргэним Альбина Петровна көҕүлээһининэн бэртээхэй, ССРС мусуойун тутан дьэндэттибит. Манна олус элбэх эспэнээттээх. Дьон-сэргэ олус астына, дуоһуйа көрөр. Биир киэн туттуубут – бу түмэл.
Быйыл дьиэлэрбитин ис-тас өттүттэн тупсаҕай көстүүлээх гына оҥосто сылдьабыт. Эбии аныгылыы толору хааччыллыылаах дьиэ тутуохпутун баҕарабыт. Ол иһин аны граҥҥа киирсэр баҕа санаа баар.

АЙЫЛҔАЛЫЫН АЛТЫҺЫЫ – ҮЛЭ

– Юрий Прокопьевич, туризм салаатынан дьарыктаныаҥ иннинэ туох идэлээх этигиний, ханна үлэлээбиккиний?

– Бу иннинэ 20 сыл айылҕа харыстабылын салаатыгар үлэлээбитим. Дьиэ кэргэмминээн, оҕолорбун, кэлин сиэннэрбитин кытта айылҕалыын үгүстүк алтыһабыт. Ийэ айылҕатын убаастыбыллаахтык харыстыы, бүөбэйдии сылдьар киһиэхэ айылҕа утары уунара үгүс. Ол туоһута – ыччаттарым холобурбун батыһан, айылҕаҕа туһаны аҕалан, аны биһиги дьоҕус биисинэспитин сайыннарыахтара турдаҕа. Онон урукку үлэм билиҥҥибин кытта ыкса си­­бээстээх. Айылҕаҕа чугас буолан, араас сонун сүүрээн, ха­­йысха, толкуй саҕыллан тахсан иһэр.

БИИР САНААНАН ӨЙДӨҺӨН ҮЛЭЛЭЭТЭХХЭ

– Итинник сырдык санаалаах киһи “Саха сиригэр туризм сайдар кэскиллээх” диир буол­лаҕыҥ?

– Оннук. Саха киһитин айылгытынан айылҕа оҕото буолан, тыаҕа, ойуурга чугас. Оттон туризм диэн эйигин тулалыыр сырдык ыраас халлаан, сибиэһэй салгыннаах тулалыыр эйгэ буол­лаҕа. Онон олохтоох былаас уонна бу маннык дьарыктаах урбаанньыттар бииргэ сомоҕолоһон үлэлээтэхпитинэ, сайдыы суолун аа-дьуо тутуһабыт.

Мин тус бэйэм бүгүҥҥү ситиһиибин улууһум салалтатын, СӨ Урбаан, эргиэн уонна туризм сайдыытын министиэристибэтин хамаандатын кытта сөптөөх хайысханы тутуһан, бииргэ өйөһөн үлэлии сылдьарбытыттан дии саныыбын. Мин эрэ буолуо дуо, үгүс улуустарга ханна урбаанньыттарын өйдүүллэр уонна өйүүллэр да, онно туризм салаата сайынна, тубуста, үгүс аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир эбийиэк биллэ элбээтэ, тутулунна. Сааҥсыйа биллэриллибит уустук кэмин Саха сирин урбаанньыттара туризм хайысхатыгар толору бэлэмнээх көрүстүбүт дии саныыбын. Билигин ханнык баҕарар улууска тиийдэххинэ, сынньанар турбаазаны булан, иллэҥ кэмҥин туһалаахтык атаарыаххын сөп.

“Үлэ киһитэ” бириэмийэ хаһаайына Юрий Ермолаев:

– Былааһы киһиргэтэн эппэппин. 15 сыл устата бу эйгэҕэ үлэлээбит киһи быһыытынан, туризм сайдыытыгар сыана быһыахпын сөп дии саныыбын. Өрөспүүбүлүкэбитигэр туризм салаата олохтоохтук сайынна. Бу – Ил Дархан Айсен Николаев уонна Бырабыыталыстыба, тус­таах министиэристибэ ыытар үлэлэрин чаҕылхай түмүгэ.

«Үлэ киһитэ» суолталаах бириэмийэҕэ тиксибит дьон кэккэтигэр киирбиппиттэн үөрэн, долгуйан туран, мин кандидатурабын өйөөбүт былырыын тэриллибит Туриндустрия ассоциациятыгар, СӨ Урбаан, эргиэн уонна туризм сайдыытын министиэристибэтигэр истиҥ махталбын тиэрдэбин. Бастаан утаа эппиттэригэр соһу­йан хаалан, итэҕэйбэтэҕим. Улахан хамыыһыйа “сиидэтин” ааһан, сүҥкэн чиэскэ тиксэн, үөрүүбүн бар дьоммун-сэргэбин, биир дойдулаахтарбын кытта тэҥҥэ үллэстэбин. Маннык үйэлээх ситиһии, биллэн турар, эн чугас дьонуҥ өйөбүллэриттэн кэлэр. Онон кэргэммэр Альбина Петровнаҕа, оҕолорбор, сиэннэрбэр махталым улахан. Бу биһиги уопсай ситиһиибит.

Махтал бастыҥын Ил Дархан Айсен Николаевка тиэрдэбин. Кини үлэ дьонун кэмигэр чиэстээн, күннэтэ түбүкпүтүн бүтэрэ-оһоро сылдьар соруктаах дьоҥҥо тустаах болҕомто уурулунна.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Нидерландыга 12 киһи маҕаһыынтан сугун атыылаһан сиэн баран гепатитынан ыалдьыбыт

Нидерландыга 12 киһи улахан супермаркеттан тоҥ сугуну атыылаһан сиэн баран А гепатитынан ыалдьыбыт. Дойду уопсастыбаннай…

2 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Пушкин каартатын» туһаныыга Опера, балет тыйаатыра бастаата

"Пушкин каартатын" көмөтүнэн, тыһыынчанан оҕо култуура тэрилтэлэригэр сылдьар, кэрэҕэ кыттыһар кыахтаннылар.  "Пушкин каартата" култуура, дьиэ…

21 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бу сылга уоппускаҕа ханнык ыйдарга барар табыгастааҕый?

2025 сылга уоппускаҕа барарга саамай табыгастаах ыйдарынан от ыйа уонна алтынньы буолаллар. Бу туһунан РИА-Сонуннарга…

37 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Эйгэ» үҥкүү ансаамбыла норуоттар икки ардыларынааҕы «Снежный журавль» бэстибээлгэ Гран-при ылла

2024 сыл тохсунньу 6-7 күннэригэр КНР Цицикар куоратыгар 4-с норуоттар икки ардыларынааҕы «Снежный журавль» бэстибээл-күрэс…

51 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

РФ Бырабыыталыстыбатыгар уот эбийиэктэрин генеральнай схематын бигэргэттилэр

РФ Бырабыыталыстыбатыгар 2042 сылга диэри дойду энэргиэтикэҕэ эбийиэктэрин генеральнай схематын бигэргэттилэр. Докумуоҥҥа чуолаан РФ Судаарыстыбаннай…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Эбэтин харчытын суйдаппыт

Түөкүттэр оҕону да албынныылларын кэрэйбэттэр. Харчы харбаан ылар туһуттан тугунан барытынан олуйаллар-моһуйаллар. ИДьМ 2 №-дээх…

1 час ago