Салгыы
Юрий Трутнев: «Байыаннай дьайыы буола турар сиригэр саатар биирдэ сылдьыахха наада»

Юрий Трутнев: «Байыаннай дьайыы буола турар сиригэр саатар биирдэ сылдьыахха наада»

12.07.2023, 13:30
Хаартыска «PrimaMedia» ИА сайтыттан
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Арассыыйа Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – Уһук Илин Федеральнай уокурукка РФ Бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев  патриотическай иитии, байыаннай дьайыыга көмө уонна чунуобунньуктар  байыаннай дьайыы бара турар сиригэр саатар биирдэ сылдьаллара улахан суолталааҕын туһунан интервью биэрдэ.

Юрий Трутнев «PrimaMedia» ИА биэрбит интервьютугар эдэр көлүөнэ өйүгэр-санаатыгар туох уларыйыахтааҕын, үөрэх тэрилтэлэрин эйгэтигэр ол үлэни хайдах ыытыахха сөбүн, итини таһынан байыаннай дьайыы бара турар сиригэр үрдүк сололоох чунуобунньуктары сырытыннарыы туох туһалаах буолуоҕун кэпсээбит.

Санатан эттэххэ, Юрий Трутнев  байыаннай дьайыы бара турар сиригэр үлэтинэн элбэхтик сылдьар. Кини эппитинэн, аан бастаан байыаннай дьайыы бара турар сиригэр тиийэн, көрөн баран «патриотизм» диэн тыл суолтатын атыннык өйдүүр буолбут.

«Бүгүн, тыһыынчанан биһиги эдэр уолаттарбыт инники күөҥҥэ кыракый окуопаҕа ытыалаһа сыттахтарына, патриотизм диэн  «Ийэ дойдуну таптааһын» диэн өйдүүр тутах. Билиҥҥи кэмҥэ патриотизм – кыайыыны ситиһэргэ Ийэ дойдуга көмөлөһүү буолар», – диэн этэр кини.

Уһук Илин Федеральнай уокурукка РФ Бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев интервьютун сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ: https://primamedia.ru/news/1539811/

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
8 сентября
  • 11°C
  • Ощущается: 9°Влажность: 43% Скорость ветра: 6 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: