Юрий Лепчиков: «Барыта — байыастарбытыгар ананар»
Кэбээйи улууһун 2-с Лүүчүн нэһилиэгин баһылыга Юрий Иванович Лепчиков быстах хомуур саҕаланыаҕыттан нэһилиэк олохтоох салалтата тустаах быһаарыыны ылынан, байыаннай дьайыыга кыттар уолаттарга, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр бары өттүнэн көмө оҥоһулла турарын туһунан хаһыат ааҕааччыларыгар кэпсээтэ.
— 2-с Лүүчүн нэһилиэгин иһинэн байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар уолаттарбытыгар көмөлөһөр сыаллаах араас таһымнаах тэрээһиннэри ыыта олоробут. Кыһалҕалаах кэмҥэ бары бииргэ кыттыһан, сомоҕолоһон, өйдөһөн-өйөһөн, бииргэ түмсэн, дьоммутугар көмөнү оҥорууга кыттыыны ылабыт. Ол курдук, быстах хомуурга сылдьар саллааттарбытыгар нэһилиэкпит дьоно тиһигин быспакка күн бүгүнүгэр дылы араас көмөнү оҥороллор. Олохтоох дьаһалта көҕүлээһининэн көмө харчы хомуллар. Ону сэргэ аһымал аахсыйаҕа кыттыһаннар Мастаах олохтоохторо, ийэлэр, эбээлэр норуот айымньытын дьиэтигэр мустаннар байыастарга анаан кээнчэ, балаклава тикпиттэрэ. Байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар хорсун-хоодуот биир дойдулаахтарбытыгар аналлаах улахан кэнсиэртэр норуот айымньытын дьиэтигэр буолбуттара. Киирбит көмө харчы байыастарга анаммыта.
Сэтинньи ыйга хомуллубут ЛНӨ, ДНӨ дойдуларыттан, Херсонскай, Запорожскай уобаластартан көһөн кэлбит дьоҥҥо көмө аахсыйаҕа таҥас хомуйан Дьокуускай куоракка сэтинньи 25 күнүгэр норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ илдьэн туттарбыта. 2-с Лүүчүн нэһилиэгин дьаһалтатын көҕүлээһининэн олохтоохтор саллааттар дьиэ-кэргэттэригэр сэтинньи-ахсынньы ыйдарга муус ылан, тиэйбиттэрэ.
Норуот айымньытын дьиэтигэр аһымал аахсыйанан “Үтүө санаа харыйата» тэрээһин ыытыллыбыта. Ол курдук, ким баҕалаах Тымныы Моруос оҕонньор, Хаарчаана ааттарыттан байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар байыастар оҕолоругар анаан сэмэй бэлэхтэрин ааттарын ыйан туран, туттарбыттара. Инникигэ кэскиллээх кэнчээри ыччаттарбыт, бар дьоммут аймахтарыгар, уолаттарыгар “Саллаакка истиҥ сурук” суруйан сонуннарын, баҕа санааларын суруйан ыытаннар, уолаттарбытыгар күүс-уох эбэн, кыайыыга эрэли баҕаран, истиҥ суруктары суруйдулар. Ити курдук, бар дьоммут кыайыыга эрэллээх, эйэлээх олох туһугар көхтөөх кыттыыны ылаллар.
Олунньу 23-24 күннэригэр Мастаахха В.Т. Варламов аатынан успуорт саалатыгар 2023 с. Арассыыйа успуордун төрүттэммитэ 100 сыллаах үбүлүөйүгэр уонна байыаннай эпэрээссийэҕэ барбыт эр хоһууттарбытыгар, эркин курдук эрэнэр, суон дурда-хахха дьоннорбутугар «За победу» диэн ааттаах бильярд күрэҕэ кинилэргэ анаан-минээн тэриллибитэ. Бильярдка Бүлүү, Дьокуускай, Горнай бильярды өрө туппут оонньооччуларбыт кыттыыны ыллылар. Бары биир сомоҕо түмсүүлээх эр бэртэрэ биир санаанан кыттыһан, киирбит харчыны барытын байыастарга илдьэн тиксэрэргэ дьаһалтаҕа туттарбыттара.
Быстах хомуурга сылдьар байыастарга анаан нэһилиэк олохтоохторо бородуукталары, туттар эмтэрин хомуйан ыыттылар. Саллааттар этэллэринэн, дойдуттан баһыылка – бу инники кирбиигэ киириигэ наадалаах мал-сал эрэ буолбатах, өй-санаа өттүнэн сүрүн өйөбүл буолар.
Кулун тутар ыйга Дьокуускай куораттан улууспут устудьуоннарын «Дабаан» түмсүүтэ нэһилиэктэринэн профориентационнай сыаллаах Мастаах орто оскуолатын үөрэнээччилэрин кытта көрсүһүүтэ буолта. Кэлэннэр буойуттар дьиэ кэргэттэригэр хаар ыраастаан көмөлөстүлэр. Ыам ыйын саҕаланыытыгар олохтоох дьаһалта дьиэтигэр байыастар дьиэ кэргэттэрин ыҥыран, ирэ-хоро кэпсэтии ыытыллыбыта. Онно кинилэр туох кыһалҕалаахтарын этиннилэр, санааларын үллэһиннилэр. Олохтоох дьаһалта дьиэ кэргэттэргэ баралларыгар-кэлэллэригэр харчынан көмө туттартаата. Мастаах орто оскуолатын оҕолоро сыһыарыллыбыт ыалларга тиэргэннэрин хаарын ыраастаан, улахан күүс-көмө буоллулар. Быстах хомуурга барбыт эр хоһууттар ийэлэригэр, аҕаларыгар, кэргэттэригэр, оҕолоругар кэлэн иһэр Улуу кыайыы күнүнэн эҕэрдэ суруктар, бэлэхтэр туттарылыннылар.
Быстах хомуурга барбыт байыастарга этэҥҥэ сылдьан, дойдуларыгар чэгиэн төннөллөрүгэр дьон-сэргэ бүттүүн кыаҕа, күүһэ баарынан, ким туох кыалларынан үп-харчы, өй-санаа да өттүнэн күүс-көмө буоларга дьулуһаллар. Кыһалҕалаах кэмҥэ бары бииргэ сомоҕолоһон, өйдөһөн-өйөһөн бииргэ түмсэн гуманитарнай көмө оҥорбут дьоммутугар, көмө аахсыйаларга көхтөөх кыттыыны ыла сылдьаргытыгар махталбытын тиэрдэбит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: