Юрий Трутнев: Дьокуускай маастар-былаанын бэлэмнээһин үрдүк таһымнаахтык барар

Share

Бүгүн, муус устар 10 күнүгэр, РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илин федеральнай уокуругун боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев Саха сиригэр оробуочай сырыытын чэрчитинэн Дьокуускай куорат маастар-былаанын бэлэмнииргэ аналлаах мунньаҕы ыытта.  

Хаартыскаҕа Андрей Сорокин түһэриитэ.

«РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа Уһук Илиҥҥи уокурук куораттарын тупсарар туһунан быһаарыныыны ылыммыта. Бу — дьон олорор усулуобуйатын тупсарыыга аналлаах ураты тэрээһин буолар. Саҥардан оҥорууга барыта 25 куорат хабылынна. Тустаах үлэ саҕаланна. Бастакы түһүмэҕинэн  куораттар маастар-былааннарын бэлэмнээһин буолар. Алта маастар-былаан РФ Бэрэсидьиэнин көрүүтүгэр киирбитэ уонна бигэргэммиттэрэ. Бүгүн Дьокуускай куорат маастар-былаанын көрөбүт», – диэн  Юрий Трутнев мунньаҕы аһар киирии тылыгар эттэ.

Дьокуускай нэһилиэнньэтин ахсаанынан Уһук Илиҥҥи куораттарга үһүс миэстэлээх. Билиҥҥи туругунан Дьокуускайга 378,5 тыһ. киһи олорор. Уон сыл иһигэр куорат олохтооҕо 75,5 тыһ. киһинэн эбиллибит.  25 %-ҥа тэҥнэһэр. 2030 сылга диэри киин куорат олохтооҕо 418 тыһ. киһиэхэ тиийиэҕэ. Бу, биллэн турар, инфраструктураҕа ноҕуруусканы үөскэтэр.

«Маастар-былаан бу көннөрү генеральнай былаан буолбатах, куорат сайдыытын бүттүүнүн хабар аналлаах.  Ол курдук, социальнай, экэнэмиичэскэй, демографическай  хайысхалар таарыллаллар. Кэлиҥҥи сылларга киин куорат уонна өрөспүүбүлүкэ сайдыыта тэтимнээхтик барар уонна куорат нэһилиэнньэтин ахсаана эбиллэр. Дьокуускай Уһук Илиҥҥи уокурукка эрэ буолбакка, дойду үрдүнэн түргэнник улаатар куораттартан биирдэстэрэ буолар», – диэн Ил Дархан Айсен Николаев эттэ.

Мунньахха олорор дьиэни тутууну сайыннарар комплекснай бырайыактары сэргэ «Спортивнай», «Звёзднай», «Өлүөнэ очуостара» диэн саҥа микрооройуоннары уонна спортивнай-чэбдигирдэр  комплекстары тутуу боппуруостара көрүлүннүлэр. Ылыныллыбыт соруктары олоххо киллэрэр инниттэн киин куораты сайыннарар сүрүн хайысхалар быһаарылыннылар. Маны олоххо киллэриигэ төһүү күүһүнэн Дьокуускай куорат аттыгар баар территориялары урутаан сайыннарарга аналлаах инвестиционнай былаһааккалар буолуохтара.  РИА бөдөҥ хампаанньа тутуу блогун быһаарар собуоттары тутуоҕа,  манан тутуу матырыйаалларын оҥоруу үрдүүрэ ситиһиллиэхтээх. Арктика улуустарыгар таһаҕаһы тиэрдиигэ үлэлиэхтээх суудуналарынан хааччыйыахтаах Жатайдааҕы судоверфь үлэтин саҕалыаҕа. Дьокуускай куорат аттынааҕы нэһилиэнньэлээх пууннарыгар агрохайысханы сайыннарыыга болҕомто ууруллуоҕа. Холобур, «Саюри» ХЭУо тэпилииссэтин төрдүс уочарата, Хатаска хотон комплекска (роботизированнай комплекс), сүөһүнү өлөрөн астыыр-үөллүүр сыахтар тутуллан үлэҕэ киириэхтэрэ. «Үлэ кыбаартала» уонна ИТ-паарканы сайыннарыыга  сөптөөх үлэ ыытыллыаҕа.

«Быйыл бэс ыйыгар Дьокуускай куорат маастар-былаанын РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көрүүтүгэр киллэриэхпит. Тустаах  маастар-былааны бэлэмнээһин үрдүк таһымнаахтык барар. Кэккэ боппуруостар быһаарыллыахтарын наада. Холобур, үбү көрүү», – диэн Юрий Трутнев мунньаҕы түмүктүүр тылыгар эттэ.

Хаартыскаҕа Андрей Сорокин түһэриитэ.
Хаартыскаҕа Андрей Сорокин түһэриитэ.
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago