Юрий Трутнев: «Бэрэсидьиэн биир кэлим субсидиятын үбүнэн Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка 2 тыһыынчаттан тахса социальнай эбийиэк тутулунна»
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы-РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев Уһук Илин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар бырабыыталыстыба хамыыһыйатын президиумун мунньаҕын салайан ыытта.
Бу туһунан РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥи федеральнай уокуругун боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
«Хамыыһыйа үлэлиирин тухары, бэрэсидьиэн биир кэлим субсидиятын бырагырааматынан эрэ, Уһук Илиҥҥэ икки тыһыынча кэриҥэ социальнай эбийиэктэр – оскуолалар, балыыһалар, уһуйааннар, биэлсэр-акушер пууннара, култуура кииннэрэ, успуорт эбийиэктэрэ тутуллуннулар уонна саҥардылыннылар итиэннэ икки тыһыынча кэриҥэ тиэргэн өрөмүөннэннэ. Бу үлэ бүтүн дойдубутугар улахан суолталаах. Бүгүҥҥү президиум мунньаҕын туһунан эттэххэ, «ВЭБ.РФ» судаарыстыбаннай корпорация суотугар үбүлэнэр инвестиционнай бырайыактары бастакы күөҥҥэ таһаарыыга сыһыаннаах боппуруостары көрүөхпүт. Бу эбийиэктэр улахан суолталаахтар уонна РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин сорудаҕынан оҥоһуллубут Уһук Илиҥҥи куораттар генеральнай былааннарыгар уонна сайдыыларыгар киирэллэр. Иккис боппуруоһунан Амур уобалаһыгар баар кииннэр социальнай сайдыыларын былааныгар киирбит уларытыылары көрүөхпүт», — диэн эттэ Юрий Трутнев мунньаҕы аһарыгар.
«ВЭБ.РФ» судаарыстыбаннай сайдыы корпорацията РФ Уһук Илин уонна Арктика сайдыытыгар министиэристибэтин нөҥүө чэпчэтиилээх үбүлээһини хааччыйыыга «Дальневосточнай концессия» бырагырааматын чэрчитинэн олоххо киирбит сорох инвестиционнай бырайыактар бастакы күөҥҥэ тураллар. Бырайыактар култуурунай нэһилиэстибэни харыстааһыҥҥа уонна үрдэтиигэ, Уһук Илин олохтоохторун сынньалаҥын хааччыйыыга туһуланаллар. Чуолаан, Бурятия Өрөспүүбүлүкэтин национальнай мусуойун уонна Улан-Удэтааҕы «Байкал» тыйаатыр уонна култуура киинин тутуу бырайыактара чэпчэтиилээх үбүлээһини ылыахтара. Улан-Удэ маастар-былаанын бу сүрүн бырайыактара урутаан сайдыы территориятын чэрчитинэн олоххо киирэллэр. Бурятия саҥа мусуойа билигин баар үс мусуойу түмүөҕэ, быыстапканы саҥардыаҕа, 3,5 тыһыынчаттан тахса экспонаты биир дьиэ анныгар туруоруоҕа, 73 култуура диэйэтэлин үлэнэн хааччыйыаҕа. Бурятия култуурунай нэһилиэстибэтин харыстыырга «Байкал» саҥа театральнай-култуурунай киинэ эмиэ көмөлөһүөҕэ. Манна «Байкал» ырыа уонна үҥкүү национальнай тыйаатырын труппата киириэҕэ. Бырайыак олоххо киириитэ икки төгүл элбэх испэктээкили туруорар, түөрт төгүл элбэх көрөөччүнү киллэрэр кыаҕы биэриэҕэ.
Хабаровскай кыраай Бычиха нэһилиэгэр Уһук Илиҥҥи оҕо сынньалаҥын уонна чэбдигириитин киинин тутууга өйөбүл оҥоһуллуоҕа. Ону олоххо киллэрии чэрчитинэн оҕолор хаачыстыбалаахтык сынньаналларыгар наадалаах спортивнай, сынньалаҥ, административнай уонна да атын инфраструктура барыта тутуллуоҕа.
Кэпсэтиилэр түмүктэринэн, Юрий Трутнев РФ Уһук Илин уонна Арктика сайдыытыгар министиэристибэтигэр Магадаҥҥа муора туристическай киинин тутуу бырайыагын олоххо киллэрии кэриҥин чуолкайдаан, бырайыагы үбүлээһини оптимизациялыыр быһаарыыны ылалларыгар сорудахтаата.
Амур уобалаһыгар экэнэмиичэскэй үүнүү сайдыытын кииннэрин былааныгар уларытыылар киллэрдилэр. Судаарыстыба баһылыгын аатыттан олоххо киирбит Свободнай куорат таһынааҕы сырдатыытын саҥардан оҥоруу бырайыага өйөбүлү ылла. Бу бырайыакк эмиэ «Дальневосточнай концессия» бырагырааматын чэрчитинэн олоххо киирэр.
Мунньаҕы түмүктүүрүгэр Юрий Трутнев бырабыыталыстыба өйөбүлүн ирдиир бырайыактары улахан экэнэмиичэскэй көдьүүстээх буолалларыгар олоҕуран талар наадалааҕын тоһоҕолоото. «Биһиги бүддьүөт үбүн көдьүүстээхтик туһаныахтаахпыт», — диэн бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы эттэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: