Юрий Николаев: «Сис кэмитиэти салайбыт уопуттаах буоламмын, үлэм хайысхата өйдөнөр»
Сэттис ыҥырыылаах Ил Түмэн бастакы пленарнай мунньаҕа үлэтин саҕалаата. Судаарыстыбаннай Мунньах Бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан талыллыбыт Юрий Николаев Ил Түмэн бастакы күнүн түмүгүнэн санаатын үллэстэр:
— Сэттис ыҥырыылаах Ил Түмэн пленарнай мунньаҕын бастакы күнүн үлэтин түмүктээтэ. Мин сэттис ыҥырыылаах Ил Түмэн бастакы пленарнай мунньаҕын тэрийэр кэмитиэтигэр салайааччынан талыллыбытым. Бастакы пленарнай мунньах диэн ураты мунньаҕынан буолар. Сэттис ыҥырыылаах Ил Түмэн мунньаҕын секретариата, ааҕар хамыыһыйа, мандаат хамыыһыйата тэрилиннэ. Ил Түмэн үлэтин саҕалаата, бэрэссэдээтэли уонна кини солбуйааччыларын таллыбыт.
Сарсын эбиэт кэннэ кэмитиэттэр бэрэссэдээтэллэрин уонна чилиэннэрин талыахпыт. Көстөрүн курдук, Ил Түмэн тутула кыратык уларыйда, ол гынан баран сокуон иһинэн бэриллибит көҥүлүнэн буолла диэххэ наада. Урут бэрэссэдээтэл солбуйааччылара бэйэлэрин үлэлэрин эрэ толороллоро. Оттон билигин бэрэссэдээтэл солбуйааччылара кэмитиэттээх буолуохтаахтар диэн, өссө үс хайысханан кэмитиэт тэрилиннэ.
Бэйэм туспунан этэр буоллахпына, бэрэссэдээтэл солбуйааччыта бүддьүөт хайысхатынан барыахтаах диэн буолла. Онон бэрэссэдээтэли солбуйааччы уонна сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлин дуоһунастарын солбуйуу үлэтэ элбиирэ, кэҥээн биэрэрэ буолуо диэн сабаҕалыыбын. Мин санаабар, оҥорон таһаарыыга үлэлээбит, сис кэмитиэти салайбыт уопуттаах буоламмын, үлэм хайысхата өйдөнөр, ону толорорго бэлэммин.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: