Юрий Трутнев: «Байыаннай үөрэх систиэмэтин сөргүтүөххэ наада»

Юрий Трутнев: «Байыаннай үөрэх систиэмэтин сөргүтүөххэ наада»

17.10.2025, 12:34
Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна
Бөлөххө киир:

РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы уонна Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка бэрэсидьиэн боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев оскуолаҕа начаалынай байыаннай үөрэтии систиэмэтин сөргүтүү суолталааҕын тоһоҕолоото. ТАСС-ка биэрбит интервьютугар  ыччат Ийэ дойдуну көмүскүүргэ наадалаах дьиҥнээх билиини уонна сатабылы ыларын хааччыйар туһугар, баар бырагыраамалар улахан уларытыылары ирдииллэрин бэлиэтээтэ.

«Биһиги оҕолорбутун дьиҥнээхтик үөрэтиэхтээхпит. Эйэлээх кэм дуу, сэрии кэмэ дуу буоллун, улахан суолтата суох —  Ийэ дойдубутун көмүскүүргэ хайаан да бэлэм буолуохтаахпыт», — диэн бэлиэтээтэ Трутнев.

«Воин» байыаннай-патриотическай үөрэхтээһин кииннэрин сайыннарыы туһунан этэригэр, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы бэрэсидьиэн Владимир Путин сорудаҕынан тэриллибит улахан суолталаах хамсааһын буоларын тоһоҕолоото. Күн бүгүн дойду 21 эрэгийиэнигэр, ол иһигэр Бурятияҕа, Саха сиригэр уонна Донбасска салаалар үлэлииллэр. Киин 40-тан тахса үөрэх бырагырааматын олоххо киллэрэр: тактическай уонна инженернэй үөрэхтэн саҕалаан, пилота суох салгын систиэмэтин, сибээс уонна мэдиссиинэ куурустарыгар тиийэ.

Ордук улахан болҕомто «Эдэр дьоруойдар кэмнэрэ» сайыҥҥы бырагыраамаҕа ууруллар. 2025 сыллаахха бырагыраамаҕа 13 000 кэриҥэ курсант кытынна — ааспыт сылга тэҥнээтэххэ, 15%-нан элбэх.

«Патриотизм диэн лозунг буолбатах, дьайыы. Ыччат Ийэ дойдуну сэрии сэбинэн эрэ буолбакка, сыралаах үлэ, билии, уопсастыбаҕа сулууспалааһын көмөтүнэн көмүскүөххэ сөбүн өйдүөхтээх», — диэн Юрий Трутнев тоһоҕолоото.

Кини өссө «Воин» киин сэртипикээттэрэ оскуоланы бүтэрээччилэргэ үнүбэрсиэттэргэ туттарсыыга эбии баалы биэрэллэрин туһунан иһитиннэрдэ — 11 эрэгийиэн 27 үнүбэрсиэтигэр 2-тэн 10 баалга диэри.

Юрий Трутнев 2030 сылга диэри РФ бары эрэгийиэннэригэр «Воин» киин филиаллара аһыллыахтара, анал байыаннай дьайыы дьоруойдарын ааттара иҥэриллиэхтэрэ диэн бэлиэтээтэ.

Бары сонуннар
Салгыы
18 октября
  • -10°C
  • Ощущается: -16°Влажность: 85% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: