Юрий Трутнев быстах хомуурга ыҥырыллыбыт байыастары кытта көрүстэ

Юрий Трутнев быстах хомуурга ыҥырыллыбыт байыастары кытта көрүстэ

Ааптар:
18.10.2022, 14:02
Бөлөххө киир:

Хабаровскай кыраайга Илиннээҕи байыаннай уокурукка анал үөрэтэр киин тэрилиннэ. РФ бэрэсидьиэнигэр Уһук Илин федеральнай уокурук боломуочуйалааҕа — вице-премьер Юрий Трутнев киини бэлэмниир үлэ хайдах-туох бара турарын билистэ уонна быстах хомуурга  ыҥырыллыбыт байыастары кытары көрүстэ. 

Юрий Трутнев полигоҥҥа сылдьан, байыастар бойобуой дьайыы кэмигэр хайдах-туох ньыманы туһанан дьарыктаналларын көрдө-иһиттэ. Кини бу күннэргэ Уһук Илин уокурук эрэгийиэннэрин салайааччылара быстах хомуурга ыҥырыллыбыттары уонна баҕа өттүнэн барбыттары хонтуруолга туталларыгар ыҥырбыта.  «Миэстэтигэр тиийэн, ыҥырыллыбыт уонна баҕа өттүнэн тиийбит байыастар билиҥҥи ирдэбилгэ эппиэттиир гына сэбилэммиттэрин, сөптөөх таҥаһынан-сабынан хааччыллыбыттарын, үөрэниини этэҥҥэ ааһалларын хонтуруоллуохха наада», — диэн Юрий Петрович быһаарбыт. Онон Юрий Трутнев Уһук Илиҥҥи уокурукка быстах хомуурга ыҥырыллыбыттары байыаннай дьыалаҕа бэлэмнээһини  кытаанах хонтуруолга ылан олорор. Кини Хабаровскайга оробуочай сырыытынан  кэлээт, тута  үөрэтэр кииҥҥэ тиийэн, «Настарыанньа хайдаҕый?»,  —диэн ыйыппытыгар, «Бойобуой!», — диэн тыллар иһилиннилэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: