Юрий Трутнев ДНР-га байыаннай кэрэспэдьиэҥҥэ бириэмийэ туттарда

Share

Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэҕэ сырыытын кэмигэр РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – РФ Бэрэсидьиэнин УИФУо-ҕа боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев “В.К.Арсеньев аатынан “Уһук Илин” Бүтүн Арассыыйатааҕы литературнай бириэмийэ үһүс анал сиэссийэтигэр “Велес” диэн позвынойдаах байыаннай кэрэспэдьиэҥҥэ саҥа эрэгийиэннэр сонуннарын сырдатыы иһин бириэмийэ туттарда.

Самара байыаһа, ааптар уонна прозаик, “VELES тихонько пишет” телеграм-ханаал ааптара “Киһи дьылҕата” номинацияҕа кыайбытын иһин 500 тыһ. солк. сэртипикээти тутта. Кини байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан бойобуой дьайыыга кыттар.

“Биһиги дойдубут байыаннай эпэрээссийэни ыытар. Онон Арассыыйа тоҕо маны ыытарын, саҥа сирдэргэ-уоттарга туох буоларын туһунан кэпсиир олус суолталаах. Байыаннай дьайыы зонатыгар байыаннай кэрэспэдьиэннэр уустук  усулуобуйаҕа үлэлииллэр. Кинилэр соруктара – дьоҥҥо кырдьыгы тиэрдии”, — диэтэ Юрий Трутнев.

“Уһук Илин” литературнай бириэмийэ 2018 сылтан Юрий Трутнев көҕүлээһининэн ыытыллар. Бириэмийэ биллэр нуучча айанньытын, геограбын, этнограбын, суруйааччытын Владимир Клавдиевич Арсеньев аатын сүгэр. Алта сезон устата Бириэмийэни ылыыга Арассыыйа 25 субъегыттан 500 тахса сайаапка киирбитэ.

Былырыын олунньуга вице-премьер көҕүлээһининэн байыаннай дьайыыны кытта сибээстээх бириэмийэни олохтуур туһунан быһаарыы ылыныллыбыта. Дьүүллүүр сүбэҕэ  Арассыыйа Култууратын  министиэристибэтэ, ТАСС, А.М. Горькай аатынан Литературнай институт, Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһа, биллэр байыаннай кэрэспэдьиэннэр киирбиттэрэ.

Анал сессия түөрт номинациялаах: ”Байыаннай дьайыыга киһи дьылҕата”, «Хайдах дьоруой буолаллар?”, “Эйигин күүтэбит!”,  “Кыайыыга хардыылар”, “Байыаннай дьайыыны куруук сырдатарын иһин”. Икки сыл устата анал сиэссийэҕэ 12 киһи кыайбыта.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

11 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

13 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

14 часов ago