Юрий Трутнев: Уһук Илиҥҥэ 2 тыһ. тахса социальнай эбийиэк тутулунна, 2 тыһ. кэриҥэ тэлгэһэ өрөмүөннэннэ

Share

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы-РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев Уһук Илин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар бырабыыталыстыба хамыыһыйатын президиумун мунньаҕын салайан ыытта. Ити туһунан РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥи федеральнай уокуругун боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Хамыыһыйа үлэтин тухары бэрэсидьиэн субсидиятын кэлим бырагырааматынан Уһук Илин уокурукка икки тыһыынча кэриҥэ социальнай эбийиэк – оскуола, балыыһа, уһуйаан, биэлсэр-акушер пууна, култуура дьиэтэ, успуорт эбийиэгэ тутулунна, саҥардыллан оҥоһулунна итиэннэ икки тыһыынча кэриҥэ тэлгэһэ өрөмүөннэннэ. Бу үлэ дойдуга бүтүннүүтүгэр улахан суолталаах” – диэн Юрий Трутнев мунньах саҕаланыытыгар этэ.

“Уһук Илин сөбүлэҥэ” бырагырааманан олоххо киирэр кэккэ инвестиционнай бырайыактар дойду Уһук Илини сайыннарыыга министиэристибэтин лииньийэтинэн “ВЭБ.РФ” судаарыстыбаннай сайыннарыы корпорациятынан чэпчэтиилээх үбүлээһини көрүүгэ суолталаахтарынан ааҕыллар. Бырайыактар култуура нэһилиэстибэтин хаҥатар, чөл хаалларар, Уһук Илин уокурук олохтоохторун сынньалаҥынан хааччыйарга, чөлүгэр түһэриигэ  туһаайыллаллар.

Мунньаҕы түмүктүүрүгэр Юрий Трутнев судаарыстыбыннай өйөбүлү эрэйэр бырайыактары, кинилэр экэнэмиичэскэй көдьүүстэриттэн аттаран сүүмэрдиир ирдэнэрин бэлиэтээтэ. “Биһиги бүддьүөт үбүн көдьүүстээхтик туһаныахтаахпыт” – диэн эттэ.  Сиһилии манна ааҕыҥ.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Үөрэх

Саха сиригэр кылаас салайааччыларын пуорума саҕаланна

Бүгүн, ахсынньы  4 күнүгэр, “Классное руководство - ядро единого образовательного пространства” кылаас салайааччыларын өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Саха сирин санаторийдарынан 4 тыһыынча кэриҥэ киһи сынньаммыт

Ааспыт сайыҥҥы сезоҥҥа Саха сирин санаторийдарынан ситиһии бэлиэтэннэ, ол курдук нэһилиэнньэҕэ путевкаларга наадыйыы ирдэбилин көрдөрүүлэрэ…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

СҮБЭҺИТ: Мандарины сөпкө харайабыт

Саҥа дьыл бырааһынньыгын иннинэ хас биирдии хаһаайка аһылыгын эрдэттэн атыылаһан хаһаанар уонна астаан тоҥоро уурар…

9 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сириттэн байыастарга Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри ыытыахтара

Саха сириттэн Саҥа дьыл бырааһынньыктааҕы бородуукта набордарын анал байыаннай дьайыы зонатыгар байыастарга ыытыы саҕаланна. Бу…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга ыччаты патриотическай иитиигэ сиэксийэ аһылынна

Ахсынньы 4 күнүгэр, «Имя твоё неизвестно, подвиг твой бессмертен» диэн Биллибэт саллаат күнүгэр «Патриотическое воспитание…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр 600-тан тахса эдэр миэдиктэри чиэстээтилэр

Ахсынньы 4 күнүгэр Дьокуускайга доруобуйа харыстабылын эдэр исписэлиистэрин үөрүүлээхтик эҕэрдэлээтилэр. Быйыл Саха сирин мэдисиинэ училищетын…

9 часов ago