Юрий Слепцов: «Улууспутугар элбэх эбийиэк үлэҕэ киирдэ»
Бу сылларга Саха сиригэр туох үлэ ыытыллыбытыгар, туох ситиһиллибитигэр Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов санаатын үллэстэр.
Юрий Слепцов, Нам улууһун баһылыга:
– Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев ааспыт биэс сылга өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар элбэх үлэни ыытта, хамсааһыннар таҕыстылар диэн көрөбүн. Чуолаан, Нам улууһугар диэн эттэххэ, биһиги уһулуччулаах бэлитиичэскэй диэйэтэллэрбит Максим Аммосов, Илья Винокуров ааттарын-суолларын үйэтитэргэ, үбүлүөйдээх сылларынан, сүдү үлэ барда. Бастатан туран, Намтан Хатырыкка диэри аспаал суол оҥоһулунна, дьон өр сыл ыра санаа оҥостубут, М.К. Аммосов аатынан Култуура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһа тутулунна. Аны туран, хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамата тэтимнээхтик баран, биһиэхэ былааммытын урутаан толорон иһэбит. Манна эмиэ өрөспүүбүлүкэ салалтатын үлэтэ-хамнаһа күүскэ барара көстөр. Улууска өссө улахан эбийиэктэр, Хатырыкка элбэх өҥөнү оҥорор киин, Модукка оскуола, Нам слиэнньэтигэр 60 миэстэлээх кырдьаҕастар дьиэлэрэ тутулла тураллар. Кэнники сылларга түөрт уһуйаан тутуллан киирдэ. Дьокуускай – Нам суолугар 10 км аспаал саҥаттан оҥоһуллан эрэр. Салбаҥ нэһилиэгин суола эспэртиисэни ааста.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: