Юрий Трутнев байыастары кытта көрүстэ

Share

РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы — Уһук Илиҥҥэ бэрэсидьиэн боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев Курскай уобаласка көҥүл өттүнэн барааччылар хамаандаларын — Уһук Илиҥҥэ бэрэсидьиэн боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлин, Уһук Илини, Арктиканы сайыннарыы министиэристибэтин, Уһук Илини, Арктиканы сайыннарыы корпорациятын үлэһиттэрин уонна  муора пехотатын 155-с гвардейскай биригээдэтин байыастарын кытта көрүстэ.

— Курскай — ураты сир. Курскай уобалас сорох чааһын өстөөхтөр, украинскай нацистар уонна омук наемниктара былдьаатылар. Бүгүн  Ийэ дойдубутун аатырбыт 155-с гвардейскай биригээдэ байыастара уонна биһиги кэлиэгэлэрбит, көҥүл өттүнэн барбыт судаарыстыбаннай сулууспалаахтар көмүскүүллэр. Курскай уобалаһы босхолооһуҥҥа инники күөҥҥэ сылдьар байыастар туохха наадыйаллара барыта  түргэнник тиэрдиллэрэ улахан суолталаах. Биһиги Арассыыйа оборуонаҕа министиэристибэтин уонна тыһыынчанан көмөлөһөр баҕалаах дьону кытта бииргэ ити үлэни оҥоробут, — диэн Юрий Трутнев эттэ.

Юрий Трутнев сорудаҕынан, байыаннай дьайыы инники күөнүгэр сылдьар байыаннайдарга Уһук Илин уокуругун олохтоохторун ааттарыттан сэрии сэбин, анал таҥас-сап, тырааныспар, «Патриотическая» ТОР бородууксуйатын уочараттаах баартыйата тиэрдилиннэ.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

Бу  маллары Донбасска баар Илиҥҥи байыаннай уокурук байыастара уонна Уһук Илиннээҕи баҕа өттүнэн барбыт дьон холбоһуктара ыллылар.

Байыастарга «Патриотическая» ТОР бородууксуйатын, Саха сириттэн эндуро элэктэриичэскэй матассыыкыллары, Забайкальскай кыраайтан FPV-дроннары, «ЯКТ-СОКОЛ» тэрилтэ хаарынан, бадараанынан сылдьар тырааныспардарын туттулар. Бу маннык тырааныспар суола-ииһэ суох сиринэн сылдьан, бааһырбыт дьону таһаартыырга, аһы-үөлү таһарга бэртээхэй.

Маны тэҥэ, радиоэлектроннай разведка уонна кыргыһыы тэриллэрин, оптическай прибордары, сылааһы булан көрөр прицеллары, оскуолактан көмүскүүр көстүүмнэри, дроннары ытар саалары, ботуруоннары, снайпер кэмпилиэктэрин ыыттылар.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
2
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Ил Түмэн дьокутаата Гаврил Алексеев быыбардааччыларын кытта көрүстэ

Халыма-Индигиир уокуругар Ил Түмэн дьокутаата Гаврил Алексеев “Биир ньыгыл Арассыыйа” уопсастыбаннай приемнайыгар быыбардааччыларын кыһалҕаларын кытта…

8 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха тыйаатырын артыыстара кыттыылаах «Злой город» киинэ киэҥ экрааннарга тахсыаҕа

Тохсунньу 30 күнүттэн Арассыыйа бары киинэ тыйаатырдарыгар режиссер Константин Буслов "Злой город" диэн киинэтэ көстүөҕэ.…

8 часов ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Миниистирдэр “С чего начинается Родина?” ырыаны толордулар

Үөрэх, билим миниистирэ Нюргуна Соколова уонна Арассыыйа Дьоруойа, ыччат дьыалаларыгар, социальнай коммуникацияларга миниистир эбээһинэһин толорооччу…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

Ыйыт-хоруйдуубут: Уоту туһаныы кээмэйин диапазоннара

Бу күннэргэ биһиги ааҕааччыбыт уоту туһаныыга төлөбүр туһунан мунаахсыйан ыйытыы биэрбит. Ыйытыы: Уоту туһаныы тарыыбыгар…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Саха сиригэр ОРВИ-нан ыалдьыы нэдиэлэ иһигэр 36 % улаатта

37%-нын кириип, 35%-нын кириип буолбатах ыалдьыы, 28%-нын COVID-19 ылаллар. Саха сиригэр сытыы респираторнай вируснай инфекция…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй

Дьыл Оҕуһун муоһа хаһан түһэрий?

Дьыл Оҕуһун муоһа хаһан түһэрий  диэн мөккүөр сыл аайы күөдьүйэр.  Оттон дьиҥнээҕэ хайдаҕый? Саха төрүт…

10 часов ago