Уһук Илиҥҥи уокурук боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев Курскай уобаласка баҕа өттүнэн барааччылары – Уһук Илин уокуругун боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлистибэтин аппараатын, Илиҥҥи сайдыы министиэристибэтин үлэһиттэрин уонна ТОФ муора пехотатын 155-с гвардейскай биригээдэтин байыастарын кытары көрүстэ.
“Билигин биһини дойдубутун номоххо киирбит муора пехотатын 155-с гвардейскай биригээдэтин байыастара уонна биир идэлээхтэрбит, судаарыстыбаннай сулууспалаахтар көмүскүүллэр. Курскай уобалаһы харыстыырга уонна босхолуурга инники кирбиигэ сылдьар байыастарга наадалааҕы барытын сайаапканы тутаат да тириэрдии олус суолталаах. Биһиги Арассыыйа Оборонаҕа министиэристибэтин уонна Арассыыйа үтүө саналаах тыһыынчанан дьонун кытары барытын оҥоробут уонна тириэрдэбит”, — диэтэ Юрий Трутнев.
Сэби-сэбиргэли, анал таҥаһы-сабы Илиҥҥи байыаннай уокурук Донбаска баар байыаннай сулууспалаахтара, мобилизованнайдар уонна баҕа өттүнэн барбыттар туттулар. Байыастарга “Патриотическай” ТОР тэрилтэлэрин бородууксуйаларын биэрдилэр. Кинилэр Саха сириттэн эндуро матасыыкыллары, Забайкалье кыраайыттан FPV-дроннары, Саха сиринээҕи «ЯКТ-СОКОЛ” ХЭО-тан үрдүк кыамталаах снегоболотоходтары туттулар. Маннык тиэхиньикэ байыаннай дьайыы сиригэр тиһигин быспакка ыытыллар.
«Биһиги байыастарбытыгар уопсай өйөбүл наада. Ким эрэ пуруоҥҥа гуманитарнай көмөнү оҥорор, сорохтор саҥа эрэгийиэннэр сирдэрин-уоттарын чөлүгэр түһэрэллэр, ким эрэ инники кирбиигэ сылдьар байыастар дьиэ кэргэттэригэр баҕа өттүнэн көмөлөһөр. Кырдьыгынан этэбин, биһиги билигин баҕа өттүнэн барааччылар төрдүс бөлөхтөрүн бэлэмниибит. Хас биирдиибит тус кылаатыттан Арассыыйа инникитэ тутулуктаах”, — диэн Юрий Трутнев бэлиэтээн эттэ.
ХИФУ «Лингвистическая экология Арктики» аан дойдутааҕы научнай-чинчийэр лабораториятын учуонайдара эспэдииссийэ кэмигэр Орто Халыма оройуонугар ханна…
Саха сириттэн 63 саастаах биэнсийэлээх дьахтар мэдииссинэ фирмата тэрийбит түөкүннээһин схематын сиэртибэтинэн буолла. Дьахтар 900…
Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Ленинград куорат 872 күннээх өстөөх ытарчатын тулуйбута. Бу ытык сир көмүскэлигэр…
Бу анал байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин үйэтитиигэ туһуламмыт көҕүлээһин ааптардарынан «Аҕа дойду көмүскээччилэрэ» пуонда уонна Москватааҕы…
Куйаар ситимигэр нейросеть Аҕа дойду Улуу Сэриитин саллааттарыгар анаммыт пааматынньыктары тилиннэрбитин тарҕаттылар. Нейросеть хараҕынан пааматынньыктар…
Дьокуускайга быраастар 70 саастаах дьахтар оһоҕоһуттан үс абрикос фруктаны хостоон таһаарбыттар. Дьахтар балыыһаҕа абрикостары ыйыстан,…