От ыйын 10 күнүгэр Инбэлииттэр уонна бэтэрээннэр өрөспүүбүлүкэтээҕи реабилитационнай кииннэрин тэрийээччи Юрий Степанов төрөөбүтэ 75 сылынан Инбэлииттэри биир кэлим реабилитациялыыр социальнай-чэбдигирдэр өрөспүүбүлүкэтээҕи кииҥҥэ мемориальнай дуоска уонна түмэл аһылынна.
Тэрээһиҥҥэ СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов, үлэ уонна социальнай сайдыыы миниистирин солбуйааччы Елена Теплякова, СӨ Судаарыстыбаннай мунньаҕын дьокутааттара, Киин үлэһиттэрэ кытыннылар.
Юрий Павлович биир идэлээхтэрэ, бииргэ кылааска үөрэммиттэр уонна махталлаах эмтэнээччилэр үтүө тылларынан ахтан-санаан, кини куруук инбэлииттэр уонна бэтэрээннэр интэриэстэрин туруулаһан үлэлээбитин бэлиэтээтилэр.
Елена Теплякова үтүө салайааччы, элбэх хайысхалаах Киини тэрийээччи туһунан бу өйдөбүнньүк Реабилитация киинин түмсүүлээх кэлэктиибин сыратынан оҥоһуллубутун бэлиэтээтэ.
«Юрий Павлович Киин материальнай-тиэхиньиичэскэй базатын атаҕар туруорарга уонна кэҥэтэргэ, үлэһиттэр усулуобуйаларын тупсарарга улахан тэрээһиннээх үлэни ыыппыта. Чуолаан кини сыратынан инбэлииттэри реабилитациялыырга уонна абилитациялыырга мэдиссиинэ-социальнай тэрилтэтин тэрийбитэ. Кини биһиги биир идэлээхтэрбитигэр холобурунан буолар. Юрий Степанов – биһиги солбуллубат салайааччыбыт, үгүс үөрүйэхтээх тэрийээччибит, олоххо көхтөөх көрүүлээх киһибит этэ. Кини туһунан сырдык өйдөбүл кинини билэр уонна бииргэ үлэлээбит дьон сүрэҕэр куруук хааллын”, — диэтэ Елена Теплякова.
Инбэлииттэри биир кэлим реабилитациялыыр социальнай-чэбдигирдэр өрөспүүбүлүкэтээҕи кииҥҥэ сыл аайы 3 тыһыынчаттан тахса инбэлиит уонна бэтэрээн доруобуйатын чэбдигирдэр.
Быһаарыы:
Юрий Павлович Степанов – Арассыыйа Федерациятын үтүөлээх бырааһа, мэдиссиинэ наукатын доктора, бэрэпиэссэр, СӨ социальнай сулууспатын социальнай-үлэ эйгэтин туйгуна, Сунтаар улууһун уонна Бүлүүчээн сэлиэнньэтин бочуоттаах олохтооҕо.
Восточнай космодромҥа «Кондор-ФК» иккис радиолокационнай спутниктаах «Союз- 2.1 а» аракыатаны көтүтэргэ бэлэмнээтилэр. Бу туһунан Роскосмос…
Мэҥэ Хаҥалас оройуоннааҕы суутун бириигэбэрэ күүһүгэр киирэн, оскуола иннинээҕи тэрилтэҕэ физическай култуураҕа инструктор, 4 оҕолоох,…
Уус Маайаҕа бэкээринэ умайбытынан килиэби Дьокуускай куораттан таһар буолуохтара. Бу туһунан социальнай ситимнэринэн улуус баһылыгын…
Арассыыйаҕа Муора пехотатын күнэ сыл ахсын сэтинньи 27 күнүгэр бэлиэтэниэҕэ. Бу туһунан Ыйаахха РФ Бэрэсидьиэнэ…
Сэтинньи 27 күнүгэр Саха сиригэр быйыл иккис үс игирэ оҕо күн сирин көрдө. Үс уол…
Саха сирин үгүс өттүгэр кыралаан хаардыыр, арҕаа, Өлүөнэ өрүс алын тардыытынан тыаллаах, соҕуруу, арҕаа улуустарынан…