Юрий Трутнев «Буойун» киин үлэтин үрдүктүк сыаналаата
Арассыыйа Бырабыыталыстыбатын вице-премьерэ — РФ Бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев Саха сиригэр сылдьан «Буойун» киин эрэгийиэннээҕи филиалын сайыннарыы боппуруостарыгар сүбэ мунньаҕы ыытта.
Мунньаҕы Ил Дархан Айсен Николаев иилээн-саҕалаан ыытта. Санатан эттэххэ, Саха сирэ «Буойун» киин филиала аһыллыбыт дойду бастакы субъектарыттан биирдэстэрэ буолбута уонна үлэтин кэмигэр гражданнары байыаннай-патриотическай иитиигэ туһуламмыт биир дьоһун салаатын быһыытынан көрдөрбүтэ. Бу кэмҥэ 1,1 тыһ. тахса курсааҥҥа бэлэмнэнии ыытыллыбыта, оттон билиҥҥитэ 330-тан тахса киһи үөрэнэ сылдьар. «Кинилэр тактическай уонна инженернэй бэлэмнэниини ааһаллар, сибээһи тэрийиини, тактическай мэдиссиинэни, БПЛА көтүтэри үөрэтэллэр уонна Арассыыйаҕа национальнай куттала суох буолуутун сүрүн билиилэрин ылаллар», — диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.
Юрий Трутнев Саха сирин киин филиалын үлэтигэр үрдүк сыанабылы биэрдэ уонна филиал дьиҥнээх патриоттар уонна ийэ дойдуну көмүскээччилэрин бастыҥ оскуолатынан ааттаата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: