Юрий Трутнев Бойобуой снайпинг Федерациятын попечительскэй Сэбиэтин салайыаҕа
РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы-РФ Бэрэсидьиэни Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев «Бойобуой снайпинг Федерацията» Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаннай тэрилтэ попечителлэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн ананна.
Бу туһунан СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата суруйар.
«Арассыыйаҕа снайпер ускуустубатын сөргүтүүгэ уонна сайыннарыыга улахан үлэ саҕаланна. Бу биһиги дойдубутун өссө күүстээх оҥорорго кыаҕы биэриэҕэ. Снайпердар үлэлэрэ ирдэнэр. Тыһыынчанан байыастарбыт анал байыаннай дьайыы зонатыгар өстөөҕу утары киирсэллэр, снайпердар окуопаттан төбөлөрүн өндөтөргө кыах биэрбэттэр. Онуоха Саха сиригэр ыраах ытыыга «Сулус» үөрэтэр-ытар киин тэриллибитэ. Приморьеҕа «Восток» диэн снайпердары бэлэмниир киин тэриллиэҕэ», — диэтэ Юрий Трутнев.
«Федерация анал байыаннай дьайыы кэмигэр снайпердар комплекстарын туттар. Федерация биир сыалынан «Ворошиловскай стрелок» ытыы кууруһун сөргүтүү буолар. Юрий Трутнев салалтатынан биһиги, анал байыаннай операция бэтэрээннэрэ, стрелок-спортсменнар, энтузиастар туруоруллубут сыаллары уонна соруктары барытын олоххо киллэрэбит. Биһиги Юрий Трутневка махтанабыт», – диэн бэлиэтээтэ Арассыыйа Дьоруойа, гвардия майора Ярослав Якубов.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: