Юрий Трутнев Арассыыйа байыаннай хирурун өйүүр

Share

РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илин федеральнай уокуругун боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев суруналыыстары кытары көрсүһэригэр Сахалин бырааһа Юрий Евич туһунан туох санаалааҕын ыйыттылар.

Онуоха вице-премьер байыаннай бырааһы өйүүрүн биллэрдэ, өскөтүн административнай ыстараапка түһэрдэхтэринэ, ону мин төлүөм диэн эттэ.

Юрий Евич байыаннай дьайыылар буола турар сирдэригэр үлэлээбит байыаннай хирург, «Тактическай мэдиссиинэ» киинин төрүттээччитэ, «Донбасс добровольческай сойууһа» уопсастыбаннай тэрилтэ састаабыгар киирэн 2014 с. ЛДНР-га байыаннай дьайыыга кыттыбыт. Кини бастакы көмөнү оҥорууга элбэх суруйуулардаах, брошюралардаах, онно аналлаах лиэксийэлэри ааҕар.

Санатар буоллахха, Юрий Евич Соҕуруу Сахалинскайга Росгвардия үлэһиттэригэр лиэксийэ аахпыт. Онно биир киһи байыаннай сулууспалаахтар эминэн-томунан хааччыллыылара мөлтөҕүн кэпсээтэ диэн үҥсэн, Арассыыйа аармыйатын холуннарыыга буруйдаабыттара. Ол туһунан элбэх маассабай иһитиннэрэр сириэстибэлэр кэпсээтилэр. Кини дьыалата Калужскай оройуоннааҕы суутугар көрүллүөхтээх.

РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илин федеральнай уокуругун боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев санаатын маннык үллэһиннэ:

— Миэхэ ити түбэлтэ туһунан бэҕэһээ эппиттэрэ. Евич этиилэрин барытын болҕойон көрбүтүм уонна истибитим. Бастатан туран, мин санаабар, ханнык эрэ түгэҥҥэ, кырдьык, кэккэ министиэристибэлэр салайааччыларын туһунан кытаанахтык этэр, сороҕун арыый сааһылаан, сөпкө этиэххэ сөп буолуо этэ, ол иһин кини хас биирдии тылын кытары сөпсөһөбүн диэбэппин. Онуоха, мин санаабар, икки сүрүн түгэн баар. Бастатан, кини ханна эрэ дьиэ иннигэр олорон ол туһунан дьүүллэспэтэх. Кини байыаннай дьайыылар кыттыылаахтара, дьон олоҕун быыһааччы. Евич — байыаннай быраас. Иккиһинэн, мин көрдөхпүнэ, атын хантан эрэ туораттан буолбакка, бэйэбит испититтэн көрөр. Кини этиилэрэ, дойдутун иһин ис дууһатыттан ыалдьарыгар, кыһалларыгар олоҕуран тахсар курдуктарын көрөбүн.

Юрий Трутнев суут быһаарыытыгар сабыдыаллыыр кыаҕым суох, ол гынан баран, административнай ыстараапка түһэрдэхтэринэ, ону мин төлүөм диэн санаатын түмүктээтэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бу сылга уоппускаҕа ханнык ыйдарга барар табыгастааҕый?

2025 сылга уоппускаҕа барарга саамай табыгастаах ыйдарынан от ыйа уонна алтынньы буолаллар. Бу туһунан РИА-Сонуннарга…

12 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Эйгэ» үҥкүү ансаамбыла норуоттар икки ардыларынааҕы «Снежный журавль» бэстибээлгэ Гран-при ылла

2024 сыл тохсунньу 6-7 күннэригэр КНР Цицикар куоратыгар 4-с норуоттар икки ардыларынааҕы «Снежный журавль» бэстибээл-күрэс…

26 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

РФ Бырабыыталыстыбатыгар уот эбийиэктэрин генеральнай схематын бигэргэттилэр

РФ Бырабыыталыстыбатыгар 2042 сылга диэри дойду энэргиэтикэҕэ эбийиэктэрин генеральнай схематын бигэргэттилэр. Докумуоҥҥа чуолаан РФ Судаарыстыбаннай…

41 минута ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Эбэтин харчытын суйдаппыт

Түөкүттэр оҕону да албынныылларын кэрэйбэттэр. Харчы харбаан ылар туһуттан тугунан барытынан олуйаллар-моһуйаллар. ИДьМ 2 №-дээх…

56 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга 4 сулустаах гостиница тутуллуоҕа

Дьокуускай куорат киинигэр, Чернышевскай уулуссатыгар 12 этээстээх аныгы гостиница тутуллуоҕа. Бу туһунан Ил Дархан "РИК"…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Баччаларга сэрэнэн-сэрбэнэн, чуумпутук сылдьарбыт

Ааспыт үйэ 60 сылларыгар, оскуола диэни өссө да билэ илик кыра оҕо, эбээ тапталлаах сиэнэ…

2 часа ago