Юрий Трутнев: “Хотугу муора суола – Арассыыйа экэниэмикэтигэр саамай көдьүүстээх улахан бырайыак”

Юрий Трутнев: “Хотугу муора суола – Арассыыйа экэниэмикэтигэр саамай көдьүүстээх улахан бырайыак”

08.06.2023, 14:11
Хаартыска: Андрей Сорокин.
Бөлөххө киир:

Ити курдук РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – РФ бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥи уокурукка боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев, РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин салайыытынан барбыт хотугу муора суолун  сайыннарыыга стратегическай сиэссийэ түмүгүнэн эттэ.  

“2035 сылга диэри федеральнай бүддьүөттэн 600 млрд. солк. көрүллэн,  хотугу муора суолун сайыннарыы былаана бүддьүөт бары таһымын нолуокка киириитэ 21 трлн. солк. тэҥнэһиэҕэ. Бу Арассыыйаҕа экэнэмиичэскэй өттүнэн саамай көдьүүстээх инвестицияланар  бөдөҥ  бырайыак диэн хорсуннук этиэххэ сөп”, — диэн Юрий Трутнев бэлиэтээтэ.

Хотугу муора суолун биир сүрүн өрүтүнэн таһаҕаһы түргэнник тиэрдии буолар. Мурманскайтан Шанхайга диэри Суэцкай ханаалынан  икки төгүл аҕыйыыр, оттон онон барыы бириэмэтинэн үс гыммыт биирин ылар. Ону кытта итэҕэстэр эмиэ бааллар. Бу бастатан туран, сыл улахан аҥаарыгар мууһу солуур аал арыаллааһынын ирдэниитэ уонна солуур аалынан хааччыйыыттан аара пууннар (транзит) төлөбүрдэрин сыаната эбиллиитэ буолар. “Ол эрээри, бүгүҥҥү түгэҥҥэ Арассыыйа арктикатааҕы улахан бырайыактарын олоххо киллэриигэ, хотугу муора суолуттан ураты талар суол суох”, — диэн Юрий Трутнев бэлиэтээтэ.

Дойду баһылыгын сорудаҕар олоҕуран, РФ Бырабыыталыстыбата бигэргэппит 2035 сылга диэри хотугу муора суолун сайдыытын былааныгар, биэс баска түмүллүбүт 152 тэрээһин киирэр: таһаҕас баазата, тыраныыспар инфраструктурата, грузовой уонна ледокольнай флот, хотугу муора суолунан суудунан куттала суох сылдьыы, ону тэҥэ, хотугу муора суолун суудунан сырыытын салайыы уонна сайыннарыы.

Былаан тэрээһиннэрин үбүлээһин уопсай кээмэйэ 1,8 трлн. солк. тэҥнэһэр. Итинтэн федеральнай бүддьүөттэн үбүлээһин – 0,6 трлн. солк. “Былаан олоххо киирэр. 2022 сыл түмүгүнэн чопчу түмүктэр быһыытынан “Урал” мууһу солуур аал үлэҕэ киириитин, ону тэҥэ, Сабетта пуорка “Утренний” терминал федеральнай бас билии эбийиэгин бэлиэтиибин”, — диэн вице-премьер эттэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: