Юрий Трутнев: Уһук Илиҥҥэ 2 тыһ. тахса социальнай эбийиэк тутулунна, 2 тыһ. кэриҥэ тэлгэһэ өрөмүөннэннэ
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы-РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев Уһук Илин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар бырабыыталыстыба хамыыһыйатын президиумун мунньаҕын салайан ыытта. Ити туһунан РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥи федеральнай уокуругун боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
“Хамыыһыйа үлэтин тухары бэрэсидьиэн субсидиятын кэлим бырагырааматынан Уһук Илин уокурукка икки тыһыынча кэриҥэ социальнай эбийиэк – оскуола, балыыһа, уһуйаан, биэлсэр-акушер пууна, култуура дьиэтэ, успуорт эбийиэгэ тутулунна, саҥардыллан оҥоһулунна итиэннэ икки тыһыынча кэриҥэ тэлгэһэ өрөмүөннэннэ. Бу үлэ дойдуга бүтүннүүтүгэр улахан суолталаах” – диэн Юрий Трутнев мунньах саҕаланыытыгар этэ.
“Уһук Илин сөбүлэҥэ” бырагырааманан олоххо киирэр кэккэ инвестиционнай бырайыактар дойду Уһук Илини сайыннарыыга министиэристибэтин лииньийэтинэн “ВЭБ.РФ” судаарыстыбаннай сайыннарыы корпорациятынан чэпчэтиилээх үбүлээһини көрүүгэ суолталаахтарынан ааҕыллар. Бырайыактар култуура нэһилиэстибэтин хаҥатар, чөл хаалларар, Уһук Илин уокурук олохтоохторун сынньалаҥынан хааччыйарга, чөлүгэр түһэриигэ туһаайыллаллар.
Мунньаҕы түмүктүүрүгэр Юрий Трутнев судаарыстыбыннай өйөбүлү эрэйэр бырайыактары, кинилэр экэнэмиичэскэй көдьүүстэриттэн аттаран сүүмэрдиир ирдэнэрин бэлиэтээтэ. “Биһиги бүддьүөт үбүн көдьүүстээхтик туһаныахтаахпыт” – диэн эттэ. Сиһилии манна ааҕыҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: